Усуйаанаҕа “Күн-күбэй ийэбэр” кэнсиэр буолан ааста

Усуйаанаҕа “Күн-күбэй ийэбэр” кэнсиэр буолан ааста

Усуйаана нэһилиэгин культура дьиэтигэр ааспыт субуотаҕа республикабыт үрдүнэн ыытыллар Ийэ күнүгэр анаммыт, ийэлэри уруйдуур-айхаллыыр сыаллаах “Күн-күбэй ийэбэр” диэн ааттаах эҕэрдэ кэнсиэр буолан ааста. Бу истиҥ тэрээһиҥҥэ уһуйаан иитиллээччилэрэ уонна оскуола оҕолоро көхтөөх кыттыыны ыллылар.

Усуйаанаҕа “Күн-күбэй ийэбэр” кэнсиэр буолан аастаКулууп үлэһитэ Елена Барабанская кэпсиир: “Культура үлэһиттэрэ оҕолор талааннарын көрөн араас жанр хайысхаларынан бэлэмнэстилэр, көмөлөстүлэр.

Усуйаанаҕа “Күн-күбэй ийэбэр” кэнсиэр буолан ааста

Уһуйаан үлэһиттэрэ саамай кырачаан кыттааччыларбытын «Кэлээскэлэрдээх көрдөөх-нардаах үҥкүү» диэн музыкальнай нүөмэргэ олус үчүгэйдик эрдэттэн бэлэмнээн, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар, ону таһынан кырачааннарбыт ырыа ыллаан, хоһоон этэн кэнсиэрбитин киэргэттилэр.

Усуйаанаҕа “Күн-күбэй ийэбэр” кэнсиэр буолан ааста

Уолаттар ийэлэригэр анаан бэртээхэй хоһооннору доргуччу ааҕан ийэлэрин долгуттулар, үөртүлэр. «Мама, милая мама» нарын-намчы үҥкүүнэн кыргыттар долгуннурар уһун суһуохтарын ыһан үҥкүүлээн көрөөччүлэр харахтарын сымнаттылар, бу манна ырыатын-музыкатын бэрткэ табан үөрэппит учууталларыгар махталбытын тиэрдэбит.

Усуйаанаҕа “Күн-күбэй ийэбэр” кэнсиэр буолан ааста

Ону таһынан көрдөөх-нардаах «Беби» диэн ааттаах куукулалар мимическай сыаҥкалара көрөөччүлэр күүстээх ытыс тыастарынан доҕуһуолланна.

Усуйаанаҕа “Күн-күбэй ийэбэр” кэнсиэр буолан ааста

Уолаттарбыт кыыстыы араастаан таҥнан-симэнэн, хобулук кэтэн муода көрдөрөн саалга олорбут дьону быара суох күллэрдилэр, үөртүлэр-көтүттүлэр.

Усуйаанаҕа “Күн-күбэй ийэбэр” кэнсиэр буолан ааста

Ити курдук “Күн-күбэй ийэбэр” диэн ийэлэргэ аналлаах кэнсиэрпит биир тыынынан, өрө көтөҕүүлээхтик буолан ааста. Көрөөччүлэр олус астынан, дуоһуйан, сынньанан дьиэлэригэр тарҕастылар.

Усуйаанаҕа “Күн-күбэй ийэбэр” кэнсиэр буолан ааста

Бу кэнсиэргэ кыттыбыт оҕолорго, нүөмэрдэри бэлэмнэспит төрөппүттэргэ улахан махталбытын тиэрдэбит, ону таһынан кулууп үлэһиттэрин ааттарыттан кэнсиэрпитин иилээн-саҕалаан ыытыспыт ыытааччы кыргыттарбытыгар Мария Гороховаҕа уонна Дженира Дохунаеваҕа барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Мирослава Федотова

Читайте дальше