Оҕо саас кустуга

Оҕо көмүскэлин күнүнэн уонна самаан сайын кэлбитинэн бука барыгытын истиҥник эҕэрдэлиибит! Аанньал курдук сып-сырдык, оторой-моторой оҕолорбут остуоруйа кэрэ дойдутун устун үтүөҕэ, кэрэҕэ, үрдүккэ  дьулуһуугут хаһан да уҕараабатын! Дьоллоох оҕо сааһы оҕолорбутугар ис сүрэхтэн баҕарабыт!

Оҕо саас кустуга

Оҕо көмүскэлин күнэ норуоттар икки ардыларыгар бэлиэтэнэр бырааһынньыгынан буолар. Бу күнү бэлиэтиир туһунан быһаарыыны 1949 сыллаахха Парижка дьахталлар норуоттар икки ардыларынааҕы демократическай федерацияларын кэнгириэһигэр көрбүттэр. Оҕо көмүскэлин күнэ аан бастаан 1950 сыллаахха бэлиэтэммитэ. Онтон ыла бу күн киэҥ далааһыннаахтык ыытыллар.

Оҕо саас кустуга

Оҕо! Бу үс дорҕоонтон турар суос­-соҕотох тыл төһөлөөх сымнаҕастык, сылаастык этиллэрий. Кини хас ийэ, аҕа дууһатын долгуппутунан, санаатын манньыппытынан киирэр. Төрөппүт эрэ барыта оҕолорун туһугар сыратын-сылбатын ыытан, дууһатын-санаатын ууран, оҕо иннэ, оҕо туһа диэн олоҕун үтүөкэн кэмнэрин аныыр, кинилэр дьоллорунан кынаттанар.

Оҕо саас кустуга

Усуйаана нэһилиэгэр  оҕо бырааһынньыгар анаммыт «Оҕо саас кустуга» диэн ааттаах тэрээһин  “Кэскил” култуура дьиэтигэр бэрт үчүгэйдик ааста.

Бырааһынньыгы иилээн-саҕалаан ыыттылар 3 куоска (“Три кота”) диэн мультик геройдара Коржик, Компот уонна Карамелька. Элбэх оонньуу оонньонно, ол курдук, көхтөөх кыттыыны ыллылар нэһилиэк түөлбэлэрэ, оҕолорго 2-лии минньигэс бириистээх оонньуулары оонньоттулар “Кустук”, “Дьүкээбил”, “Чэчир”.

Оҕо саас кустуга

“Кустук” түөлбэ минньигэс астаах остуол бэлэмнээн оҕолору күндүлээтэ.

Түмүккэ оҕолорго барыларыгар кулууп үлэһиттэрэ саахарнай баата  диэн минньигэс аһы оҥорон туттартаатыбыт. Ити курдук  оҕолорбут  үөрэн-көтөн астынан тарҕастылар.

Кэнчээри инники кэскиллэрбитигэр уонна төрөппүттэригэр үрдүк ситиһиилэри, туйгун үөрэҕи, доруобуйаны баҕарабыт!

Матрена Попова, Усуйаана нэһ.

Читайте дальше