Сахабыт сирэ сылтан сыл тупсар, киэркэйэр. Өрөспүүбүлүкэбит куораттарыгар эрэ буолбакка, тыа сирдэригэр аныгылыы кыраһыабай көрүҥнээх сынньанар сирдэр элбииллэр. Тупсаҕай эйгэни тэрийии дойду президенэ Владимир Путин биэс сыллааҕыта көҕүлээн киллэрбит «Формирование комфортной городской среды» национальнай бырайыагынан ыытыллар. Маныаха тугу, ханна тутары, саҥардары дьон бэйэтэ талар. Бу хамсааһын кинилэр олохторун үтүө өрүккэ уларытан дьоллуур.
Киһи олорор эйгэтиттэн настарыанньата, ис туруга, бүтүн олоҕун оҥкула тутулуктаах. Саха сирин иэнэ олус киэҥ. Хас биирдии муннуга хатыламмат. Бэйэ-бэйэтигэр маарыннаспат олус уратылаах, ойуурдаах, хайалаах эриэккэс дойдулаахпыт. Онон ыллыҥ даҕаны тутан барбаккын. Олохтоох нэһилиэнньэ баҕатын учуоттуур булгуччулаах. Сүрүн уларыйыылар киирэллэригэр сакаасчытынан, сүнньүнэн, олохтоохтор бэйэлэрэ буолаллар. Онон манна хас биирдиибит кыттыан сөп.
«Биһиги куораттарбытын уонна бөһүөлэктэрбитин уларытан аныгылыы эйгэни тэрийэн олоруохтаахпыт. Маныаха төрүт нэһилиэстибэ хаалара, харыстанара наадалаах. Куорат эйгэтин уонна инфраструктуратын саҥардыыга биһиэхэ номнуо үтүө холобурдар бааллар. Үгүс кыра куораттар, улахан регионнар кииннэрэ уларыйдылар, биһиги тупсаҕай эйгэни тэрийэ үөрэннибит», – диэн дойду президенэ Владимир Путин былаас уорганнарыгар, ол иһигэр, Саха сиригэр сорук туруорар.
Биһиэхэ – миллиард!
Саха сирэ судаарыстыбаттан 2024 сыл устата благоустройствоҕа анаан үтүмэн сууманы ылыаҕа. Куорат тупсаҕай эйгэтин тэрийии федеральнай бырайыагынан, өрөспүүбүлүкэҕэ 1 млрд 200 мөл. солк. тыырыллыаҕа. Бэлиэтээн эттэххэ, кэнники биэс сылга бу федеральнай бырайыагынан үп-харчы тыырыллыытын кээмэйэ биллэрдик үрдээтэ. Ол курдук, 2019 с. судаарыстыбаттан өйөбүл уопсай суумата 462 мөл. солк. кэриҥэ этэ, оттон 2023 с. номнуо 912 мөл. солк. куоһарбыт.
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев куораттарга уонна тыа сирдэригэр общественнай сынньанар миэстэлэри тэрийии суолтатын туһунан мэлдьи этэр. «Бу хамсааһын олохтоохтор баҕаларын учуоттаан, биир кэлим былаантан саҕалаан, эбийиэктэр хаачыстыбаларын бэрэбиэркэтигэр тиийэ тупсаҕай эйгэ тутуллуутун төрдө буолуохтаах дии саныыбын», – диэн Айсен Сергеевич бэлиэтиир.
Туора холобур – көрдөрүүлээх
Кэнники биэс сылга региоҥҥа 67 общественнай миэстэ уонна 144 тиэргэн тупсарылыбыт. 2023 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 86 общественнай миэстэ уонна тиэргэн оҥоһуллубут, тупсарыллыбыт. 33 муниципальнай тэриллиигэ саҥа, тупсаҕай оҥоһуулаах сынньанар сирдэр, пааркалар, сквердэр, оҕо оонньуур уонна спортивнай былаһааккалар, кытыллар баар буоллулар.
Бу тутуулары түргэтэтэргэ уонна географиятын кэҥэтэргэ “Формирование комфортной городской среды” уонна “1000 дворов на Дальнем Востоке” диэн икки федеральнай бырайыагы тэҥҥэ үлэлэтэн ситиһилиннэ.
“Формирование комфортной городской среды” федеральнай бырайыагынан тутуллубут бэлиэ эбийиэктэр истэригэр:
— “Колымское подворье “ комплекс – Орто Халыма куорат киин болуоссата. Манна тэрээһиннэргэ аналлаах сыана, көрөөччүлэргэ хас эмэ өрүттээх трибуна, аллея, лааппылар, оҕо оонньуур зоналара уонна спордунан дьарыктанарга аныгы былаһаакка бааллар. Куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара сынньалаҥнарын атааралларыгар комплекс дьон тардыһар киининэн буолла.
— Ньурба куоратыгар Сергей Васильев аатынан паарка: дьаарбайарга аналлаах ыллыктар, спортивнай оонньуур зоналар, кэнсиэртиир былаһаакка тутулунна. Манна кафе, велосипед, самокат уо.д.а. спортивнай инвентары прокаттыыр пууннар үлэлииллэр. Сөргүтүллүбүт паарка сынньанарга эрэ буолбакка, куорат сүрүн кылаабынай бырааһынньыктарын тэрийэр сиринэн буолла.
— Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр “Майа сайына” болуоссат – өрүс уҥуор улуустарга бастакы улахан общественнай эйгэ. Манна маассабай тэрээһиннэргэ анаан амфитеатр, воркаут зоната, кыра уонна обургу оҕолорго оонньуур спортивнай былаһааккалар бааллар. Болуоссат устатын тухары сатыы хаамарга аналлаах маршруттар уонна велосипед суоллара ууруллубуттар. Киин эбийиэгинэн төгүрүк сыл үлэлиир павильон буолар. Манна кафе, прокат пууннара уо.д.а. инфраструктура атын эбийиэктэрэ табыгастаахтык олохсуйбуттар.
— Мирнэй куоратыгар “Заречный” микрооройуоҥҥа – Иирэлээх өрүс кытылыгар пляжтаах, спортивнай уонна оҕо былаһааккалаах, павильоннардаах сынньалаҥ сирэ тутулунна.
— Дьокуускайга Таалай күөл кытыла. Манна күөл кытыла тупсарыллыбыт, муоста саҥардыллыбыт, амфитеатр оҥоһуллубут, ыскамыайкалар, ууруналар туруоруллубуттар. Кытыл устатын тухары эниэргийэни харыстыыр анал сырдатыыны тардыбыттар. Саҥардыллыы кэнниттэн Таалай күөл кытыла куорат олохтоохторо сөбүлээн сылдьар сирдэринэн буолла.
Тупсаран оҥорууну талабыт
2024 сылга куораттары уонна сэлиэнньэлэри тупсарыы салҕанар: кытыллар, пааркалар, сквердэр, оҕо оонньуур уонна спортивнай былаһааккалара баар буолуохтара. 29 куоракка уонна бөһүөлэккэ олбуордар тутуллуохтара: Алдан, Томмот, Ленскэй, Мирнэй, Нерюнгри, Удачнай, Ньурба, Хаҥалас, Өлүөхүмэ уонна Дьокуускай. Бөһүөлэктэр: Сангаар, Айхал, Аллараа Кураанах, Чульман, Мохсоҕоллоох, Чернышевскай, Беркакит, Хаандыга, Уус Майа итиэннэ Үөһээ Бүлүү Дүллүкү, Хоро, Үөдүгэй, Нам Ленскэй, Кэбээйи, Мукучу, Бороҕон уонна Чурапчы нэһилиэктэрэ. Бу нэһилиэктэргэ ханнык бырайыактар олоххо киирэллэрин өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, эһиги, бэйэҕит талаҕыт. Онлайн куоластааһын б.дь. кулун тутар 15-тэн муус устар 29 күнүгэр диэри https://14.gorodsreda.ru/ страницаҕа ыытыллыаҕа.
Бэлиэтээн эттэххэ, Саха сирэ Уһук Илин федеральнай уокурук регионнарын ортотугар онлайн куоластааһыҥҥа дьону түмэринэн бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьар. Ол курдук, 2021 сыллаахха куоластааччы ахсаана 59 тыһ. киһиэхэ тэҥнэспитэ. Оттон 2022 сылга – 76 тыһыынчаҕа. Ааспыт сылга 75 тыһ. өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо тупсаҕай эйгэ иһин куоластаабыта. Чуолаан, маннык көхтөөх кыттыы иһин бырайыактарга судаарыстыбаттан көрүллэр үп-харчы үрдүүр. Төһөнөн элбэх киһи куоластааһыҥҥа кыттар да, соччонон элбэх бырайыак олоххо киирэр. Онон куоластааҥ! Сахабыт сирин инникитин бары бииргэ оҥоруохха!