Кыра сааһыттан ииппит, улаатыннарбыт оҕом Костицын Андрей Сергеевич бу алдьархайдаах сэрии содулуттан эдэр сааһыгар олус хомолтолоохтук олохтон туораата диэн дириҥник курутуйан туран билэр дьоммутугар, аймахтарбытыгар, оҕом табаарыстарыгар, бииргэ үөрэммит кылааһынньыктарыгар биллэрэбин.
Оҕону сүтэрии диэн – мантан ордук иэдээн бу орто дойдуга суох. Бу киһи өйүгэр-санаатыгар сатаан киирбэт, дууһатынан, сүрэҕинэн ылыммат да, сөпсөспөт да ыар аһыы, сүрэххэ ааспат баас.
Оҕом Андрей сырдык, кэрэ мөссүөнэ өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр куруук баар буолуо, өрүү сырдык өйдөбүл буолан хаалыаҕа, ол да буоллар ийэ киһи быһыытынан кинини өрүү син биир кэтэһиэм…
Таптыыр ийэтэ Маргарита Григорьевна, убайа Иван, балта Анита,
быраата Григорий, кыыһа Жанна уорнна кыра бырааттара Саша, Игорь, Софи
Илиибин-атахпын,
Саныыр санаабын
Төрдүттэн быстылар,
Силиспин түөрдүлэр…
Оҕобун, эрэлбин,
Кэтэспит киһибин
Туура туттулар,
Тулаайах гыннылар.
Эрэлим эн этиҥ —
Кыайбаппын кыайарыҥ,
Оҥорон-оһорон
Туһаҕын дьэ билтим.
Оҕобун астына
Сэмээр хайгыырым,
Онтукам букатын
Бу сиртэн күрэнниҥ.
Эппэтэх тылларбын
Эйиэхэ этэбин,
Санаабар кэпсэтэн
Арыый да чэпчиибин.
Оҕом Андрей,
Дойдугун булларгыан,
Санаабар, баҕардар,
Аттыбар баар буолуоҥ…