Ыам ыйын 22 күнүгэр “Саха сирин Арктиката” уопсастыбаннай тэрилтэ полярник күнүгэр анаан үөрүүлээх тэрээһини ыыппыта. Бу көрсүһүү саҕана билигин биһиги кэккэбитигэр суох  биллиилээх судаарыстыбаннай уонна политическай деятель, норуодунай депутат Владимир Членов аатынан  бириэмийэлэри туттарбыттара. Бириэмийэ сэттэ номинациялаах, ол иһигэр “Хоту уонна Арктика бастыҥ табаһыта”. Бу бочуоттаах ааты хоту дойду хоһууна, Усуйаана табаһыта, “Удьуор” кочевой родовой община салайааччыта Сергей Филиппов ылбыта диэн биһиги суруйан турабыт.

Кэккэ биричиинэлэринэн Сергей Кимович тэрээһиҥҥэ бэйэтигэр сылдьыбатах, ол эрээри наҕараадатын – 50 тыһ. солк. сертфикат уонна бэлиэни – бэс ыйын бүтүүтэ Депутатскайга кэлэ сылдьан тутан үөрдэ-көттө.

“2018 сылтан “Удьуор” аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар көһө сылдьар общиналара буолбуппут.  Этэҥҥэ үлэлии сылдьабыт, табабыт ахсаана улаатар, дохуот элбиир, судаарыстыбаттан көмө баар. Уопсайынан, үчүгэйдик, сөптөөхтүк дьаһаннахха, үлэттэн куоппатахха, үлэни өрө туттахха, туох барыта табыллар. Община үлэһиттэригэр салалта быһыытынан күүс-көмө, өйөбүл буола сатыыбын, олохторо-дьаһахтара тупсарын туһугар бары кыһаллан туран үлэлиибит, материальнай-техническай базабытын хаҥатабыт, оннооҕор дьиэ ылалларыгар көмөлөһөр кыахтанныбыт.

Холобур, бу билиҥҥи сырыыбар “Усуйаана” совхоз саҕаттан 40-ча сылы быһа бииргэ үлэлээбит Николай Семенович Стручковка Дьокуускай куоракка биир хостоох дьиэ атыылаһан кэллим. Уопсайа бу сыллар усталарыгар 4 община үлэһитин дьиэнэн хааччыйдыбыт. Ол курдук, 5 сыл үлэлээбит, Хаһааччыйаҕа күтүөт буолбут Муоматтан кэлэ сылдьар уолбут дьиэ атыылаһарыгар көмөлөспүппүт. Н.С. Стручков улахан уолугар,  зоотехникпытыгар Семеҥҥа Хаһааччыйаҕа икки сыллааҕыта эмиэ дьиэ ылбыппыт. Былырыын ыстаадаҕа үлэлиир кыыспар куоракка квартира атыыласпытым.

Чэ ситинник, судаарыстыба өттүттэн өйөбүл көрүллэр, бэйэбит да дохуоттанабыт, үлэһиттэр социальнай кыһалҕаларын быһаарабыт, олорор усулуобуйаларын тупсарабыт. Инникитин да маннык буолуо, — диэн түмүктүүр кэпсээнин Сергей Кимович.

Манна даҕатан эттэххэ, “Удьуор” родовой община бу сайын икки оҕону табаһыт көмөлөһөөччүтүнэн Үлэлээх буолуу киинин кытта дуогабардаһан үлэҕэ ыллылар.

“Организация временного трудоустройства несовершеннолетних граждан в возрасте от 14 до 18 лет в свободное от учебы время” диэн государственнай өҥө чэрчитинэн икки оҕо Сергей Кимович Филиппов салалталаах таба ыстаадатыгар үлэлэрин саҕалыахтара. Бу профориентационнай үлэ биир көрүҥүнэн буолар. Сайын устата оҕолор табаһыттарга көмөлөһүөхтэрэ, туһалаах үөрүйэхтэргэ үөрэниэхтэрэ. “Удьуор” община үлэһиттэрэ кинилэргэ үчүгэй холобур буолуохтара диэн эрэнэбин”, — диэн кэпсиир Үлэлээх буолуу киинин сүрүн специалиһа Снежана Егорова.

Бастыҥнар ааттарыгар киирбит Сергей Филипповы өссө биирдэ эҕэрдэлиибит!

Мирослава Федотова

Читайте дальше