Литературнай муннук. Савва Милютин хоһоонноро

Литературнай муннук. Савва Милютин хоһоонноро

Хаhааччыйа орто оскуолатын 2010 сыллаахха бүтэрбит, оскуола биир саамай бастыҥ выпускнига Савва Милютин cырдык кэриэhигэр анаан кини хоhооннорун ааҕааччылар болҕомтолоругар ыытабын.

 

Мин олоҕум

Бу үүнэн эрэр сибэккилии өссө биирдэ тыллыаҕым,

Бу ойор оҕо саастыын мин өссө биирдэ дайан ыллыаҕым,

Ол сабардыыр мин былыттыын күн уотун хаххалаан ыллыаҕым,

Хатан өлөн эрэр сибэккибин уунан  кутан ылыаҕым,

Ол көстөр мин кустуктуун өссө биирдэ  оонньуоҕум,

Ол тыгар, умайа сыдьаайар сулус  буоламмын көстүөҕүм,

Саҕахха саhар күнү кытта мин биирдэ  саhан ылыаҕым,

Дойдубун, сирбин кытта мин өссө биирдэ тыллыаҕым.

 

Yс сыдьаайар олугум

Оҕо сылдьар саастарбар оонньоон-күлэн хаалыахха,

Күлэр күнүм мичээрин үөрэн-көтөн ыллыахха,

Эдэр-хоhуун эрдэххэ үөрэх кыымын аhыахха,

Көтөр-дайар саастарбар көстөн-ааhан  хаалыахха.

Кырдьан кэлбит саастарбар — дууhам эдэр буолуоҕа,

Үөстэн сииккэ сиэллэрбэр  эрчим сүрэх тэбиэҕэ.

Үс сыдьаайар олугум – киhи дуомнаах төлкөтө

Уhyн сырыы олоҕум быстан биэрбэт ситимэ.

 

Уhук Хоту дойдуга

Сөрүүн тыалга сипсиллэн сибэккилэр үүнэллэр,

Күн уотугар сырдатан кэрэ лыахтыы көтөллөр.

Ыраас халлааҥҥа дайаллар күөрэгэйдэр, ымыылар,

Урааҥхай саха барахсан олох суолун тутуhар.

Уhук Хоту дойдуга төрөөбүт төрүт буоругар

Хоhуун дьону туойаллар – хоhоонньуттар айаллар.

Төрөөбүт төрүт дойдуга төрүт кырдьык тапталы,

Өрө дайар сырдыгы өрүү мэлдьи ылыахха.

 

Уол оҕото

Саха удьуорун салгыырга анаммыт,

Саха тылын уhатарга санаммыт,

Аҕыс кырыы, бэрт тутуу саха бастыҥ киhитэ.

Иhирэх, истиҥ куоластаах, сиэр-уруу суобастаах

Саха бастыҥ киhитэ — бэрт чулуу уол оҕото —

Лэгэнтэйдэр, Миисэлэр, Баhылайдар, Һэргэйдэр

Улуукааннаах дьэргэйдэр.

 

Саас

Сандал нарын кэрэ саас субу тиийэн кэллэҕэ,

Ырыа-чыычаах саҥата дьон санаатын көтөхтө.

Таастаах Дьааҥым биэрэгэр

Таалан турдум чуумпуга,

Көмүс кустугу курданан

Күндү күнүм күллэ-үөрдэ.

Тулабын көрөбүн, дьиктиргии сөҕөбүн,

Эриэккэс да эбит хоту дойдум сааhа.

 

Айылҕа кэрэтэ

Күөх халлааным анныгар,

Күөх сирэм үрдүгэр,

Оттоох хонуу быыhыгар

Күөрэгэй буолан чугдаарыам,

Туруйа буолан үҥкүүлүөм,

Киhи буолан олоруом,

Оҕо буолан көрүлүөм.

Айылҕа күүстэрин тэҥинэн

Киhи аргыhа буоламмын

Олоххо мин тиллиэҕим,

Күөх хонууга киириэҕим,

Сардаана буолан тыллыаҕым,

Кустук буолан оонньуоҕум,

Күн буолан тыгыаҕым,

Саас буолан кэлиэҕим.

 

Эбээни харыстыах

Үөрэхтээх буолууга,

Үөрүүлээх сылдьыыга,

Дьоллоох буолаары

Эбээни харыстыах.

Кинини убаастыах,

Киргэ, дьайга тиксимээри,

Моhуоктаахха сылдьымаары

Эбээни харыстыах,

Кинини убаастыах

 

Мин норуотум

Норуоппун өрө тардыахха,

Сырдык чыпчаалга тиэрдиэххэ,

Күүс буолан харыстыахха,

Дурда буолан хаххалыахха.

Нууччаны кытта туруохха,

Омугу кытары буолуохха,

Ыра санааны сыаллыахха,

Сырдык диэки кыаллыахха.

Бастакы өттүнэн эйэ,

Иккис күндү – ийэ

Үhүс норуот – бэйэ,

Суох буоллун – «айа»!

Бары-барыта сатаныа,

Туох бары үтүө кыаллыа,

Тус Сахам сиригэр,

Тус сахам дьонугар.

 

Саха тыына

Сахалыы тыынабын,

Сахалыы туойабын,

Сахалыы таптыыбын,

Сахалыы ыллыыбын

Тылым – саха, суолум – саха,

Дууhам – саха, дьолум – саха

Тыл өлүө – норуот эстиэ,

Тыл сайдыа – норуот үүнүө.

 

Абааhы ыыппыт моhуога

Абааhы ыыппыт моhуога — арыгы, эн эбиккин!

Дьону-сэргэни эhээри, киhи аймаҕы алдьатаары,

Сири кытта тэҥнээри, сири кытта тэпсээри,

Сирэй-харах анньаары, утарыта туруораары

Була сатыыр эбиккин!

 

Дьолу-соргуну ыhааччы,  сирэйтэн мичээри ылааччы,

Харах уутун тоҕооччу, хара тыыны аҕалааччы,

Өрүү кир аргыстаах,

Адьырҕа кыыл, эн тохтоо!

Тохтоо, таҥара туhугар,

Биhиги эйиигин кырыыбыт!

Бу дойдуга эйиэхэ миэстэ суох!

 

Кэрэ Кыыс

Эйиигин чугастык билбэппин, Кэрэ Кыыс,

Чугас доҕорбуттан билбитим  эн ааккын,

Биир киэhэ устата мөссүөҥҥүн көрбүтүм,

Кып-кыратык тыл бырахсан кэпсэппитим,

Кэрэ Кыыс… Кэрэ Кыыс…

Ырааххын билигин бу мантан, Кэрэ Кыыс,

Ол эрэн саныыбын Эйиигин күн ахсын.

Таптыыбын,- диэбэппин, ол эрэн, ол эрэн

Бэйэҕин санатаҕын мин түүлбэр киирэҥҥин, Кэрэ Кыыс…

Эн биһикки көрсүөхпүт дуо өссө биирдэ?

Иккиэйэҕин хаамсыахпыт дуо хаһан эрэ?

Кэрэ таптал кууһуо дуо Эн биһиккини?

Таайабын эрэ, күүтэбин ол кэмнэри…

Эйиигин нарыннык ааттыыбын санаабар,

Кэрэ Кыыс,- диэн эрэ этэбин ырыабар.

Эн бааргын дьиҥнээх кэрэчээн саха кыыһа,

Саха уолун дууһатын аспыт ырыата, Кэрэ Кыыс…

Читайте дальше