Тохосаra canis диэн паразит көрүҥэ сүрүһүрдэр. Бу ыарыыга дьон үксүн бэйэтин иитэр ыттартан, куоскаттан сыстан ыалдьыан сөп.
Ол иһин ыккыт, куоскаҕыт үөнүрбүтэ биллибэт, көстүбэт да түбэлтэтигэр үс ыйга биирдэ оҥотторон үөн түһэрэр ыарыыттан сэрэтиэххитин сөп.
Бу эһиги уонна дьиэ кэргэҥҥит, иитэр кыылгыт доруобуйатын харыстыыр ньыма буолар. Иитэр кыылгыт дьиэттэн тахсыбат диэн үөн түһэриитигэр сэрэтиитин оҥорбот сыыһа өйдөбүл буолар.
Ол эбэтэр киһи бэйэтэ таҥаһын-сабын кытары бу ыарыыны сүһүрдэр сымыыттары илдьэ кэлэн иитэр кыылыгар сыһыарыан сөп.
Маны тэҥэ бу ыарыыттан көмүскэнэргэ дьиэ, уһаайба иһин анал эминэн ыраастанар эмтиир араас көрүҥнэри туһаныахха сөп.
З. Попова, СР ветеринарнай управлениетын Мэҥэ-Хаҥаластааҕы салаатын инспектора