Хаһааччыйаҕа «Туундара тыына» испиктээкил ааста

Хаһааччыйаҕа «Туундара тыына» испиктээкил ааста

Хаһааччыйа нэһилиэгэр Уйбаан Уйбаанабыс Томскай аатынан “Сайдыы» култуура киинигэр сэтинньи 25 күнүгэр

Аан дойду биир саамай чаҕылхай, чулуу айымньытын — Олоҥхо

күнүн бэлиэтии, киэн араҥаҕа тарҕатар, үйэтитэр сыаллаах сахалыы инструменнарынан доҕуһуоллатан кулууп иһинэн оҕо үҥкүү коллектива уонна талааннаах эдэр ыччат кыттыылаах «Туундара тыына» музыкальный испиктээкил киэҥ биһирэбилгэ, үрдүк таһымҥа ааста.

Эҕэрдэ нүөмэринэн эбии киэргэттилэр Лаурика Дохунаева салайааччылаах «Янги», Елена Горохова салайааччылаах «Северное сияние», Саргылана Янкова салайааччылаах «Янугайл» үҥкүү ансаамбыллара уонна Наталья Абрамова салайааччылаах трио ырыа коллектива.

Надежда Петрова

Читайте дальше