Маҥнайгы сааскы бырааһынньык — Аан дойдутааҕы дьахталлар күннэрэ биһиги Тумаппытыгар хаһан да буоларын курдук бэрт сэргэхтик, тэрээһиннээхтик ааста. Биирдиилээн тэрилтэлэринэн уонна “Алгыс” кулуупка истиҥ көрсүһүүлэр буолан аастылар. Ону тэҥэ С.Н. Дьяконов аатынан “Түмсүү” култуура дьиэтигэр “Ис сүрэхтэн” оҕолор, ыччаттар, аҕам саастаахтар кыттыылаах улахан кэнсиэр буолан көрөөччүлэр уонна кэлбит ыалдьыттар дуоһуйа сынньаннылар.
Кэнсиэрбит сир симэхтэрэ кырачаан кыргыттардыын ийэлэр “Таптыаҕыҥ, ийэни!» үҥкүүлэринэн саҕаланна. Олохтоох дьаһалта баһылыга В.А. Лебедев кэрэ аҥардары сааскы кэрэ бырааһынньыгынан эҕэрдэлээтэ, тустаах дьоҥҥо Махтал суруктары туттарда.
Саамай кыракый кыттааччыларбыт омуктуу “My deаr Mammy” ырыа ыллаан чоргуйан ытыс тыаһа хабыллан олордо. «Чондоон» уолаттар вокальнай ансаамбыллара “Ыллыыбын, эһиэхэ анаан!” уонна “Барыларын таптыыбын” ырыаларын кэрэ аҥаардарга анаатылар. “Чэлгийэ” дьахталлар вокальнай ансаамбылларын сүрэхтэниитэ буолла, ийэлэр “Ийэ алгыһа” ырыаны бэлэх ууннулар.
Санатар буоллахха, сыл саҕаланыытыгар икки дьахталлар ансаамбыллара: “Чэлгийэ” уонна “Дьүөгэлэр” тэриллэн, аан бастаан көрөөччүлэр иннилэригэр сыанаҕа тахсыбыттара, биһирэбили ылбыттара. Ону тэҥэ тохсунньу ыйга бастакытын олус үчүгэй “Икки сулус” дуэттар күөн-күрэстэрэ буолан элбэх дьон кыттыыны ылбыттара.
Бу күөн-күрэскэ Гран-при Римма Томская уонна Юнона Слепцова дуэттара чаҕылхайдык ылбыта. Бу да киэһэҕэ кинилэр көрөөччүлэр көрдөһүүлэринэн кэлэн «Сахам кэрэ кыргыттара” ырыанан эҕэрдэлээтилэр, итиэннэ Маркел Слепцов, Гульнара Никифорова дуэттара “Саас Муомаҕа” ырыаны толордо. Талааннаах дьоммут уонна ону сэргэ оскуола кыра кылааһын үөрэнээччилэрэ ийэлэрин эҕэрдэлээтилэр. Дьоро киэһэбитигэр ылбаҕай ырыалар, имигэс үҥкүүлэр тэҥэ көрдөөх сыаҥкалар туруорулуннулар.
Көрөөччүлэр бары кэнники кэмҥэ ырыаны толоруу таһыма үрдээбитин, онно эдэр специалист — уус-уран салайааччы Мичил Томскай биллэр оруоллааҕын бэлиэтииллэр. Мантан киэһэ “Чэлгийэ” ансаамбыл сүрэхтэнэн инники былааннар төгүрүк остуол тула торумнаннылар, уоттаах-күөстээх тыыннаах ырыалаах сынньалаҥ киэһэтэ буолан ааста.
Инники былааннар, тэрээһиннэр өссө да элбэхтэр, саҥа талааннар да арыллан иһиэхтэрэ турдаҕа. Тумаппыт талааннаах дьонугар, оҕолорбутугар махтанан туран инникитин да саргылаах саҕахтары, үгүс үөрүүлээх күннэри баҕарабыт.
Елизавета Горохова Тумат н.