Кулун тутар 30 күнүгэр, Усуйаана нэһилиэгэр “Кэскил” култуура дьиэтигэр Тумат сэлиэнньэтин уус-уран самодеятельность кыттыылаахтара кэлэн кэнсиэртээн дьону-сэргэни сэргэхситэн бардылар. Кэнсиэр олус үчүгэйдик ааста, араас көрүдьүөс сыаҥкалары оонньоон быара суох куллэрдилэр, ылбаҕай ырыалар ылланан ньиргийдилэр, имигэс үҥкүүлэр үҥкүүлэнэн тэйэ көттүлэр, саалаҕа мустубут көрөөччүлэр дохсун ытыс тыаһынан хас биирдии кыттааччыны көрүстүлэр.
Туматтааҕы «Түмсүү” култуура дьиэтин директора Андриян Горохов коллегаларыгар — “Кэскил” култуура дьиэтин үлэһиттэригэр артыыстары итии чэйдээх көрсүбүттэрин, көмөлөспүттэрин иһин махтал истиҥ тылларын эттэ.
Биһиги “Тумсуу” кулууп үлэһиттэригэр уонна кэнсиэр кыттыылаахтарыгар эмиэ махтанабыт, чэгиэн туругу, иллээх олоҕу баҕарабыт. Этэҥҥэ буолуҥ, бар дьонум.
Матрена Попова