Айар улэ умсулҕана

Кулун тутар 28 күнүгэр “Кэскил” култуура дьиэтигэр (Усуйаана нэһ.) биһиги биир дойдулаахпыт, эдьиийбит, СР  култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СР бочуоттаах бэтэрээнэ, «Үлэҕэ килбиэнин иһин” бэлиэ хаһаайына, СР мелодистарын союһун чилиэнэ, Усуйаана улууһун бочуоттаах олохтооҕо Ирина Абрамова доҕотторун, үөлээннээхтэрин  муһан 75 сааһын туолбутун уонна айар үлэтэ 50 сылын бэлиэтээтибит.

Айар улэ умсулҕана

Ирина Васильевна олоҕун устатын тухары  культура эйгэтигэр үлэлээн, билигин да үлэлии, сүүрэ-көтө, ыллыы-туойа, үҥкүүлү сылдьар. Остуол тула мустан, эдэр саастарын кэрэ кэмнэрин санаһан, сэһэргэһэн, күлэн- оонньоон, ырыа арааһын ыллаан бэркэ олордубут.

Ирина Васильевна бэйэтэ хоһуйбут ырыаларын ыллаан иһитиннэрдэ. “Кэскил” култуура дьиэтин үлэһиттэрин аатыттан эҕэрдэ сурук уонна сэмэй бэлэхпитин туттаран эдьиийбитин үөртүбүт.

Айар улэ умсулҕана

Түгэнинэн туһанан, өссө биир дойдулаахпытыгар, өр кэмҥэ Усуйаана кулуубугар үлэлээбит, билигин да олорон хаалбакка сүүрэ-көтө, кулууп ыытар тэрээһиннэригэр куруук көхтөөхтүк  кыттар Анна Слепцова 65 сааһын томточчу туолбутунан оройоннааҕы култуура управлениетын  начальнига Аполлон Болтунов ыыппыт эҕэрдэ суругун ааҕан  туттардыбыт уонна  ис сүрэхтэн эҕэрдэлээн кулууп үлэһиттэрин аатыттан сэмэй бэлэхпитин бэлэх ууннубут.

Айар улэ умсулҕана

Ити курдук доҕотторуттан истиҥ тыллардаах эҕэрдэлэр этилиннилэр, бэлэхтэрин туттардылар, биэчэрбит наһаа үчүгэйдик ааста. Ирина Васильевналыын бииргэ буолбут ыалдьыттарыгар махтал маанытын этэбит, куруук маннык эдэрдии эрчимнээх үөрэ-көтө сылдьыҥ, этэҥҥэ буолуҥ.

Матрена Попова, Усуйаана нэһилиэгэ

Читайте дальше