Усуйаана улууһун социальнай-экономическай олоҕун сайдыытыгар туох баар күүстэрин, дьоҕурдарын, өйдөрүн-санааларын ууран туран, бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээн ааспыт дьонтон биирдэстэринэн биһиги биир дойдулаахпыт, Эдьигээн улууһун бочуоттаах олохтооҕо, “Бочуот знага” орден кавалера Иван Алексеевич Слепцов буолар.
Кини Усуйаана улууһун Тумат нэһилиэгэр 1919 сыллаахха ахсынньы 21 күнүгэр булчут дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Оҕо эрдэҕиттэн аҕатын кытары табанан, ытынан араас сырыыларга, бултка сылдьан эриири-мускууру эрдэттэн билбитэ, буһууну-хатыыны ааспыта. 1938 с. сэттэ кылааһы бүтэрэн үөрүү-көтүү буолбута.
Оччотооҕу сыллар биллэр уратыларынан анал үөрэхтээх каадырдар норуот хаһайыстыбатыгар тиийбэт эрэ буолбакка, отой аҕыйахтара, онон 6-7 кылааһы бүтэрбит дьон хайа баҕарар салайар үлэни толорор кыахтаах каадырдарынан ааҕыллаллара уонна ону чиэстээхтик толороллоро. Кинилэр даҕаны ол дьолтон маппатахтара.
Оскуоланы бииргэ үөрэнэн бүтэрбит доҕоро В.И. Гороховы (партийнай, салайар үлэһит, “Бочуот знага” орден кавалера) кытта 1939 сыллаахха Хаһааччыйа оскуолатыгар начальнай кылаастарга учууталынан үлэлээбиттэрэ. Кинилэри, эдэр учууталлары, сайыҥҥы каникулларга даҕаны комсомол райкома бэйэлэрин нэһилиэктэригэр сырдатыы, культмаассабай үлэни ыытарга көмөлөһүннэрэ ыыталлара.
Ону таһынан бүттүүн үөрэхтээһин ыытыллан ликбезкэ (ликбез – ликвидация безграмотности) кырдьаҕас эмээхситтэри, оҕонньоттору ааҕарга-суруйарга үөрэтэллэрэ. Сорох кырдьаҕастар барахсаттар буукубаны сатаан суруйбакка, эбиини-көҕүрэтиини билбэккэ, бу кэриэтэ саһаан кэрдибиппит буоллун да диэн улаханнык муҥатыйалларын кэпсиир этилэр.
Сэрии саамай ыарахан да сылларыгар олох инники сайдыыта тохтотуллубатаҕа. Бөһүөлэктэри тутуу, холкуостары бөҕөргөтүү, саҥа артыаллары тэрийии салгыы ыытылла турбута. 1942 сыллаахха Тумат билиҥҥи бөһүөлэгэ – Таас Харгы саҥа тутуллан эрэрэ. Ол сыл сайыныгар каникулга комсомол активиһын, дэгиттэр спортсмены Иван Слепцовы районо Тумакка тутуллар саҥа оскуола дьиэтин холкуос күүһүнэн туттаран аһар соруктаах командировкалаабыта.
Хаһааччыйаттан түөрт уон көстөөх, төрөөбүт сиригэр тиийэн, Чондон үрэҕин баһыгар Моонньо диэн сиртэн тутуу маһын кэрдэн, эт санныларынан сүгэн, соһон, болуоттаан, элбэх ыарахаттары көрсөн, аччыктаан, эстэн да тураннар тутуу маһын сүүрүккэ уһаараннар Тумакка аҕалбыттара. Аҕалбыт мастарын ууттан хостоон, тутуллар миэстэтигэр диэри таһан оскуола тутуутун саҕалаабыттара. Кинилэргэ билиҥҥи курдук чертеж, смета, ханнык даҕаны документация суоҕа. Оскуоланы аһар эрэ баҕа баарын туһунан олохтоохторго өйдөппүттэрэ. Тутуу бары ороскуотун холкуос төлүөхтээх диэн быһаарбыттара.
Ол курдук сынньалаҥа, өрөбүлэ суох сайыны быһа дьүккүөрдээхтик үлэлээн оскуоланы сэтинньи маҥнайгы күнүгэр үлэҕэ киллэрбиттэрэ. Бу норуот бэйэтин үбүнэн, баҕатынан туппут дьиҥнээх народнай тутуу — Тумат нэһилиэгин олохтоохторо оччотооҕу уонна кэнэҕэски ыччаттарыгар сэмэй, ол эрээри ис дууһаттан оҥоһуллубут күндү бэлэхтэрэ этэ.
Иван Алексеевич уонна оччолорго син эдэр Н.Е. Слепцов (Тиэхээн), Е.А. Слепцов (Дьөгүөрдээн), Никифоров (Мунхаал), С. Горохов (Тогуйумунаан), прораб П.Н. Колодезников (Халадьыас) уо.д.а. эр санаалаах дьон кытаанах үлэлэрин түмүгүнэн ситиһиллибитэ.
“Норуокка үйэ аҥара сыл кэриҥэ сулууспалаабыт төрөөбүт Тумаппар үөрэх, билии кыһатын тутуспут, маҥнайгы оскуоланы төрүттэспит улахан дьоллоохпун”, — диэн Иван Алексеевич кэлин бэйэтин ахтыытыгар саамай сөпкө киэн туттан бэлиэтээбитэ.
Эппитим курдук, комсомолец Иван Слепцов дэгиттэр спортсмен этэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кырыктаах кыргыһыылара өссө даҕаны уҕарыы илигинэ, 1945 сыл сааһыгар, кулун тутар ыйга, сотору буолуохтаах Улуу Кыайыыны уруйдаан, эр санаалаах, хорсун уолаттар — Усуйаана улууһун комсомолун иккис сэкэрэтээрэ А.Д. Окоемов, капитан, райкомол учуотун сэбиэдиссэйэ, политрук И.А. Слепцов, биллэр тустуук, кэлин хапсаҕайга республика хас даҕаны төгүллээх чемпиона Р.М. Петухов, рабочай, кэлин Үлэ Кыһыл Знамята орденнаах тутааччы А.Н. Романов, метеоролог В.В. Сучковскай буоланнар быһа холоон 2200 км усталаах сири 37 күн хайыһарынан хааман Хаһааччыйа-Силээннээх-Уйаандьы-Дружина нэһилиэктэринэн сылдьан, хайыһар походун былааҕын муус устар 20 күнүгэр Хаһааччыйаҕа күнүс үс чааска түһэрбиттэрэ.
Бу бэйэни харыстаммакка туран, Улуу Кыайыы туһугар тэриллибит историческай хайыһар похуода ситиһиилээхтик түмүктэммитин оройуон олохтоохторо үөрэн-көтөн, өрө көтөҕүллэн туран киэһэ оройуон киинин культуратын дьиэтигэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээбиттэрэ.
Сэрии ыар сылларыгар райкомол икки аналлаах ыччат-комсомольскай балыктыыр биригээдэлэри тэрийбитэ. Биирдэрин салайарга И.А. Слепцовы, биирдэрин Инн.А. Слепцовы (баянист Киэсэ) анаабыттара. Иван Слепцов уон киһилээх, Тумат бастыҥ ыччаттара чилиэннээх, Иннокентий Слепцов “Киров” холкуос ыччаттарыттан тэриллибит биригээдэлэри салайбыттара. Кинилэр биригээдэлэрэ Арыйаан кумаҕар балыктаан, дьулуурдаах үлэ түмүгэр биэс уонтан тахсалыы туонна балыгы туттарбыттара. Бастыҥ биригэдьиирдэр Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай Грамоталарынан наҕараадаланар чиэстэммиттэрэ.
Бэйэтэ лоп-бааччы тыллаах-өстөөх, сайаҕас өйдөөх, билиигэ-көрүүгэ баҕалаах, туохха барытыгар дьоҕурдаах эдэр киһини 1943 с. улууска бастаан тэриллэр “Большевик” хаһыакка эппиэттиир сэкэрэтээринэн биир санаанан талбыттара.
Хаһыат бастакы редакторынан, кэлин республикаҕа киэҥник биллибит талааннаах журналист Михаил Капустин анаммыта. Ол туһунан Михаил Дмитриевич бу курдук ахтан суруйбута: “Сэрии ыарахан сылларыгар Усуйаанаҕа саҥа тэриллэр хаһыаты таһаара үһүө буолан, мин – редактор, Петр Алексеевич Корнилов – типография директора, Матрена Леонтьевна Харитонова – наборщица Тиксиинэн, онтон муоранан айаннаан, Дьааҥы өрүс төрдүгэр теплоходунан кэлбиппит уонна Дьааҥы өрүс төрдүттэн катерынан өрө өксөйөн атырдьах ыйын 13 күнүгэр Казачьеҕа тиийбиппит. Редакция сэкэрэтээринэн Усуйаана олохтоох, сытыы-хотуу комсомолеһын, балыктыы сылдьар Иван Алексеевич Слепцовы ылбытым. Инньэ гынан балаҕан ыйын 1 күнүгэр “Большевик” хаһыат бастакы нүөмэрэ тахсыбыта. Ити оройуоҥҥа умнуллубат событиенан буолбута”.
Сэрии сылларыгар фроҥҥа көмөлөһүүгэ, үбү уонна ичигэс таҥастары хомуйууга ыытар үлэтин иһин комсомол Усуйаанатааҕы комитета Оборона комитетын махталын ылар чиэскэ тиксибитэ. Комсомол отут сыла туолуутунан сибээстээн, сэрии сылларыгар үлэлээбит райкомол сэкэрэтээрдэрэ И.И. Неустроев, А.Д. Окоемов, И.А. Слепцов хас биирдиилэрэ “Бочуот Знага” орденнарынан наҕараадаланар чиэскэ тиксибиттэрэ.
Иван Алексеевич Слепцов 1945-50 сс. Комсомол Усуйаанатааҕы комитетын сэкэрэтээринэн талыллан үлэлээбитэ. Онтон кини Дьокуускайга үс сыллаах советскай-партийнай оскуолаҕа үөрэммитэ. И.А. Слепцовы партия уобаластааҕы комитета Эдьигээҥҥэ оройуон хаһыатын эппиэттиир сэкэрэтээринэн үлэҕэ анаабыта. Кини манна кэлээт оройуон общественнай олоҕор актыыбынайдык кыттан барбыта. Онтон Кыстатыамҥа Ленин аатынан, Баахынайга Сталин аатынан холкуостарга бэрэссэдээтэлинэн, “Эдьигээн” сопхуос парткомун сэкэрэтээринэн, отделение управляющайынан үтүө суобастаахтык үлэлээн ааспыта. Үлэлээбит сирдэригэр барытыгар дьон кинини эйэҕэс, элэккэй майгылаах, үтүө, киэҥ сайаҕас дууһалаах, үлэҕэ ирдэбиллээх, кырдьык туһугар бэриниилээх салайааччы быһыытынан билиммитэ. Кини сырдык өйө-санаата, ырата, үлэтэ-хамнаһа, олоҕо бүтүннүү үүнэр көлүөнэни иитиигэ, төрөөбүт дойдута, норуота чэлгийэ сайдарыгар анаммыта.
Мин Иван Алексеевиһы кытары хара өлүөр диэри, оччолорго Ленскэй куоракка олороммун суруйсубутум. Мин хас ыйытыыбар кини ис дууһатыттан кыһаллан туран сиһилии эппиэттиирэ. Бэйэтин төрөөбүт сирин историятын, дьонун-сэргэтин чахчы билэрэ, ону кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдэр сырдык ыра санаалаах буолан миэхэ төһө кыалларынан көмөлөспүтэ.
“Эн суругуҥ миэхэ өрдөөҕү, эдэр сааһым сорох умнуллубат түгэннэрин санаппытын бэлиэтиэхпин сөп”, — диэн кини бастакы суругун саҕалаан махталын, үөрүүтүн-көтүүтүн биллэрбитэ. “Эн Күндүлүн диэн ааты ылыммыккын хаһыаттартан ааҕаммын олус сэргээтим. Ону ааһан урукку ааспыт олоҕум кэрчиктэрин санааммын үөрэ даҕаны санаатым. 1945 сыллаахха муус устарга Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыайыынан түмүктэнээри аҕай турдаҕына биһиги, оччолорго эдэр уолаттар, бэһиэ буоламмыт сити Күндүлүн тааһынан тахсаммыт, сотору буолуохтаах Улуу Кыайыыны өрөгөйдөөн Казачьеттан Абыйга диэри хайыһар походун оҥорбуппут”.
Мин кини туһунан төһө баҕарар суруйуохпун сөп этэ, ону хаһыат балаһата хааччахтыырынан тохтуурбар күһэлинним. Тыыл, үлэ, коммунист партия бэтэрээнэ, “Бочуот знага” орден, элбэх мэтээллэр кавалердарар, төрөөбүт дойдутун дьиҥнээх патриота, ытыктыыр, күндүтүк саныыр биир дойдулаахпыт, Эдьигээн улууһун бочуоттаах олохтооҕо Иван Алексеевич Слепцов күн сириттэн барбыт кутурҕаннаах сураҕын мин 1994 сыл күһүн, дойдубар уоппускаҕа кэлэ сылдьан хаһыаттан аахпытым.
Николай Күндүлүн, суруналыыс, кыраайы үөрэтээччи