Бу күннэргэ “Таба-Яна” табаһыттара Москваҕа “Бэс Чагда” санаторийга сынньанан кэлбиттэрин истэн, хайдах-туох сылдьыбыттарын билээри, онно сылдьыбыт табаһыты кытта көрсөн кэпсэттим. Георгий Протодьяконов, 11-с нүөмэрдээх ыстаада табаһыта, маннык кэпсиир:
-Бу күһүн, хараал кэмигэр, директорбыт Петр Егорович Томскай үчүгэйдик үлэлиир табаһыттарбытын эмиэ урукку курдук “Бэс Чагдаҕа” ыытабыт диэтэ. Бу иннинэ “Таба-Яналар” табаһыттара хаста да сылдьыбыттар диэн истибитим, онтон миигин кытта кэпсэтэн, “ыытар дьоммутун эн салайан илдьэ сылдьыаҥ этэ” диэбитэ.
Онон барыта холбоон түөрт табаһыт буолан — үс киһи Туматтан, биир Усуйаанаттан — буолан барбыппыт. Депутатскайтан куоракка көтүөхпүт иннинэ биир нэдиэлэ эрдэ кэлэн, балыыһаҕа көрдөрөн, туһааннаах справкалары ылан, ол быыһыгар атын да докумуоннары оҥотторон, көтөр күммүтүгэр “Таба-Яна” массыынатынан аэропортка киирбиппит, куоракка кэлээппитин кытта кооперативпыт үлэһиттэрэ көрсөн, гостиницаҕа олохтоон биэрбиттэрэ, онтон Москваҕа көтөрбүтүгэр накопительга киириэхпитигэр дылы атаарбыттара.
Москваҕа урукку директорбыт Александр Ильич Слепцов үлэһиттэрэ көрсөн тураллара, тоҕо диэтэххэ урут “Бэс Чагдалар” бэйэлэрин массыыналарынан көрсөн санаторийга дылы илдьэр, портка дылы аҕалар эбит буоллахтарына, билигин оннук өҥө оҥорбот буолбуттар, онон кинилэр массыыналарынан ону-маны көрө-көрө санаторийбытыгар тиийбиппит уонна тута хоспутугар киирбиппит. Барыта биир күн иһинэн уонна эрдэттэн бэлэмнэммит буолан, Москваны билбэт дьоҥҥо сынньалаҥа, үчүгэйэ сүрдээх этэ.
“Бэс Чагда” туһунан кэпсиир буоллахха, маннык. Дьон баарынан баар да, бэйэ-бэйэҕэ мэһэйдэспэттэр, үксүлэрэ саастаах дьон. Персоналлара үчүгэй, сахата да элбэх, урут ханна да манныкка сылдьыбатах буоламмыт тэҥниир кыахпыт суох.
Күҥҥэ 4 аһаталлар, биһи көрөрбүтүнэн ресторан аһа, бэйэҥ эбии тугу барытын ылыаххын сөп. Күн көтө-көтө массаас, сүрэхпитин, давлениебытын көрдүлэр, тыҥабытын эмтээтилэр уонна да атын процедура элбэх. Сорох күн бильярд.
Москваҕа саҥа кэлбит дьон буоларбыт быһыытынан кэрэхсээбиппит элбэх, син көрө сатаатыбыт. Мавзолейга эһээбитин көрөөрү гыммыппыт сатаммата, киллэрбэттэр эбит, Останкино башнятыгар эмиэ сылдьыбатыбыт, хаар элбэҕэ бэрт буолан мууһуран хаалар эбит. Уопсайынан даҕаны, саппыкыбытын кэтэн тиийбэтэхпититтэн кэмсиннибит, хаар уулла турар буолан киһи атаҕа күүскэ инчэйэр эбит, хас күн аайы бачыыҥка куурдуута.
Урукку директорбыт Александр Ильич анаан-минээн көрсөн, санаторийдары кытта кэпсэтэн биир күнү быһа бииргэ сырытта. Дойдубут тэбэр сүрэҕин киинигэр — Кыһыл болуоссакка, аатырар Арбааттарыгар, Кремль аттынан дуоһуйа күүлэйдээтибит, хаартыскаҕа түстүбүт, ГУМ диэннэрин көрдүбүт, ВДНХ диэн наһаа үчүгэй эбит, “Воробьевы горы” баар саҥа храмы киирэн көрдүбүт. Нууччалыы эттэххэ, впечатление элбэх. Сылдьыбыт дьон, арааһа, ыстаадаҕа сытан уһун киэһэлэргэ сылы быһа кэпсээн оҥосторбут чуолкай.
Санаторийтан тахсан Дьокуускайга көтөрбүтүгэр кыратык кыһалҕалана сыстыбыт, кэлиэхтээх күммүтүгэр “Внуково” аэропорт сабылла сылдьыбыта, сураҕа, дроннар көппүттэр дииллэр. Сарсыҥҥы күнүгэр, эмиэ Александр Ильич үлэһиттэрин көмөлөрүнэн, портка киирэн, дьэ көтөн, биир күн хойутаан, киэһээ Дьокуускайы булбуппут, онтон сарсыарда самолетка олорон бу иккиэ буолан кэллибит. Икки киһибит уһун уоппускалаах буолан куоракка хааллылар, биһиги транспорт булан, сарсын Хаһааччыйалыахпыт, “бураннарбыт” онно бааллар.
Бу “Бэс Чагдаҕа” баран эмтэнэн, сынньанан, Москва куораты көрөн кэлбиппитигэр “Таба-Яна” салалтатыгар, кинилэр кэлэр-барар бырайыаспытын барытын, путевкабытын төлөөннөр уонна Москваҕа сырытыннарбыт урукку директорбытыгар улахан махталбытын тириэрдэбит.
“Дьааҥы саһарҕата” хаһыат бары ааҕааччыларын кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибит уонна баҕарабыт бу кэлэр сыл ааһан эрэр сыллааҕар өссө элбэх үтүөлэри аҕаллын, үлэҕэ-хамнаска ситиһиилээх буоллун, дьол-соргу тосхойдун.
Общ. корр.