Саха сирин бастакы вице-премьера Усуйаана улууһугар аччыгый атомнай ыстаансыйа тутааччылара олорор сирдэрин тутуутун хаамыытын билистэ

Саха сирин бастакы вице-премьера Усуйаана улууһугар аччыгый атомнай ыстаансыйа тутааччылара олорор сирдэрин тутуутун хаамыытын билистэ

Саха сирин бастакы вице-премьера Усуйаана улууһугар аччыгый атомнай ыстаансыйа тутааччылара олорор сирдэрин тутуутун хаамыытын билистэ

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов Усуйаана улууһугар үлэтинэн кэмигэр Уус Куйга бөһүөлэгэр кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйаны тутааччылар олорор сирдэрин оҥоруутун хаамыытын билистэ.

“Русатом Оверсиз” АУо Уус Куйга бөһүөлэгэр салаатын дириэктэрэ Вячеслав Никитин иһитиннэрбитинэн, 180 инженернэй-тиэхиньиичэскэй үлэһиккэ уонна тутааччыга аналлаах быстах кэмҥэ олорор сирдэрин (городок) тутуута түмүктэммит.

Күн бүгүн 1,5 тыһ. үлэһит уонна оҥорон таһаарар-тиэхиньиичэскэй бааза олохсуйуохтаах вахтовай тутуу ыытылла турар. Тутуу миэстэтин бэлэмнээбиттэр, буорун кута сылдьаллар, “Главстрой” ХЭУо хампаанньа 200 тыһ. куб.м. буору таспыт, 17,5 тыһ. миэтэрэттэн тахса скважинаны үүттээн 2800 сыбаайаны туруорбуттар.

Анал судаарыстыбаннай бырайыактыыр институт (Москва к.) уонна “Каркас” ХЭУо (Иркутскай к.) таһынан өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэрэ кытталларын бэлиэтиир оруннаах: Матвей Евсеев “Арктик Капитал” хампаанньа бөлөҕөр киирэр «Главстрой» ХЭУо, «АДК» ХЭУо итиэннэ быстах куораты уонна оҥорон таһаарар-тиэхиньиичэскэй бааза былаһааккатыгар буор кутар, сыбаайа туруорар, уу ситимин, дизельнэй электростанцияны, ыраастыыр ыстаансыйаны уо.д.а. тэрили таҥар, манна тириэрдэр массыына суолун оҥорор үлэни тэрийэргэ кэккэ суббэдэрээтчит тэрилтэлэр киирэллэр.

Сотору “АДК” ХЭУо хампаанньа кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйа тутуутун былаһааккатын былаанын үлэтин саҕалыаҕа. Тустаах саҕалыыр түһүмэххэ бу хампаанньаларга номнуо сүүсчэкэ үлэ миэстэтэ тэриллибит,  сыл бүтүөр диэри бу көрдөрүү 170 миэстэҕэ тиийэ эбиллиэхтээх.

Санатан эттэххэ, быйыл кулун тутар 30 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев “СӨ тырааныспар уонна энэргиэтикэ инфраструктуратын сайыннарыытын тэтимирдии туһунан” стратегическай суолталаах ыйаахха илии баттаабыта. Манна кини итини ситиһэр туһугар тус сыаллаах көрдөрүү уонна инники күөҥҥэ турар испииһэктэри бэлиэтээбитэ. Өрөспүүбүлүкэ тырааныспарка уонна энэргиэтикэҕэ инфраструктуратын сүрүн хапытаалын инвестициялааһын уопсай суумата 2030 сылга диэри 600 млрд. солк. итэҕэһэ суох диэн быһаарыллыбыта. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата суруйар.

Людмила Попова

 

Читайте дальше