Сир дойду быйаҥын утары ууммутунан,
Күлэн-үөрэн тиийэн кэллэ көмүс күһүн,
Хас биирдиибит дууһатын көмүс дуйдаан
Күндүлүүгүн сүргэбитин көтөҕөҥҥүн.
Балаҕан ыйын 21 күнүгэр Усуйаанатааҕы «Кэскил» култуура дьиэтигэр Көмүс күһүҥҥэ аналлаах, түөлбэлэр икки ардыларыгар атыы-эргиэн дьаарбаҥката бэрт үчүгэйдик ааста. Тэрээһин эҕэрдэ музыкальный номердарынан саҕаланна. Көмүс күһүнү уруйдуу, араас ылбаҕай ырыалар ылланнылар, имигэс-тэтимнээх үҥкүүлэр үҥкүүлэннилэр. Дьэ ол кэннэ “күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” диэн туран дьаарбаҥкабытын саҕалаатыбыт.
Түөлбэлэр икки ардыларыгар күрэхтэрин дьүүллүүр сүбэ сыаналаан түмүк таһаарда. Саамай күрэххэ сүрүнэ диэн түөлбэ киэргэтиитэ (оформление лавки ) уонна түөлбэ төһө харчы киллэриммитэ буолар.
Ол курдук 1-кы миэстэни ылыан ылла «Чэчир» түөлбэ (28,370 сол.), салайааччы Виктория Батюшкина, 2-ис миэстэ буолла «Кустук» түөлбэ (25,700 солк.) салайааччы Нарьяна Горохова, 3-с миэстэ «Дьүкээбил» түөлбэтэ (5090 солк.), салайааччы Ирина Слепцова.
Ити курдук Усуйаана нэһилиэгин көхтөөх түөлбэ олохтоохторо араас минньигэс ас астаан атыылааннар дьону-сэргэни үөртүлэр. Тэрээһини иилээн-саҕалаан ыыттылар Матрена Попова, Юрико Дохунаева, Елена Барабанская.
«Кэскил» култуура дьиэтин аатыттан ис сүрэхтэн махтанабыт кыттыыны ылбыт түөлбэ олохтоохторугар, көрөөччүлэргэ, истиҥ истээччилэргэ. Өрүү маннык көхтөөх буолуҥ, өссө да үрдүк ситиһиилэри, алаһа дьиэҕитигэр, тус олоххутугар дьоллоох-саргылаах, чэгиэн олоҕу баҕарабыт.
Матрена Попова