Саха Республикатын бастакы Президенэ М.Е. Николаев 1996 сыл олунньу 9 күнүгэр Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн олохтооһун туһунан 1294 №-х уураахха илии баттаабыт күнүттэн биһиги уһулуччулаах сырдатааччыбыт, тыл үөрэхтээҕэ, учуонай, сахалыы суругу-бичиги тарҕаппыт, бастакы үөрэх кинигэлэрин суруйбут Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр, Тумат нэһилиэгэр, Семен Дьяконов аатынан «Түмсүү» культура дьиэтигэр Ийэ тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр икки күн ыытылыннылар.
Ол курдук бастакы күн дьиэ кэргэнинэн «Төрөөбүт тыл абылаҥа» айымньыны доргуччу ааҕыы күрэҕэр кыттыыны Владимир Барабанскай кыыһынаан Раялыын (2 кыл.) бастакы миэстэ; Екатерина Протодьяконова кыыһынаан Владалыын (1 кыл.) иккис миэстэ; Туяра Бубякина кыыһынаан Кристиналыын (3 кыл.) үһүс миэстэ ылан добун сурук туттарылынна.
Манна үс киһиттэн састааптаах дьүүллүүр сүбэ үлэлээтэ: нуучча тылын учуутала Людмила Горохова, алын сүһүөх кылаас учуутала Арина Слепцова, «Түмсүү» культура дьиэтин директора Андриян Горохов. Ону таһынан мүнүүтэҕэ ааҕыыга кыралыын-улаханныын холоммут ыалдьыттарбытыгар туоһу суруктар туттарылыннылар. Кыттааччылар сахалыы төрүт таҥастаах кэлбиттэрэ олус кэрэхсэбиллээх.
Иккис күммүтүгэр күнүс «Тугутчаан» уһуйаан иитиллээччилэригэр анаан «Айтал уонна аптаах күүс», «Тооку», «Тымныы оҕуһа» диэн сахалыы тэттик ойуулуктары «Түмсүү» культура дьиэтин уус-уран салайааччыта Мичил Томскай көрдөрөн, сахалыы сөпкө саҥарарга кэпсэтии ыытта.
Киэһэ культура дьиэтигэр суругу-бичиги төрүттээччи Семен Новгородов биографиятын, олоҕун, үлэтин көрдөрөр кылгас киинэ көрдөрүлүннэ. Культура дьиэтин уус-уран салайааччыта Мичил Томскай тыл оонньууларыгар тургутук ыытта.
«Мин тылым – мин норуотум» аһаҕас микрофоҥҥа Елизавета Индеева, Гульнара Никифорова, Лариса Тоскина, Андриян Горохов хоһоон ааҕан иһитиннэрдилэр. Кыттыыны ылбыт дьоммутугар туоһу суруктар туттарылыннылар. «Ийэ тыл – норуот тыына» кинигэ быыстапката ыытылынна. Оһуохай араас көрүҥнэрин иһитиннэрии буолла.
Бу бэртээхэй тэрээһиннэргэ кыттыыны ылбыт биир дойдулаахтарбытыгар улахан махталбытын тириэрдэбит. Төрөөбүт тылбыт үйэлэргэ сүппэккэ үүнэ — сайда турдун!
Андриян Горохов