Мэлдьи өйдүү-саныы сылдьыахпыт

Мэлдьи өйдүү-саныы сылдьыахпыт

Тапталлаах күндү кэргэним, аҕабыт, эһэбит, бырааппыт, убайбыт Горохов Виктор Иванович сэтинньи 26 күнүгэр күн сириттэн соһумардык барбыта номнуо биир сыла буолла. Күндү киһибит барбытын итэҕэйбэппит.  Санаабытыгар билигин даҕаны ыстаадаҕа табаларын көрө-истэ, төрөөбүт киэҥ нэлэмэн туундаратыгар үлэ үлүскэнигэр сылдьар курдук.

Кини ыам ыйын 4 күнүгэр, 1966 сыллаахха Усуйаана улууһун Усуйаана нэһилиэгэр удьуор табаһыт Гороховтар дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕата Иван Николаевич, ийэтэ Мария Иннокентьевна оҕолорун барыларын туундара тыйыс айылҕатыгар сылдьарга, бултуурга, табаны көрөргө-истэргэ уһуйан ииппиттэрэ. Витя аҕатын, убайдарын кытта тэҥҥэ сылдьан,  хоту дойду хоһуун киһитэ буола улааппыта.

1983 сыллаахха Хаһааччыйа орто оскуолатын бүтэрбитэ. Тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэ киирбитэ. Үөрэҕин  ситиһиилээхтик бүтэрэн төрөөбүт дойдутугар, тапталлаах ыстаадатыгар, республикаҕа аатырбыт табаһыт аҕатыгар, Иван Николаевичка кэлэн үлэтин  саҕалаабыта.  Ити курдук, 1991 сыллаахтан  үтүө суобастаахтык үлэлээн-хамсаан аҕатыгар көмөлөспүтэ. Киниэхэ аҕатын үтүө сүбэтэ-амата  улахан өйөбүл буолбута. 2001 сыллаахтан ыстаада биригэдьииринэн ананан үлэлээн барбыта. Бу кэмтэн ыла биригэдьиир эппиэтинэстээх үлэтэ саҕаламмыта. Кини ыстаада табатын ахсаана элбиирин туһугар сыратын-сылбатын ууран туран үлэлээбитэ. Тымныыга, буурҕаҕа, ардахха-силбиккэ мэлдьи айаҥҥа сылдьан табаларын маныыра, кэтиирэ. Түргэн сырыылаах, барбыт-кэлбит, сылайар диэни билбэт үлэһит бастыҥа этэ. Айылҕа оҕото буолан, ханнык да ыарахаттартан чаҕыйбакка үлэлиирэ, дьон биһирэбилин, хайҕабылын ылара. Кини сыралаах үлэтин иһин Саха Республикатын, Российскай Федерация   тыатын хаһаайыстыбатын Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта.  «Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ» аат иҥэриллибитэ.

Дьоллоох, убаастанар дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, күндү сиэннэр амарах эһэлэрэ буолан дьоллоохтук олорбута. Мэлдьи сайаҕас, күлэ-үөрэ сылдьар элэккэй майгылааҕа, үтүө санаалааҕа. Аймах-билэ дьонугар истиҥ-иһирэх, эйэҕэс сыһыаннааҕа. Биһиги сүрэхпитигэр кини мэлдьи тыыннаах! Кинини истиҥник өйдүү-саныы сылдьыахпыт!

Дьиэ кэргэнэ, бииргэ төрөөбүттэрэ, аймахтара

Читайте дальше