2024 сыл дьиэ кэргэҥҥэ ананар

Олорор дьиэ ырыынага: судаарыстыба өйөбүллээх ипотека олохтоммута тоҕоостоох буолла

Дойду президенэ Владимир Путин 2024 сылы Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ. Маннык быһаарыныыны кини дьиэ кэргэн сыаннастарын харыстыырга, киэҥник тарҕатарга итиэннэ элбэх өрүттээх өйөбүлүнэн ыал бары араҥата туһаннын диэн ылыммыта. Саха сиригэр быйылгы сыл Оҕо саас сылынан биллэрилиннэ. Онон өрөспүүбүлүкэ оҕону иитиигэ, оҕо доруобуйатыгар улахан болҕомтону ууруоҕа.

 

Ийэ хапытаалын кээмэйэ үрдээтэ

Олунньуттан ийэ хапытаала бастакы оҕоҕо 630 тыһ. 400 солк., иккис оҕоҕо 833 тыһ. солк. буолла. Оттон бастакы оҕолорун кэнниттэн иккистэригэр төрөппүттэр 202 тыһ. 600 солк. кээмэйдээх эбии төлөбүрү ылыахтара.

«Дойду президенэ Владимир Путин сорудаҕынан, 2022 сылтан ийэ хапытаалын кээмэйэ сыл аайы эбиллэн иһэр. Онон 2024 сыл олунньу 1 күнүттэн ийэ хапытаала  бастакы оҕоҕо 43400 солкуобайынан, иккис оҕоҕо 57400 солкуобайынан үрдээтэ», – диэн РФ үлэҕэ уонна социальнай харысхалга министрэ Антон Котяков быһаарар.

Бэлиэтээн эттэххэ, биһиги дойдубут ийэлэрэ ийэ хапытаалын үксүн олорор усулуобуйаларын тупсарарга туһаналлар. Хапытаалы үгүстүк ипотекаҕа уонна дьиэ, квартира атыылаһыытыгар тутталлар.

 

«Дьиэ кэргэн» хапытаал үрдүүр

Дьиэ кэргэни өйүүр федеральнай миэрэлэри тэҥэ өрөспүүбүлүкэттэн көмө үрдүүр. Номнуо 2024 сыл тохсунньутуттан үһүс уонна онтон кэлэр оҕоҕо икки бүк үрдэтиллибит «Дьиэ кэргэн» («Семья») диэн  ийэ хапытаала төлөнөр. Кээмэйэ 300 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Маны тэҥэ, өссө биир наадалаах уонна күүтүүлээх киллэһигинэн, олохтоох төлөбүрү сир учаастагын атыылаһарга эбэтэр дьиэ туттарга туттуохха сөп буолла.

Элбэх оҕолоох ыал – регион киэн туттуута. Үс уонна онтон элбэх оҕолонон улахан бигэ туруктаах дьиэ кэргэннэниэн баҕарар олохтоохтор баар буоланнар, биһиги өрөспүүбүлүкэбит оҕо төрөөһүнүгэр Уһук Илиҥҥэ бастакыларга киирдэ. Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэбитигэр 34 тыһ. элбэх оҕолоох ыалга 118 тыһ.-тан тахса оҕо иитиллэр. Нэһилиэнньэ улаатарын тэтиминэн биһиги дойдуга алтыс миэстэни ылабыт. Ааспыт сылга  Саха сирин нэһилиэнньэтин ахсаана 1 мөл. буолбута.

 

Төһөнөн элбэх да, соччонон үчүгэй

Саха сиригэр ийэҕэ уонна оҕоҕо көрүллэр көмөнү үп-харчы кээмэйинэн сыаналыыр буоллахха, ааспыт 5 сылга бары төлөбүрдэр сэттэ төгүл үрдээбиттэр – 27 млрд солк. диэри. 2024 сылга бу муҥутуур үрдүк суума «Дьиэ кэргэн» («Семья»), «Ийэ хапытаала» төлөбүрдэргэ, араас пособиеларга, компенсацияларга уонна субсидияларга ороскуоттаныаҕа.

«Биһиги дьиэ кэргэн бастыҥ үгэстэрин тарҕатыахтаахпыт. Онуоха өрөспүүбүлүкэбит дойду атын субъектарыгар баай уопутун тарҕатарга бэлэм. Дойдуга дьиэ кэргэн сылын ыытыыга биһиги уопуппут туһаныллыаҕа диэн эрэнэбин», – диэбитэ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев.

 

Дьиэ кэргэн дьоло – оҕоҕо

2023 сылга 10 тыһ.-тан тахса өрөспүүбүлүкэ ыала биһиги эрэ региоммутугар көрүллэр өссө биир көмө миэрэтин ылар бырааптаммыттара. Ол  – «Дети столетия» диэн тус сыаллаах хапытаал. Хапытаал кээмэйэ ааспыт сылга 105 тыһ. солк. этэ. Быйыл индексацияланан өрөспүүбүлүкэтээҕи хапытаалы ылааччыларга 110 тыһ. солк. ананыаҕа. Бэлиэтээн эттэххэ, бу хапытаал Саха сирин 100  уонна Ийэ сылларыгар ананан 2024 сылга эрэ диэри төлөнөргө суоттанан олохтоммута. Ол эрээри биһиги Ил Дархаммыт Айсен Николаев «Дети столетия» тус сыаллаах хапытаалы өссө 5 сылга уһатарга быһаарыы ылыммыта. Бу программанан Саха сирин ыаллара 702 мөл. солк.  ыллылар.

 

Үөрүү-таптал, сүбэ-соргу

Ыал буолар эдэр дьоҥҥо 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн саҥа көрүҥ өйөбүл көрүлүннэ. Ол курдук, 25-гэр диэри ыал буолбут эдэр дьон 50 тыһ. солк. суумалаах төлөбүрү  ылыахтара. Бу төлөбүрү ыларга Е-Якутия порталга киирэн электроннай сайабылыанньа суруллар. Саҥа көрүҥ өйөбүлү ылар иһин кэргэнниилэр Россия гражданнара уонна биһиги өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторо буолуохтаахтар. Материальнай көмөнөн олохторугар бастакытын ыал буолар эдэр дьон  туһаныахтарын сөп.

 

2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн оҕо пособиетын бары көрүҥэ индексацияланна

Бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ көрүллэр биир кээмэйдээх төлөбүр:

I зона – 55694 солк.; II зона – 46650 солк.Ый аайы үһүс оҕоҕо (итиэннэ онтон кэлин төрөөбүт оҕоҕо, 2023 сылга диэри төрөөбүт 3-гэр диэри саастаах оҕо хапсар) I зона – 27847 солк., II зона – 23325 солк. Элбэх оҕолоох, аҕыйах дохуоттаах ыалга оскуолаҕа диэн сыл аайы көрүллэр төлөбүр – 4302 солк. 17-гэр диэри саастаах оҕолорго көрүллэр пособие олох алын кээмэйиттэн тутулуктанан 3 көрүҥүнэн ананар: 50, 75 уонна 100%. 2024 сылга: I зона – 13923,05 солк.; 20885,02 солк.; 27847 солк.; II зона – 11662,05 солк.; 17493,07 солк.; 23325 солк.

2023 сылга олорор усулуобуйаларын тупсарыыга биир кэмнээх төлөбүрү 5-тэн элбэх саастарын ситэ илик оҕолоох 98 ыал 337,3 мөл. солк. ылбыттар. 10 уонна онтон элбэх оҕолоох 5 дьиэ кэргэн уонна оҕо иитэр ыалларга массыына атыылаһалларыгар 837 тыһ. солк. суумалаах биир кэмнээх төлөбүр – уопсайа 4 мөл. солк. көрүллүбүт.

10-тан элбэх оҕолоох 3 ыалга дьиэ атыылаһалларыгар уонна тутталларыгар анаан 28 мөл. солк. суумалаах төлөбүр көрүллүбүт. Төлөбүр орто кээмэйэ 9 мөл. солк. тэҥнэһэр. Үс игирэ оҕону төрөппүт 4 саха ыала 5,5 мөл солк. туппуттар.

Россия президенэ Владимир Путин ийэ буолууну уонна оҕо сааһы өйүүр миэрэлэри дойду саамай кылаабынайдара диэн сыаналыыр. Кини бэлиэтииринэн: «Дьиэ кэргэн – олох төрдө, оттон дьиэтэ – киһи личность быһыытынан ситэр-хотор, олоҕу көрүүтэ, духуобунай өйө-санаата, сайдар сирэ».

 

 

Читайте дальше