Усуйаана оскуолатын сонуннара

Усуйаана оскуолатын сонуннара

Быйыл биһиги оскуолабытыгар маҥнайгы кылааска алта оҕо үөрэнэ киирдэ. Кинилэр билигин оскуола олоҕор сыыйа үөрэнэн ааҕарга, суруйарга үөрэнэн эрэллэр.

Усуйаана оскуолатын сонуннара

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха өрөспүүбүлүкэтин государственноһын күнүгэр аналлаах үөрүүлээх линейканы история учуутала Лебедев Ю.А. ыыппыта. Юрий Александрович видеону көрдөрө-көрдөрө, оҕолорго тиийимтиэ гына  кэпсээбитэ.

Усуйаана оскуолатын сонуннара

Оттон «Кросс наций» күрэххэ оскуола оҕото бары күргүөмүнэн тахсан кыттыыны ылбыттара. Күрэҕи физкультура учуутала Репина С.С. уонна английскай тыл учуутала Тимофеев М.М. тэрийэн ыыппыттара. Күрэх кыайыылаахтарыгар грамоталар туттарыллыбыттара.

Усуйаана оскуолатын сонуннара

Биир үтүө күһүҥҥү сылаас күн таһырдьа оҕолорго «Квест» оонньуу ыытыллыбыта. Манна оҕолор хамаандаҕа арахсан араас станцияларынан сылдьан учууталлар бэлэмнээбит араас сорудахтарын толорбуттара. Ол кэннэ оҕолор оонньууттан олус астынан тарҕаспыттара.

Усуйаана оскуолатын сонуннара

Алтынньы 1 күнүгэр Усуйаана орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Аҕа саастаахтар күннэригэр кырдьаҕас дьоҥҥо дьиэлэринэн сылдьан көмө оҥордулар.

Усуйаана оскуолатын сонуннара

Оҕолор дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөстүлэр, хаһаайыттарга хоһоон аахтылар, кинилэргэ анаан ырыа дьиэрэйдэ, мип-минньигэс торт астаан күндүлээтилэр, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүлэр. Аҕа саастаахтарбыт оҕолорго үчүгэй үөрэхтэнэн, идэлэнэн, ытыктанар үтүө дьон буола улааталларыгар баҕа санааларын эттилэр.

Усуйаана оскуолатын сонуннара

Махталлаах буолуоҕуҥ өрүүтүн

УЧУУТАЛ буолбут киһиэхэ!

Хас киһи барыта киниэхэ

Төлөммөт иэстээҕин өйдүөҕүҥ!

Алтынньы 5 күнүгэр «Педагог уонна уһуйааччы» диэн ааттаах учуутал  идэлээх бырааһынньыгар аналлаах долгутуулаах түгэн буолан ааста.

Учууталлар оҕо саастарын санаан маҥан фартуктаах, бантиктаах уруккуну-хойуккуну санатар музыка тыаһыгар бигэнэн стройга кэккэлээн турдулар.   Линейканы 10 кылаас үөрэнээччилэрэ София  Михайлова уонна Степан Сыроватскай иилээн-саҕалаан ыыттылар.

Линейка өрө күүрүүлээхтик гимн ырыатынан саҕаланна. Учууталларга идэлээх бырааһынньыктарынан, Россия үрдүнэн ыытылла турар педагог уонна уһуйааччы сылынан эҕэрдэ тыллар этилиннилэр, ырыалар ылланнылар.

Дириэктэри солбуйааччы Никифорова В.Ф. эҕэрдэ тылын анаата уонна сарсыҥҥы бэйэни салайыныы күнүгэр анаммыт дириэктэргэ Сыроватскай Степаҥҥа докумуону туттарда.

Усуйаана оскуолатын сонуннара

Ол кэннэ учууталлар састааптаах 12 кылаас үөрэнээччилэрэ кылаастарга тарҕаһан изо, музыка, история, физкультура, география уруоктарыгар үөрэннилэр. Бастакынан изо уруогун Горохова Айна, Михайлов Кирилл (9 кылаастар), Горохова Ярика (10 кылаас), музыка уруогун Колодинская Евдоника, Горохов Альваль (10 кылаастар), Далбаева Виргиния (7 кылаас), история уруогун Дохунаева Саюри (10 кылаас), Чекачев Софрон (11 кылаас), физкультура уруогун Сыроватскай Степа (10 кылаас), Горохова Мария, Дохунаева Джениира (7 кылаастар), география уруогун Горохов Айтал, Барабанская Арияна, Пчельников Тимур (10 кылаастар) ыыттылар.

Бииртэн биир үчүгэй, интэриэһинэй уруоктарга сылдьан учууталлар сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ, үөрдүлэр-көттүлэр, оҕо саастарын санаан мэниктээн да ыллылар. Оҕолор бары кыһаллан бэлэмнэммиттэр. Сарсыныгар  учууталларын солбуйан учуутал оруолун толордулар. Ити курдук кэрэҕэ, сырдыкка, билиигэ угуйар учуутал бырааһынньыга бэрт сэргэхтик ааста.

Оскуолабыт үөрэнээччилэригэр ситиһиилээх үөрэҕи, сырдыкка, кэрэҕэ, үтүөҕэ эрэ тардыһаргытыгар баҕарабыт.

 

                                                                                          Зоя Горохова

Читайте дальше