Убайбын хаһан да умнубаппын

Убайым Семен мин олохпор улахан суолталаах киһи буолар. Кинини куруутун саныыбын, ахтабын, таптыыбын.

1995 сыллаахха аҕам Владимир Петрович Ефимов миигин  Хаһааччыйаҕа илдьэн үөрэххэ тардыстын диэн дьоммор Григорьевтарга хаалларан барбыта. Мин эдьиийим Мария Семеновна Григорьева ол саҕана оскуолаҕа завуч уонна биология, химия учуутала, Егор Михайлович Григорьев — математик.

Кинилэргэ кэлэн баран үүнээйи элбэҕин сөхпүтүм. Уп-улахан саалаҕа эдьиийим элбэх баҕайы үүнээйини үүннэрбит. Ол иһигэр бочкаҕа үүнэн турар, дьиэ үрдүгэр тиийбит монстера баар.

Ол саҕана убайым Семен  Хаһааччыйа оскуолатыгар педпрактикатын бара сылдьар. Кини миигин үөрэппэтэҕэ да буоллар, уруокка хайдах бэлэмнэнэрин көрөн наһаа интэриэһиргиибин. Ол саҕана видеоттан монтажтаан Юрскай период туһунан уруокка көрдөрөр матырыйаал оҥорорун өйдүүбүн.

Убайбын хаһан да умнубаппын

 

Ис дууһатыттан үлэтигэр бэриниилээх, куруук саҥаны арыйар киһи буолааччы. Хас да сыл устата  убайым сайын аайы биһиги сайылыкпытыгар Хомолтукуга кэлэн диплом, кэнники диссертация суруйарыгар материал хомуйа сылдьар бириэмэтэ эбит. Биһиги кинини «кутуйахсыт Сэмэн» диэн ааттааччыбыт. Араас  полевкалары үөрэтэр этэ. Ол да саҕана үлэлиирэ наһаа кэрэхсэбиллээх буолааччы. Биһиги, оҕолор, кинини тула олорон полевкалартан  хайдах препарат оҥорорун көрөөччүбүт.

1999 сыллаахха оскуоланы бүтэрэммин биология учуутала буолар эбиппин диэн сананан үөрэххэ туттарсар буоллум. Онно убайым Сэмэн Депутатскайга баар этэ, кини баар буолан репетитордаан үөрэххэ киирэр дьолломмутум. Дьэ күһүн үөрэххэ киирэн,оҕолору кытта билсиһэн убайым мин кураторым буоларын билэн наһаа үөрбүтүм. Убайым үөрэхпин бүтэриэхпэр диэри куруук көмө, өйөбүл буолбута. Дипломнайбын суруйарбар көмөлөспүтэ, хаһан да суох диэбэт буолааччы.

Убайым наһаа эйэҕэс, куруук үөрэ-көтө сылдьар киһи этэ. Хаһан да мээнэ сытарын көУбайбын хаһан да умнубаппынрбөтөҕүм, аһыырыгар да кинигэ тутуурдаах буолара, билигин санаатахха, сайда, билиитин хаҥатына сылдьар буолар эбит.

Мин убайым Сэмэн наукаҕа бэйэтин суолун хаалларбыт киһи буолар. Ол курдук элбэх научнай үлэлээх, палеонтологияҕа сөҕүмэр арыйыылары оҥорорго кыттыгастаах буоларын билэбит. Биһиги Сэмэммит киэҥ билиилээх, олоххо араас интэриэстээх, дьоҥҥо туох баарынан көмөлөһө сылдьар үтүө майгылаах буолан аймахтара наһаа сөбүлүүр, таптыыр, киэн туттар киһибит этэ. Кини эрдэ олохтон туораабытыттан наһаа хомойобут, суохтуубут.

Ол да буоллар биһиги кинини өйдүүрбүт тухары кини тыыннаах уонна оҕолоругар Альбертаах  Артемҥа кини олоҕо салҕанар диэн үөрэбит.

Мин билигин убайым суолун батыһан, учуутал идэтин талан үлэлии-хамныы сылдьабын. Муома улууһун Н.С. Тарабукин аатынан Улахан-Чыыстай орто оскуолатыгар ордук таһаарыылаахтык үлэлээбитим. Ол курдук элбэх оҕону научнай-практическай  конференцияҕа бэлэмнээбитим. Республикаҕа кыайан Россия таһымыгар тахса сылдьыбыппыт.

Мин бэйэм эмиэ Муома улууһуттан Дьокуускайга кэлэн «2022 сыл учуутала» диэн күрэххэ кыттан финалга тахсыбытым. 12 республика чулуу учууталларын ахсааннарыгар киирбитим.

Ити ситиһиилэрбин мин убайбын Семену кытта сибээстиибин. Кини миэхэ чаҕылхай сулус буолан суолбун сырдата сылдьар.

Снежана Дьячковская, Дьокуускай куорат 6 нүөмэрдээх оскуолатын биология учуутала

Читайте дальше