“Кыайыыбыттан сүргэм көтөҕүллэн кэллим”

“Кыайыыбыттан сүргэм көтөҕүллэн кэллим”

Биһиги биир дойдулаахтарбыт ханна да сырыттыннар, улууспут хаһыатын нөҥүө сырдатарга бэйэлэрин сонуннарын, үчүгэй илдьиттэрин кэпсии, ыыта тураллар, онон кинилэр тэттик сурахтарыттан, бэртээхэй иһитиннэриилэриттэн истиҥник үөрэбит, киэн туттабыт.

Ол курдук, бу күннэргэ Хаһааччыйаттан төрүттээх, билигин Сунтар улууһугар олорор Майя Афанасьевна Павлова үөрүүлээх сонунунан үллэһиннэ. “Ааспыт ыйга Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр буолан ааспыт Россия худуоһунньуктарын чилиэнэ, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, биллиилээх модельер-худуоһунньук Августина Филиппова 75 сааһын көрсө «Оһуор Ойуу тойуга” саха төрүт таҥаһын кытта кэтиллэр хаттык(аксессуар) көрүү аһаҕас күрэһэ ыыттыллыбыта. Бу күрэс икки түһүмэхтээх буолбута. Бастакы сүмэрдиир түһүмэх кэтэхтэн, заочнай быһыылаах этэ, иккис түһүмэххэ сирэй кыттааһын(очнай) буолан, кыттааччылар тус бэйэбит тиийэн үлэлэрбитин көрдөрбүппүт.

“Кыайыыбыттан сүргэм көтөҕүллэн кэллим”

Уопсайа республикабыт араас муннуктарыттан 63 кыттааччы 6 көрүҥҥэ кыттыыны ыланнар, түмүктүүр түһүмэххэ 46 кыттааччы талыллан киирбиттэрэ. Мин үс номинацияҕа үлэбин туруорбуппуттан икки үлэм талыллан финалга киирбиттэрэ. Финалистар Бэрдьигэстэххэ тиийэн, дьүллүр сүбэ иннигэр үлэбитин дефиле хамаан көрдөрдүбүт. Тутатына кыайыылаахтар билиннилэр. Дьүүлүүр сүбэ председателинэн Августина Филиппова бэйэтинэн олорбута долгутуулаах этэ. “Сахалыы стилизованнай симэх кэмпилиэктэрин” түһүмэҕэр уопсайа 28 талба таланнаах иистэҥньэн кыттыыны ылбытыттан түмүктүүр түһүмэххэ 17 кыттааччы абылаҥнаах айар-тутар үрдүкү мастарстыбыаларын билиһиннэрдилэр.

“Кыайыыбыттан сүргэм көтөҕүллэн кэллим”

Бу түһүмэххэ бэйэбэр тикпит “Хотун Бүлүү” диэн кэмпилиэк симэхпинэн бастакы үрдэл ыламмын үөрүүм үрдэ суох. Күрэс бүтүүтэ убаастабыллаах киһибит Августина Филипповна сүбэ мунньаҕын ыыппыта. Элбэх наадалаах, туһалаах сүбэ-ама иҥэринэн, кини үлэлэрин хаахпынан илэ көррөммүн, Августина Николаевналыын илии тутуһан, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа хатанан үөрэн-көтөн дьиэбэр эргилинним. Биир бэйэм умнуллубат түгэнинэн Августина Николаевна онно тоҕуоруһа мустубут мастерицалартан үлэбин чорботон, бэлиэтии көрөн хайҕабыла, ииникитин ситиһиигэ алҕааһына этэ.

“Кыайыыбыттан сүргэм көтөҕүллэн кэллим”“Кыайыыбыттан сүргэм көтөҕүллэн кэллим”

— Конкурснай үлэлэрин туһунан кэпсээ.

— Кыайыылаах симэҕим-аныгылыы моһуоннаах дьахтар кэмпилиэгэ “Хотун Бүлүү” кэмпилиэккэ киирэр төбө киэргэлэ, ытарҕа, кэлин кэбиһэрдээх түөс киэргэлэ, кур, оҕуруонан киэргэтиллибит баархаттан суумка.

Иккис финалга киирбит үлэм — барыта оҕуруонан тигиллибит “Нарыйаана Куо”оҕо төбөҕө кэтэр киэргэлэ. Кинини түөскэ кэтэр киэргэл толорон биэрэр.

“Кыайыыбыттан сүргэм көтөҕүллэн кэллим”

— Хаһааҥҥыттан ииһинэн, оҕуруонан тиһэн тигэринэн дьарыктанаҕыный? Куонкурстарга төһө элбэхтэ кыттаҕыный?

— 2014 сылтан саҕалаан оҕуруонан иистэммитим. Оҕолорум кыра буолан куруук кэтэхтэн күрэстэргэ кыттар этим. Ситиһиим аҕыйаҕа суох. Ол курдук республиканскай, всероссийскай, международнай да таһымҥа тиийэ миэстэлиспитим. Ол түмүгүнэн быйыл улууспутугар “Бастыҥ уус” анал аакка тиксибитим. Бу сылга өссө биир улахан ситиһиибинэн буолар “Национальные головные уборы народов России” всероссийскай көрүү күрэс. Икки үлэбин туруорбутум -оҕо төбөҕө киэргэлэ “Нарыйаана Куо” уонна дьахтар бастыҥата “Далбарай”. Манна Россия араас муннугуттан 57 мастерица кыттыыны ылбытыттан 2-с бочуоттаах миэстэҕэ тиксибитим уонна РФ культура министэрстибэтиттэн грамота туппутум.

Бу иннигэр куруук кэтэхтэн кыттар эбит буоллахпына, бу Августина Филиппова күрэһигэр мин аан маҥнай тус бэйэбинэн баран кыттааһыным буолар. Саас күрэс буоларын истээт, иистэнэн бэлэмнэнэн саҕалаабытым.

— Майа Афанасьевна, бу күрэскэ ситиһиилээх кыттыын эйиэхэ тугу биэрдэ, туох санааны хаалларда?

— Атын күрэстэргэ, куонкурустарга өрүү традиционнай диэн ирдэбилтэн биһиги стилизованнайы тигээччилэр хаалан иһээччибит. Онтон бу куонкуруһу чуолаан аныгылыы (стилизованнай) симэх тигэччилэргэ диэн анаан оҥорбуттарыттан наһаа үөрдүм. Биһиэхэ үлэбитин дьоҥҥо таһааран көрдөрөр кыах биэрбиттэриттэн махтанабын. Уонна эдэр иистэнньэҥнэри өйүүр, таһаарар сыаллаах оҥоһуллубут күрэс буоларын хайгыы истибитим. Маастар кыргытар үлэлэрэ эчи кэрэтин киһи хараҕа халтарыйар кэрэ оҥоһуктар этэ. Кыттааччылар бары даҕаны талба талааннарынан сөхтөрдүлэр. Манна сиэттэрэн өссө элбэх кэрэни, ураты үлэлэри айыахпын-тутуохпун баҕаран, сүргэм көтөҕүллэн, Августина Николаевна сыаналаах сүбэлэрин кулгаахпыттан түһэрбэккэ тутатына туһаныам диэн баҕа саналаах кэллим”.

Надежда Петрова