Ырыа күнүн бырааһынньыга Тумакка

Ырыа күнүн бырааһынньыга Тумакка

Ырыа — олох аргыһа,
Ырыа — санаа кыната,
Ырыа — дууһа иэйиитэ,
Ыллаа күҥҥүн киэргэтэ.

Ыам ыйын 21 күнүгэр Сахабыт сиригэр 12-с төгүлүн Ырыа күнэ бэлиэтэннэ. Бу сыллар устата араас тэрээһиннэр ыытылыннылар, ырыалар ылланнылар, дьон ырыа ситиминэн сүрдээҕин сомоҕолосто, түмсүүлээх буолла. Бу – барыта ырыаҕа таптал, сүгүрүйүү, ытыктабыл бэлиэтэ буолар. Ырыа олоҕу кытта тэҥҥэ сайда турар норуот тыына, сомоҕолуур күүс, олох дьүөрэтэ уонна доҕуһуола.

Ырыа күнүн бырааһынньыга ТумаккаСаха ырыатын сайдыытын баай ис хоһоонноох устуоруйатын сэгэтэн көрөр эбит буоллахха, саха ырыата кэм кэрдии тэтиминэн үүнэр, сайдар, саҥаттан саҥа таһымҥа тахсар. Ырыаны иһиттэхпитинэ, үөрэбит, санаабыт сайҕанар, уйулҕабыт уһуктар. Бу Ырыа күнүн көҕүлээччи — СӨ народнай артыыһа, култуура үтүөлээх үлэһитэ, мелодист Алексей Калининскай-Луҥха Өлөксөй буолар. Быйылгы бырааһынньыкпыт норуот ырыаһыта, оһуокай этээччитэ, саха сценическай үҥкүүтүн төрүттээччитэ, суруйааччыта, олоҥхоһута Сэргэй Сибиэрэп –Кыыл Уола төрөөбүтэ 125 сылыгар ананна.

Ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Тумат нэһилиэгэр Ырыа күнүн үөрүүлээхтик бэлиэтээтилэр. Бу күн ырыа куттаах Тумаппыт дьоно сибиэһэй салгыҥҥа успуорт былаһааккатыгар ыытыллар улахан кэнсиэргэ оҕолуун,  эдэрдиин-эмэнниин  бырааһынньыкка, тыаллаах, хаардыы турар да буоллар, тоҕуоруһа муһуннулар.

Ырыа күнүн бырааһынньыга Тумакка

Ыытааччы – уус-уран салайааччы Мичил Томскай мустубут дьону эҕэрдэлээн туран ырыа күнүн устуоруйатын сырдатан кэнсиэрбитин саҕалаата. Кэнсиэрбит үҥкүүһүттэр бөлөхтөрүн толоруутугар “Оһуор” үҥкүүтүнэн саҕаланна. Оскуола үөрэнээччилэрэ, тэрилтэ үлэһиттэрэ уонна “Түмсүү” култуура дьиэтин уус- уран самодеятельноһын кыттыылаахтара, ылбаҕай ырыалары, ону тэҥэ олохтоох ааптардар: Иннокентий Слепцов, Тимур Слепцов, Спиридон Слепцов, Николай Слепцов-Чондон, Владимир Томскай, Владимир Лебедев, Валентина Лебедева ырыаларын дьиэрэтэ толордулар.

Ырыа күнүн бырааһынньыга Тумакка

Итиэннэ ырыа күнүн көҕүлээччи СӨ народнай артыыһа, култуура үтүөлээх үлэһитэ, мелодист Алексей Калининскай – Луҥха Өлөксөй ырыалара  ылланнылар. Ырыа сомоҕолуур суолтата ордук хорунан, ансаамбылынан ыллыырга көстөр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин  үтүөлээх артыыһа С.Н. Дьяконов аатынан “Түмсүү”  култуура дьиэтин иһинэн тэриллибит “Чэлгийэ” ырыа ансаамбыла Ырыа күнүн өрөгөй ырыатын уонна “Ийэ Алгыһа” ырыаны толорон; Савва Захаров “ Сааскы сандал”; Мария Горохова “Ньургуһуннар тыллаллар”; Сулусчаана Томская “Эн миигин ыҥыр”; Анита Томская “Түүл” ырыалара көрөөччү биһирэбилин ыллылар, дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланнылар.

Ону тэҥэ ырыаһыт дьоммут: Алексей Горохов, Павел Винокуров, Мичил Томскай, Виул Ребров,  Ларита Иванова, оскуола иккис кылааһын үөрэнээччилэрэ уонна “Тугутчаан” оҕо уһуйаанын үлэһиттэрин ансаамбыла кэрэ-нарын  ырыалары бэлэх ууннулар.

Ырыа күнүн бырааһынньыга Тумакка

Оттон кырачаан ырыаһыппыт Аля Томская “Ыллаа, чыычааҕым” ырыаны чоргуйа ыллаата. Түмүккэ нэһилиэк олохтоохторо уонна кэнсиэр  кыттыылаахтара хорунан Ксенофонт Уткин-Нүһүлгэн тылларыгар, Алексей Калининскай матыыбыгар “Саргыбыт сайыннын” ырыаны дуораччы ыллаатылар. Бу курдук Тумат нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ Ырыа күнүн үөрэ-көтө, дуоһуйа-сынньана, ыллыы-туойа көрүстүлэр.

Ырыа — олох аргыһа. Ыллыыр омук инникилээх, эйэлээх, иллээх, кэскиллээх. Ырыа сайда, чэчирии турдун! Хас биирдиибитигэр умнуллубат түгэннэри бэлэхтээтин!

                                                    Елизавета Горохова, Тумат нэһ.

 

 

 

 

 

Читайте дальше