Муус устар 18 күнүгэр Сайылык нэһилиэгин олохтоох бибилэтиэкэтигэр Арассыыйа үрдүнэн сылын аайы ыытыллар аахсыйаҕа кыттыһан «Библионочь-2024» тэрээһин буолан ааста.
Биһиги нэһилиэкпитигэр «Библионочь» тэрээһин бастакытын ыытылынна. Тэрээһини иилээн-саҕалаан Татьяна Климовская ыытта. Библионочь араас хайысхаларынан тэрилиннэ, ыҥырыылаах ыалдьыттар кэлэн бэйэлэрин сатабылларын, талба талааннарын билиһиннэрдилэр, кэпсээтилэр.
Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, учууталлар учууталлара, олохтоох суруйааччы-поэтесса Наталья Данилова — Натали Ай бэйэтин айар үлэтин туһунан кэпсээтэ, кинигэлэрин көрдөрдө.
Наталья Ильинична: «Хоһоон иэйии киирдэҕинэ эрэ тахсар, сурукка тиһиллэр, бэйэм санаабын, чугас дьоммор тапталбын суругунан тиэрдэбин, өйдүү-саныы сылдьарга, үйэлэргэ хатыыбын», — диэн үллэстэр.
Иккис ыҥыырыылаах ыалдьыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Силээннээх орто оскуолатын учуутала Джемма Петрачук «антистресс» ньыматынан оҥоһуллубут, уйулҕа үөрэҕэр (психология) чугас, билиҥҥи үйэ уруһуйун кытта билиһиннэрдэ, ыалдьыттар олус диэн сэҥээрдилэр.
Уонна тэрээһиммитин бэрт сэргэхтик түмүктээтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, олохтоох култуура дьиэтин дириэктэрэ, баянист Михаил Горохов.
Баян хаһан кини олоҕор баар буолбутун, аптаах алыбыгар куустарбытын туһунан бэрт интэриэһинэйдик кэпсээтэ, икки ырыаны бэлэх уунна, баяҥҥа оонньуон баҕалаахтарга мастер-класс көрдөрдө.
Бастакытын ыытыллыбыт «Библионочь» тэрээһиммит киэҥ далааһыннаахтык ыытылынна диэтэхпинэ сыыспатым буолуо, саҥаны билэн-көрөн, ааспыты ахтан-санаан, күлэн-үөрэн олус истиҥник бириэмэбитин атаардыбыт. Өссө даҕаны маннык хабааннаах тэрээһиннэр биһиги нэһилиэкпитигэр ыытылла турдуннар.
Дженни Гармаева, саха тылын уонна литературатын учуутала