Саха омуга үгүс үйэлэри уҥуордаан кэлбит, сүрэҕэр-быарыгар чугастык туппут, айылҕалыын алтыһан этэ-хаана чэпчиир, кута-сүрэ ыраастанар сүрүн бырааһынньыгынан Үрүҥ тунах ыһыах буолар. Улууспут киинигэр, Депутатскай бөһүөлэккэ, сырдык күммүт муҥутаан уһуур күнүгэр — бэс ыйын 21-гэр быйыл Россияҕа — Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр — Оҕо саас, Усуйаана улууһугар — Аҕа сылларыгар анаммыт Үрүҥ тунах ыһыах буолан ааста.
Бу күн Депутатскай олохтоохторо, ыалдьыттара Больничнай үрүйэ диэн аатырар сиргэ мустан, чугас дьоннорун, аймахтарын, доҕотторун кытта алтыһан, түһүлгэлээн үөрэ-көтө бырааһынньыктаатылар. Быйылгы ыһыахха тэрийээччилэр — “Металлург” культура дьиэтин кэллэктиибэ, улуустааҕы культура уонна духуобунай сайдыы управлениета саамай сүрүн бырааһынньыкпытын үрдүк таһымнаахтык, ураты тэрээһиннээхтик ыыттылар, дьону-сэргэни сэргэхситтилэр, хайҕабылларын ыллылар.
Түһүлгэ ыалдьыттарын киирии ааҥҥа үгэскэ кубулуйбут ыһыах сиэрин-туомун тутуһан, саламанан киэргэтэн, чуораан тыаһынан ыраастааһыны ыытан тэрийээччи кыргыттар ыалдьыттары көрүстүлэр. Ыһыах саҕаланыыта сахалыы сиэринэн Депутатскай олохтооҕо Яков Находкин аал уоту оттон, алгыс тыл этэн, алаадьылаах кымыһынан айах тутан күндүлээн Айыылартан көрдөстө. Алгысчыт эҕэрдэ тылын этэн туран чороонноох кымыһы туттаран, алгыстаах кымыс утаҕынан улууспут Аҕа баһылыгын Валерий Сидорины күндүлээтэ.
Баһылыкпыт Валерий Юрьевич Сидорин кэлбит дьону уйгу-быйаҥ ыһыаҕынан эҕэрдэлээтэ, эҕэрдэтин сахалыы тылынан саҕалаата: “Дорооболоруҥ, күндү биир дойдулаахтарым!”. Салгыы эҕэрдэтигэр ыһыах диэн сахаларга былыр-былыргыттан уһун кыһын кэнниттэн күүтүүлээх-кэтэһиилээх сайыны көрсүү, аламай күнү айхаллааһын, төрүт үгэстэри тутуһуу холобура буолар, улахан суолталаах бырааһынньык диэн бэлиэтээтэ. Билиҥҥи кэмҥэ ыһыах Саха сиригэр, улууспутугар олорор бары омугу сомоҕолуурун, доҕордоһууну, үтүө сыһыаны тэнитэрин эттэ. Мустубут дьоҥҥо бары үтүөнү, дьолу-соргуну, уйгуну-быйаҥы, чөл туругу, этэҥҥэ буолууну баҕарда. “Уруй-айхал!» диэн эҕэрдэтин түмүктээтэ.
Ол кэннэ мустубут дьон ыһыах алгыһын ылынан, эҕэрдэ кэнсиэрин көрөн түөлбэлэринэн түһүлгэлээтилэр, саха төрүт астарын амсайдылар. Ону тэҥэ араас куонкурустар, интэриэһинэй күрэхтэр бииртэн биир салҕанан бардылар.
Бастакынан түһүлгэлэр куонкурстара буолла, үс этаптаах көрүү түмүгүнэн манна “Умка” оҕо саадын иитээччилэрин уонна иитиллээччилэрин кэллэктиибэ бастаата. Иккис миэстэҕэ “Алгыс” бэтэрээннэр кулууптара тигистэ, үсүһү улуус киин балыыһатын кэллэктиибэ ылла.
Буоларын курдук, ыһыахха куруутун ыытыллар, дьон болҕомтотун тардар, биһирэбилин ылар саха омук төрүт спортивнай оонньуулара бу да сырыыга элбэх киһини, спорду таптааччылары үөртэ. Тэрийээччилэринэн ДЮСШ уонна улуустааҕы физкультураҕа, спортка, социальнай политикаҕа комитет буоллулар. Оонньуулары СР үтүөлээх тренера Дмитрий Солдатов иилээн-саҕалаан ыытта.
Дьон сөбүлүүр спорт көрүҥнэригэр — мас тардыһыытыгар, тутум эргииригэр, хапсаҕайга бэртээхэй хапсыһыылар, сытыы киирсилэр буоллулар. Күрэхтэр кыттыылаахтара, спортсмен уолаттар кыахтарын-уохтарын көрдөрдүлэр, күүстэрин-күдэхтэрин мээрэйдэстилэр. Кинилэри өйөөн, ыалдьалларын биллэрэн көрөөччүлэр хаһыытаан-ыһыытаан, тэптэрэн биэрдилэр. Онон бэрт көхтөөх, көрөргө астык күрэхтэһиилэр буоллулар.
“Тойук тоҕойо, хомус кырдала” фольклор жанрдары-нан күрэххэ хомуска оонньууга улахан дьоҥҥо – 1 миэстэни Анастасия Слепцова, 2-һи Ангелина Лях ыллылар. Оҕолорго — игирэ кыргыттар Альмира уонна Алина Никулиннар бастаатылар, 2 миэстэҕэ – Данияра Джанкобулова, 3 миэстэҕэ – Алина Насыева тигистилэр.
Тойук туойуутугар Ульяна Суздалова бастаата. Итини таһынан оһуохайга — улахан дьоҥҥо 1 миэстэни Ульяна Суздалова, 2 миэстэни Татьяна Тумусова ыллылар. “Лондол” диэн юкагир омук иилии эргийэр үҥкүүтүгэр улахан дьоҥҥо Надежда Холмогорова, оҕолорго Фадей Горохов кыайдылар. Сээдьэҕэ Анастасия Слепцова 1 миэстэ буолла.
Кэрэ аҥардарга, кыргыттарга “Кыыс киэргэлэ — уһун суһуох” диэн уһун баттахтаахтар күрэхтэригэр кыттыан баҕалаахтар балайда элбэх этилэр. Биирдии-биирдии тахсан, баттахтарын ыһан тутум мээрэйинэн мээрэйдэтэн, кыайыылаахтар быһаарылыннылар. Ол курдук улахан дьоҥҥо 1 миэстэҕэ Елена Семенова, 2 миэстэҕэ — Айталина Слепцова, 3-кэ Виктория Колесниченко тигистилэр. Оҕолорго 1 миэстэ — Нелли Хогурова, 2 миэстэ – Аэлита Горохова, 3 миэстэ – Туяна Данилова буоллулар.
Ыһыах биир умнуллубат түгэнинэн, көхтөөх тэрээһининэн Российскай Федерацияҕа Дьиэ кэргэн сылыгар ананан “Мин дьиэ кэргэним — мин харысхалым” диэн ааттаах эдэр ыаллар күрэхтэрэ буолла. Манна үс ыал кыттыыны ылла, “визитка” диэн этапка бэйэлэрин тустарынан билиһиннэрдилэр, туох дьарыктаахтарын кэпсээтилэр, дьиэ иһинээҕи үгэстэрин туһунан сэһэргээтилэр.
Ону таһынан сахалыы таҥастарынан уонна айан оҥорбут авангарднай муодаларынан дефиле көрдөрдүлэр. Уус-уран этапка туох сатабыллаахтарын, талааннаахтарын көрдөрөн, дьүүллүүр сүбэҕэ уонна көрөөччүлэргэ сыанабылы ыллылар. Конкурс түмүгүнэн, дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, 1 миэстэҕэ — Слепцовтар дьиэ кэргэннэрэ, 2-кэ — Басовтар, 3-кэ — Аммосовтар тигистилэр. Кыайыылаахтарга, кыттааччыларга ситиһиилэрин иһин махтал суруктары, бириистэри туттардылар.
Бырааһынньык “Металлург” культура дьиэтигэр дискотеканан түмүктэннэ.
Надежда Петрова
Фото: ДК «Металлург»