Усуйаана нэһилиэгэр «Күн Ийэ» кэнсиэр ааста

Усуйаана нэһилиэгэр "Күн Ийэ" кэнсиэр ааста

Усуйаана нэһилиэгэр далбар хотуттары, иэримэ дьиэ иэйэхситтэрин, алаһа дьиэ аанньаларын Арассыыйатааҕы Ийэлэр күннэринэн эҕэрдэлиир «Күн Ийэ» диэн кэнсиэр буолан ааста. Ийэ диэн хайабытыгар да чугастаан чугас, күндүттэн күндү киһи буолар, ол иһин ийэҕэ анаммыт  ырыа, хоһоон, эҕэрдэ, кэрэ тыллар- туох барыта сырдык иэйиилээх, истиҥ хоһуйуу буолар. Бу да сырыыга кэнсиэр олус үчүгэй, өрө көтөҕүүлээх тэрээһин быһыытынан буолла.

Усуйаана нэһилиэгэр "Күн Ийэ" кэнсиэр ааста Усуйаана нэһилиэгэр "Күн Ийэ" кэнсиэр ааста

Кэнсиэри «Кэскил” култуура дьиэтин уус-уран салайааччыта Павлина Варламова уолунаан Павликтыын иилээн-саҕалаан ыыттылар.  Юрико Дохунаева салайааччылаах Казань куоракка тиийэн дипломант үрдүк аатын ылбыт «Дьүкээбил» үҥкүү ансаамбыла дьоро киэһээни арыйда. Салгыы “Кэскил” култуура дьиэтин улэһиттэрэ: Матрена Попова, Павлина Варламова, Елена Барабанская трио буоланнар «Хоту Хорсун Кыыһа» диэн ылбаҕай ырыаларын бэлэх ууннулар.

Усуйаана нэһилиэгэр "Күн Ийэ" кэнсиэр ааста Усуйаана нэһилиэгэр "Күн Ийэ" кэнсиэр ааста

Бу киэһээ  кэнсиэр кыттыылаахтара араас омук үҥкүүлэрин үҥкүүлээн тэлээрдилэр. Ол курдук сыанаҕа үҥкүү толороочулар- улахан да дьон, оскуола да оҕолоро- саха, эбэҥки, узбек, грузин омуктар культураларын чаҕылхай колоритын, кэрэхсэтэр уратыларын үҥкүү алыптаах дьүһүйүүтүнэн көрдөрдүлэр.  Ону таһынан бу дьоро киэһээҕэ ийэҕэ аналлаах — «Ийэҕэ махтал», “Таптыаҕын  Ийэни», «Кунду төрөппүттэр» диэн дьон таптаан ыллыыр, истэр ырыалара дьиэрэйдиллэр.  Ырыаны толороочулар  тыыннаах доҕуһуолунан, иэйиилээх толоруунан Ийэҕэ туох баар истиҥ сыһыаннарын, тапталларын тириэртилэр.  Итиэннэ «Аяврина» этно-фольклорнай ансаамбыл,   “Уолан”,  “Аартык” ырыа ансамбыллара музыкальнай нүөмэрдэрэ кэнсиэри ситэрэн-хоторон, киэргэтэн биэрдилэр.

Музыкальнай номердар быыстарыгар хас да көр-күлүү сценка онньоонно, туруорууларга олоххо да буолар-көстөр күлүүлээх түбэлтэлэр, тиэхэлээх-бэтиэхэлээх артыыстар көрөөччүлэри олус сэргэхситилэр, күллэрдилэр.

Ити курдук, «Күн Ийэ» кэнсиэр олус сэргэхтик, үрдүк таһымнаахтык ааста.

Усуйаана нэһилиэгэр "Күн Ийэ" кэнсиэр ааста Усуйаана нэһилиэгэр "Күн Ийэ" кэнсиэр ааста

Кэскил культура дьиэтин үлэһиттэрэ күндү көрөөччүлэригэр, оскуола араас кылаас үөрэнээччилэригэр, уо.д.а. кэнсиэркэ көхтөөх кыттыыны ылбыт, тэрээһини киэргэппит элбэх талааннаах дьоҥҥо махтал тылларын этэллэр.

Күн күбэй Ийэлэри, элэккэй эбээлэри , Далбар хотуттары, килбик кийииттэри, холумтанныт куруук сылаас буоллун, дьан-дьаьах сыстыбатын, туппуккут тупсан истин, алаьа дьиэ5итигэр дьол таптал уйаланнын диэн баҕа санааларын тиэрдэллэр.

Усуйаана нэһилиэгэр "Күн Ийэ" кэнсиэр ааста

Надежда Петрова

Читайте дальше