Хомоҕой хоһоон хонуутугар,
Ыра санаам кынатыгар,
Ыалдьыттаан ааһыахха,
Ыллам ырыа истиэххэ,
Дьикти кэрэ эйгэлээх,
«Иэйии кыыма» диэн ааттаах
Эрэл, таптал аргыстаах,
Түмсүү тула мустуохха.
Манна бааллар, дьиҥинэн,
Хоту дойду хоһуун дьоно,
Ырыа-хоһоон илдьиттээх,
Талба талаан мааныта
Дьэбдьиэкэйэ этэринии,
Тугу эрэ айыахха,
Дьэрэкээн тылларынан,
Туундаралыы хоһуйуохха.
Мохсунуоха убайбыт
Иэйии кыымын сахпыта,
Дьүкээбил уотун кэриэтэ,
Уостубатын букатын
Хоһоон уолбат күөлүгэр
Кэлиҥ, киириҥ, умсаахтааҥ,
Кынаттаах атынан көтүтэн,
Көмүс күннүүн сырсыахха,
Хомоҕой хоһоон хонуутугар,
Бүгүн мин ыалдьыттаан аастым,
Туолбатах ыра санаа күлүгэр,
Кустугу түһэрэн хааллардым.
Удьуор ситимэ
Ойор күннээх оҕо саас
Көҥүл кэмин санатар,
Буур табаккаам барахсан,
Дьолго сирдиир сулуһум
Хоту дойду мааныта,
Хоһуун уолчаан доҕоро,
Хап- харанан чоҕулуйар,
Хаардаах Дьааҥым табата
Айылҕа мааны оҕото,
Тунал туундарам аанньала,
Кутум- сүрүм тутааҕа,
Ураа муостаах табаккаам
Үйэлэри уҥуордаан,
Кэлэр кэрэ кэмнэргэ,
Өрүү маннык баар буолаар,
Удьуор ситимэ буолаҥҥын.
Розалия Горохова