Тумакка – “Уруйдан, оҕо саас!” кэнсиэр

Тумакка – “Уруйдан, оҕо саас!” кэнсиэр

Саха сиригэр Оҕо саас сылын чэрчитинэн, самаан сайыммыт бастакы күнүгэр «Уруйдан, Оҕо саас!» Оҕо көмүскэлин күнүгэр аналлаах кэнсиэр “Түмсүү” култуура дьиэтигэр буолан ааста. Манна сылын аайы үгэс курдук, кырачаан кытааччыларбыт — “Тугутчаан” оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ уонна оскуола үөрэнээччилэрэ кытынныллар.

Ыытааччылар: оскуола үөрэнээччилэрэ — Эвелина Сыроватская уонна Криштиан Ефимов бырааһынньыкка кэлбит төрөппүттэри, оҕолору уонна ыалдьыттары эҕэрдэлээтилэр.

Чуопчаарар чобуо куоластаах  оскуола үөрэнээччитэ Сима Бубякина кэнсиэри “Кулунчук” ырыанан арыйан эҕэрдэлээтэ, өссө алтан сибэкки туһунан «Тооку-тоокуну” ыллаан ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.

 

Сыанаҕа тахса үөрэхтээх кини эдьиийэ Христина “Сэттэ өҥнөөх кустукчаан” ырыаны ыллаан чоргуйда.  “Тугутчаан” уһуйаан иитиллээччилэрэ ансаамбылынан  “Туругурдун дьиэ кэргэн” ,“Ааҕарга үөрэниэм” уонна “Песня о маме” ырыалары; иккис кылаас үөрэнээччилэрэ ансаамбылынан “У моей России» ; орто кылаас уолаттарын “Дуолан» ырыа ансаамбыла “Оҕо сааһым” уонна 1 кылаас үөрэнээччилэрэ “Оо, билиэхпин баҕардым” ырыалары толордулар.

Ону тэҥэ саамай кырачаан 3 саастаах кыттааччыбыт Фея Емельянова «Мин маамабын таптыыбын” уонна кырачаан Валя Протодьяконова  “Үөрүү” ырыаларынан сыанаҕа саҥа сүрэхтэниилэрэ буолла, ырыаны мип-минньигэстик ыллаан көрөөччүлэр куттарын туттулар. Коля Емельянов төрүт таҥаһын таҥнан туран «Һээдьэ” ыллаан дьиэрэһиттэ. Оттон кыра кылаас кыргыттара: Лена Иванова “Эбээҕэ эҕэрдэ”; Аля Томская ”Ыллаа, чыычааҕым”; орто сүһүөх кылаас үөрэнээччитэ Эвелина Сыроватская “Дьааҥым ата” ырыаларынан эҕэрдэлээтилэр.

Итиэннэ “Оҕо саас үҥкүүтүн” имигэс кырачаан кыргыттарбыт, оттон Диана Иванова уонна Эвелина Сыроватская “Аныгылыы” үҥкүүлэри  бэлэх ууннулар. Түмүккэ Христина “Эн сулускун” ырыатынан бары кыттааччылар тахсан ылластылар.

Ити курдук, Оҕо көмүскэлин күнүгэр аналлаах «Уруйдан, оҕо саас» оҕолорбут кэнсиэрэ түмүктэннэ, бары оҕолорго минньигэс бэлэхтэр туттарылыннылар. Өссө кулууп саалатыгар оҕолорго аналлаах «Алыптаах аргыстар» кинигэ быыстапката туруоруллан кырачаан оҕолорбут саҥа кинигэлэри тутан-хабан, көрөн -ааҕан билистилэр.

Бары оҕо аймаҕы эҕэрдэлээн туран, күөх сайыҥҥа үктэммиччэ үөрүү-көтүү үктэллээх сынньалаҥы уонна дьоллоох оҕо сааһы баҕарабыт! Эһигини айхаллаан күөрэгэй чыычаах дьирибинии ыллаатын, күндү күн  күлүмүрдүү күлүөхтүн.

Тумакка – “Уруйдан, оҕо саас!” кэнсиэр

Оҕо саас – ийэ нарын мичээрэ,

Оҕо саас – күлүм күммүт күлүүтэ,

Оҕо саас – чыычаах чырып тойуга,

Оҕо саас – оонньуур күлэр кэрэ саас!

                                                                                                        Елизавета Горохова, Тумат нэһ.

 

 

Читайте дальше