Детство и юность Павла Ивановича Захарова прошли в Омолойском наслеге, на родине матери Александры Петровны. Он родился в семье известных оленеводов Слепцовых, дед Петр Алексеевич – потомственный оленевод, бригадир, долгие годы был организатором ындыы, решал вопросы транспортировки, заменял одновременно авто и водные транспорты, организовывал доставку генеральных грузов. В годы Великой Отечественной войны оленеводы Омолоя перевозили груза из местности «Склады». Эти огромные деревянные сооружения до сих пор стоят в сохранности на устье реки Омолой, рядом — бараки насильно переселенных, домики военной охраны, солдат и командиров.
С юношеских лет Павел был оленеводом и охотником-промысловиком. Труд в тяжелых условиях частично подорвал его здоровье. Павел с детства был общительным, доброжелательным, трудолюбивым, жизнерадостным. Он был хорошим спортсменом, ему не было равных среди ровесников в соревнованиях по национальным северным видам спорта, по борьбе хапсагай, по метанию аркана, по стрельбе. Он часто занимал призовые места в соревнованиях по верховой езде, в гонках упряжек на нартах.
Павел был настоящим интернационалистом, имел много друзей различных национальностей, был душой компании. Он был хорошим организатором, создателем крупного передового, прогрессивного сельскохозяйственного кооператива под названием СПК КРО «Чондон», деятельность которого успешно продолжают дочь Александра и зять Иннокентий Колесовы.
Светлая память о Павле Ивановиче Захарове навсегда останется в наших сердцах.
Иннокентий Никулин-Омолой
Доҕор буолбут быраатым
Ырай олоҕун курдук
Өлгөм амтаннаах аһынан
Күлэ-үөрэ туран,
Күндүлүүр миигин быраатым.
Харахпар көстөн кэлэр
Хайырга, төрөөбүт сиригэр,
Кып-кыра киһичээн
Кэннибиттэн сүүрэрэ.
Эйэлээх, эйэҕэс олохтоох
Эһэлээх эбэтэ кинини –
Сиэн уолларын маанылаан,
Сайын ахсын илдьэллэрэ.
Туундара кэрэ сиригэр
Табаһыттары эҥээрдэһэн
Хоодуот, хорсун санаалаах
Хоһуун үлэһит буолбута.
Аһыныгас дьоннуун алтыһан
Аһаҕас дууһалаах улааппыта,
Эдэр эрдэҕиттэн эриллэн,
Элбэҕи билбитэ-көрбүтэ.
Билиҥҥи олох сиэригэр
Бэлэмнээх киһи буолбута,
Доҕор буолбут бырааппар
Дьолу-ситиһиини баҕарабын!
26.01.2015 с.
Чаҕылхай олоҕу олорон ааста
Павлик ахсынньы 19 күнүгэр 1963 сыллаахха Хайыр бөһүөлэгэр төрөөбүтэ, оҕо сааhа эмиэ онно ааспыта. Хаһааччыйа орто оскуолатын бүтэрэн, советскай армияҕа баран ытык иэһин төлөөн кэлбитэ. 1988 сыллаахха олоҕун аргыһын Сардана Ивановнаны көрсөн Тумат нэһилиэгэр олохсуйа кэлбитэ.
Манна кэллэ да кыыл ытар Үрүҥ уулаах биригээдэтигэр биир бастыҥ булчут, кыылдьыт аатын ылбыта. Совхоз салалтата Павел Иванович салайар дьоҕурдааҕын бэлиэтии көрөн, Күндүөбэйдээх биригээдэтигэр бригадирынан анаабыта.
Кини бу кэмнэргэ дьиэ тутта охсон, кыыстаах уол оҕолонон Тумат биир сис ыалын аҕатынан буолбута.
Павлик биир уратыта диэн — кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас, эдэри кытта эдэр, оннук сырдык санаалаах, кэскиллээх тус көрүүлээх этэ. 2005 сылтан совхозтар бүтэннэр, СПК КРО «Төрүт» община тэриллэригэр община баһылыгын солбуйааччыта буолбута. Бу үлэҕэ эмиэ үрдүк таһымнаахтык үлэлээн 2007 сылга община баһылыга буолбута.
Онтон кэлин бу общинатын СПК КРО “Чондон” диэн аатын уларытан, олоҕун тиһэх күнүгэр диэри үлэлээбитэ. Кини дьаныардаах үлэтин, Усуйаана социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын улуус дьаһалтатыттан хас да грамотата, Ил Түмэн бочуоттаах грамотата уонна атын да элбэх Махтал суруктара туоһулууллар.
Павлик элбэх ыра санаалаах, баҕарар баҕалаах этэ, ону оҕолоро сиппэтэҕин ситэриэхтэрэ, оҥорботоҕун оҥоруохтара диэн бүк эрэллээхпит. Доҕорбут чахчы да ыраас дууһалаах, үтүө санаалаах этэ, кини чаҕылхай олоҕу олорон ааста.
Кэргэнигэр Сардана Ивановнаҕа уонна оҕолоругар Павлик чугас доҕотторун, табаарыстарын ааттарыттан өссө төгүл дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит. Биһиги дууһабытыгар эн куруук биһигинниин буолуоҥ.
Николай Ребров, чугас доҕоро, Усуйаана улууһун
бочуоттаах олохтооҕо