Сэтинньи 17 күнүгэр «Түмсүү» култуура дьиэтигэр, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылларын чэрчитинэн, Бүтүн Арассыыйатааҕы Ийэлэр күннэригэр аналлаах Ийэ оҕотунаан минньигэстик астыыр «Битва шефов» асчыттар күөн күрэстэрэ аан маҥнай биһиги Тумаппытыгар ыытылынна.
Үтүө кыһыҥҥы киэһэҕэ ыытыллар сонун тэрээһиҥҥэ кэрэни кэрэхсиир күндү көрөөччүлэрбит, оҕолорбут тоҕуоруһа муһуннулар. Ыытааччы- уус-уран салайааччы Мичил Томскай күн күбэй Ийэлэри сырдык- кэрэ бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн туран : “Бу асчыт эдэр талааннаах, минньигэстик астыыр ийэлэр күөн күрэстэрин хаһыс да сылын былааннаан, дьэ ситэн-хотон, аан бастакытын ыытыллан эрэрин»- тоһоҕолоон бэлиэтээтэ уонна үөрэ-көтө долгуйа, минньигэстик астыыр «Битва шефов» күөн- күрэс кыттыылаахтарын саалаҕа ыҥырда. Ол курдук, кыттыыны ыллылар Розалия Барабанская кыыһа Раялыын, Туяра Бубякина кыыһа Тиналыын, Матрена Томская кыыһа Юрияналыын уонна Людмила Емельянова уола Колялыын. Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн Андриян Горохов – “Түмсүү” култуура дьиэтин дириэктэрэ; дьүүллүүр сүбэ чилиэннэринэн: Ульяна Слепцова – Доруобуйа харыстабылын бэтэрээнэ, олохтоох ааптар; Юлия Горохова – “Тугутчаан” уһуйаан хаһаайыстыбаннай чааһын сэбиэдиссэйэ уонна Юлия Томская – урбаанньыт, үлэлээтилэр.
Күөн күрэспит 5 түһүмэхтээх ааста. Кыттааччылар бэриллибит бириэмэҕэ астарын бэлэмнээн оҥоруохтаахтар, буһарыахтаахтар. 1 түһүмэххэ асчыт хаһаайкалар бэлэмнээн аҕалбыт тортарын киэргэттилэр. Ханнык баҕар бырааһынньык остуолун киэргэтэр торт буолар. Бэриллибит 20 мүн. иһигэр киэргэтэн- симээн араас эгэлгэ сибэккилэрдээх минньигэс тортарын көрүүгэ таһаардылар. 2 түһүмэхпитигэр итии куйааска сөрүүн утаҕы ханнарар Смузи оҥоруута. Бэриллибит 5 мүнүүтэҕэ араас өҥнөөх стаканнарга, бокалларга амтаннаах смузиларын дьүүллүүр сүбэҕэ көрдөрдүлэр.
3 түһүмэххэ улуу нуучча норуотун Масленница бырааһынньыгын сүрүн аһа — блины астааһына буолла. 20 мүн. бэриллибитигэр- плиткаларын холбоон, тиэстэлэрин мэһийэн блиныларын буһардылар. Дьүүллүүр сүбэ амсайда, дьүүллээтэ. 4 түһүмэҕинэн дьиэҕэ сорудах буолла. Кыттааччылар ураты көстүүлээх, киэргэтиилээх креативнай бүлүүдэлэрин билиһиннэрдилэр, көрдөрдүлэр. 3 мүнүүтэ иһинэн көмүскээн кэпсээтилэр. Манна бииртэн биир араас: таба быарыттан торт, фаршированнай балык, балыктан оҥоһуллубут «шуба» рулет уонна түөрт араас бүлүүдэттэн турар сүбүөкүлэ ороссуолугар баттаммыт перепелка сымыыттаах: грузинскай хинкали, бурятскай буузы, нуучча пельменэ, китайскай гедзе, көрдөрүлүннүлэр. 5 түһүмэххэ, ханнык баҕар Хоту дойду хаһаайката төрүт аһын астыахтаах, сатыахтаах диэнтэн сиэттэрэн көмүс хатырыктаах балыктан дьукула астааһына буолла. Түргэн туттуулаах хаһаайкалар 10 мүн. иһигэр дьукула астаан дьүүлгэ таһаардылар. Манна Людмила оҥорбут дьукулатын үчүгэй хаачыстыбалаах диэн бэлиэтээтилэр. Бары күөн- көрсөөччүлэргэ оҕолоро күүс-көмө, илии- атах буоллулар. Түмүккэ кыайыылаах аатын Матрена Томская кыыһынаан ыллылар. Иккискэ Людмила Емельянова уолунаан, үһүскэ Туяра Бубякина кыыһынаан буоллулар. Розалия Барабанская кыыһынаан Раялыын Туоһу суругунан уонна бирииһинэн наҕараадаланнылар. Бары миэстэлэспиттэр Грамоталарынан уонна сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланан үөрдүлэр-көттүлэр. Оттон кэлбит ыалдьыттар- көрөөччүлэр бэйэлэрин «ыалдьар» кыттааччыларын ытыстарын тыаһынан өйөөтүлэр, ыһыытаан-хаһыытаан да ыллылар. Бары кыттааччылары уонна көрөөччүлэри эҕэрдэлээн сыана бэтэрээнэ Маркел Слепцов, ырыаһыт уолаттарбыт: Алексей Горохов, Виул Ребров, Ульяна Суздалова, Жанна Горохова уонна оскуола үөрэнээччитэ Эвелина Сыроватская ырыаларын бэлэх ууннулар.
Кэлбит ыалдьыттар- көрөөччүлэр бэйэлэрин «ыалдьар» кыттааччыларын ытыстарын тыаһынан өйөөтүлэр, ыһыытаан- хаһыытаан да ыллылар.
Минньигэстик астыыр «Битва шефов» ийэ оҕотунаан күөн- күрэһэ ити курдук сэргэхтик ааста. Бары кыттааччыларбытыгар, күүс-көмө буолбут дьоммутугар махтал тылларын тиэрдэн туран, чөл олохтонуҥ, кэрэни кэрэхсээҥ диэн этэбит.
Өссө да сонун, сэргэх тэрээһиннэр ыытыллан истиннэр.
Елизавета Горохова, Тумат н.