“Соторутааҕыта оройуоннааҕы библиотека иһинэн үлэлиир «Наследие» музей пуондата өссө биир сэдэх экспонаттарынан туолла. Ол курдук, улууспут биир биллэр киһитин, Слепцов Иван Петрович – Икэ Уйбаан олорон ааспыт олоҕун туоһулуур тус малларын, кини аймахтара кэлэн үөрүүлээх быһыыга – майгыга туттардылар. Манна баар эбит: Иван Петрович эбээннии сарыы таҥастара, наҕараадалара, суруйан хаалларбыт ырыалара, хаартыскалара.
Слепцов Иван Петрович – талааннаах мелодист-огамнист, ырыаһыт-толорооччу, эбээн культуратын уонна тылын сүгээччи, бас билээччи, чаҕылхай чабырҕахсыт буолар. Кини аҕыйах ахсааннаах эбээн норуотун тыла, культурата умнуллубатын, симэлийбэтин туһугар күүстээхтик үлэлээбитэ.
Биһиги киин библиотека үлэһиттэрин аатыттан махталбытын тиэрдэбит Петрова Мария Трофимовнаҕа уонна кини дьиэ кэргэнигэр. Оттон музейбыт пуондата кэҥии, сайда турдун!”
Слепцов Иван Петрович 1942 сыллаахха алтынньы 14 күнүгэр Уйаандьы нэһилиэгэр эбээн табаһыттарын Петр Гаврилович уонна Варвара Николаевна Слепцовтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ. Убайа — мелодист, сээдьэһит Дмитрий Слепцов, балтыта бары билэр, ытыктыыр киһибит, ырыаһыт, эбээн культуратын пропагандиһа Варвара Слепцова.
Иван Петрович Силээннээх оскуолатыгар үөрэммитэ. Кини бу үөрэнэр кэмнэригэр элбэх оройуон, республика куонкурустарыгар, фестивалларыгар ситиһиилээхтик кыттыбыта.
1960 сыллаахха Намнааҕы профтехучилищены үөрэнэн бүтэрэн, тракторист-булдьозерист идэтин ылбыта. Кини эбээннэртэн бастакы бульдозерист буолбута. Бу идэтинэн Хатыҥнаах Салаа диэн хорҕолдьуну хостуур учаастакка үлэлии барар. Салгыы Депутатскай ГОК-ка үлэлиир. Манна үлэлии сылдьан, кытаанах үлэ кэнниттэн бииргэ үлэлиир дьонугар анаан ыллыыра, биһирэбил ылара.
Иван Петрович кэргэнинээн Евдокия Иннокентьевна Никулиналыын өр сылларга истиҥник өйдөһөн икки уол оҕону иитэн иллээхтик олорбуттара. Евдокия Иннокентьевна талааннаах иистэнньэҥ этэ. Ол курдук, кэргэнин кэнсиэртээҕи таҥастарын, “Нэргэт” ансаамбыл оҕолорун таҥастарын кини тигээччи. Онон ансаамбыл тэриллиитигэр эмиэ быстыбат сыһыаннаах, улахан өҥөлөөх. Кини араас таһымнаах быыстапкаларга өрүү кыттара, миэстэлэһэрэ.
Иван Петрович хоту киһитэ буолан барыны бары сатыыра. Булчут, балыксыт, табаһыт бэрдэ этэ. 90-с сылларга ынах-сүөһү, миинэр ат атыылаһан хаһаайыстыба тэринэн олорбуттаах. Ону таһынан Икэ Уйбаан эт-сиин өттүнэн сайдыылаах буолан спордунан дьарыктаммыта. Көҥүл тустуунан үлүһүйэн республикатааҕы трудовой резервэ чемпиона буолбута. Өссө да салгыы үрдүк күрэхтэргэ киирсиэҕин доруобуйатынан сыыйыллыбыта. Силээннээх хайыһарга сборнайын чилиэнэ этэ.
1980 сыллаахха Икэ Уйбаан төрүт тылынан толорооччулар икки ардыларынааҕы Бүтүн Сойуустааҕы күрэхтэригэр кыттан, лауреат үрдүк аатын сүгэн аан дойду дьонун биһирэбилин ылбыта.
Ити кэмтэн ыла аҕыйах ахсааннаах эбээн норуотун тыла, культурата умнуллубатын, симэлийбэтин туһугар сыал ылынан күүстээхтик үлэлээбитэ. 1986 сыллаахха бииргэ төрөөбүт балтытын Варвара Петровналыын нэһилиэк талааннаах ыччатын түмэн, биир баҕа санаанан угуттанан “Нэргэт” ансаамбылга үлэтин саҕалаабыта. Бу ансаамбылга элбэх көлүөнэ ыччат сылдьан ааспыта.
Иван Петрович биир үрдүк ситиһиитинэн РФ табаһыттарын сийиэстэригэр сээдьэһиттэр күрэхтэригэр “Сохранение и пропаганда традиций предков” диэн номинацияҕа бастакы миэстэ хаһаайына буолбута буолар.
Мирослава Федотова бэчээккэ бэлэмнээтэ