Тумат нэһилиэгэр былыр-былыргыттан табаһыттар түөлбэлээн олороллор, дьиэ табатын иитиитинэн утумнаан дьарыктаналлар. Таба иитиитэ хоту дойду хоһуун дьонноругар төрүт дьарыктарынан буолар. Биһиги өбүгэлэрбит бары да үлэни өрө түтан, ыарахантан чаҕыйбакка, күүстэрин харыстаабакка үлэлээн-олорон кэлбиттэрэ. Кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ дьарык оҥостон өбүгэлэрин үгэстэрин, утумун салҕаан, дойдуларын чэчирии сайдарын туһугар үлэлииллэр-хамсыыллар.
Ыам ыйын 7 күнэ биһиэхэ ураты суолталаах бэлиэ күнүнэн буолла. Күнүс 12 чаастан өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакынан чулуу табаһыттарга аналлаах, Тумаппыт устуоруйатыгар киирэр, уоттаах- күөстээх Искибиэр Тумакка арыллыыта үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытылынна. Бу Искибиэри көҕүлээччи-тэрийээччи, спонсор, биһиги биир дойдулаахпыт, удьуор табаһыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Российскай Федерация тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, үлэ бэтэрээнэ уонна “Удьуор” таба общинатын салайааччыта – Сергей Филиппов буолар.
Сааскы сайаҕас сылаас күҥҥэ олохтоохтор, ыалдьыттар тоҕуоруһа муһуннулар. Ыытааччы Мичил Томскай эҕэрдэ тылын кэнниттэн бу Искибиэри бэйэтэ көҕүлээн, спонсордаан тэрийээччи Сергей Кимовичка тылы биэрдэ. Кини бу Искибиэр туруоруллуутугар (кылгас кэмҥэ) күүс- көмө буолбут дьонноругар: Василий Легусиҥҥа, Семен Филипповка, Михаил Гороховка, Алексей Шахурдиҥҥа махталын биллэрдэ. Кини Туматтан төрүттээх, биир тарбахха баттанар, убаастанар, Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр биир дойдулаахпыт буолар.
Салгыы олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччыта Лариса Тоскина эҕэрдэлээн туран Махтал сурук туттарда. Салгыы эҕэрдэ, махтал тылларын биир дойдулаахтара “Түмсүү” култуура дьиэтин дириэктэрэ Андриян Горохов, Үлэ бэтэрээнэ Николай Легусин эттилэр.
Ити кэннэ Искибиэри үөрүүлээхтик арыйар лиэнтэни быстылар: С.К. Филиппов – тэрийээччи-спонсор, Л.И. Тоскина — олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччы, 11-с таба иитэр ыстаада биригэдьиирэ Ким Болтунов, 1-гы ыстаада биригэдьиирэ, Сергей Филиппов уола Александр Филиппов.
Эҕэрдэ ырыаларынан киэргэттилэр чаҕылхай ырыаһыттарбыт: Алексей Горохов, Туяра Бубякина, Мичил Томскай, Павел Винокуров. Ону тэҥэ С. Филипповка махтал тылларын эттэ, Искибиэр истиэндэтигэр киллэриллибит, өр сылларга таба иитиитигэр олохторун анаабыт: Семен Николаевич уонна Мария Николаевна кыыстара – Сардаана Томская. Мустубут дьон сэргии-хайҕыы көрдүлэр, махтаннылар, С.К. Филипповка – өрөспүүбүлүкэҕэ биир киэн туттар патриот киһибитигэр махтал бастыҥын анаатылар, өссө да үрдүк ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны баҕардылар.
Искибиэр туһунан кэпсиир буоллахха, искибиэр үс истиэндэттэн турар: бастакы истиэндэҕэ киирдилэр урукку сылларга, холкуос-сопхуос кэмигэр таба иитиитигэр сыраларын биэрбит, олохторун анаабыт, убаастанар биир дойдулаахтарбыт: табаһыттартан бастакы “Бочуот знага” уордьан кавалердара Григорий Алексеевич Томскай; Тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Усуйаана улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Николай Егорович Слепцов; “СССР норуодунай хаһаайыстыбатыгар ситиһиилэрин иһин” көмүс мэтээл уонна “Үлэ кыһыл Знамятын” уордьанын хаһаайыннара Сергей Иванович Колесов; Тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Усуйаана улууһун бочуоттаах олохтооҕо Семен Николаевич Томскай; Тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, “Коммунистическай үлэ ударнига” Николай Иванович Барабанскай; “Бочуот знага” уордьаннаах, “Килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээллээх Петр Николаевич Уваровскай; Тыыл, үлэ бэтэрээнэ, “Коммунистическай үлэ ударнига” Иван Иннокентьевич Колесов; Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Үлэ бэтэрээнэ Ефрем Ильич Томскай; «Коммунистическай үлэ ударнига», Үлэ бэтэрээнэ Василий Николаевич Колесов; Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ Василий Петрович Томскай; Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Үлэ бэтэрээнэ Валерий Иннокентьевич Протодьяконов; Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Үлэ бэтэрээнэ Илларион Харлампьевич Томскай; бииргэ айаҥҥа көһө сылдьан өр сылларга үлэлээбит чуумсуктар: “Коммунистическай үлэ ударнига”, Тыыл, үлэ бэтэрээнэ Евдокия Игнатьевна Колесова; Усуйаана улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Тыыл, үлэ бэтэрээнэ Мария Николаевна Томская; Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Тыыл, үлэ бэтэрээнэ Тамара Семеновна Филиппова (Сергей Кимович ийэтэ).
Ортоку истиэндэҕэ дьэрэкээн айылҕа көстүүтүгэр турар тимир илиистэн оҥоһуллубут “туундара туллуктара”- икки табалар, үһүскэ — өр сылларга таба иитиитигэр удьуор утумун салҕаан бэриниилээхтик үлэлээбит уонна билигин үлэлии сылдьар биир дойдулаахтарбыт: Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай бириэмийэтин Лауреата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Усуйаана улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах олохтооҕо, Тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Сергей Кимович аҕата Ким Никитич Филиппов; Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Үлэ бэтэрээнэ Маркел Иванович Слепцов; Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Российскай Федерация тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, үлэ бэтэрээнэ уонна “Удьуор” таба общинатын салайааччыта – Сергей Кимович Филиппов; Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,Үлэ бэтэрээнэ Николай Семенович Стручков; Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Геннадий Кимович Филиппов (Сергей Кимович бииргэ төрөөбүт быраата); Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Гражданскай килбиэн” Бэлиэ хаһаайына Ким Алексеевич Болтунов (Сергей Кимович балтын уола).
Биһиги Тумаппытыгар кэнники сылларга араас тутуулар элбээтилэр: ол курдук ыалдьыттары, ыраахтан кэлэр айанньыттары көрсөр-атаарар уоттаах- күөстээх бэлиэ — стела; самаан сайыны көрсөр ыһыахтыыр сир (өссө икки ураһа тутуллан эрэр); эдэр ыччаттарбытыгар, олохтоохторго аналлаах успуорт балаһааккалара. Маннык кэрэ бэлиэ, өйдөбүнньүк, улахан суолталаах сирдэр баар буолан иһэллэриттэн олохтоохтор олус үөрэбит, киэн туттабыт. Кэнчээри ыччаттарбыт чулуу дьоммут туһунан билэн, өйдүү-саныы сылдьыахтара диэн эрэнэбит.
«Үлэ — чиэс, албан аат» Искибиэр саамай көстүүлээх сиргэ — киин уулуссаҕа туруорулунна. Түмүккэ өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түһүү буолла. Бу Искибиэр Тумаппытыгар дьон-сэргэ таптаан сынньанар, киэн тутта көрөр-кэпсиир биир бэлиэ сирэ буолуо диэн бигэ эрэллээхпит.
Манна өссө ыскамыайка оҥоһуллан турара, тулатыгар көҕөрдүү, араас сибэккилэри олордуу былааннанар. Олохтоохтортон истиэндэҕэ киирэр дьоннорун хаартыскаларын уонна кинилэр наҕараадаларын туһунан матырыйаалларын хомуйан, көмөлөһөн Искибиэр оҥоһулларыгар кылааппын киллэрбиппиттэн олус үөрэбин. Түгэнинэн туһанан күүс-көмө буолбут дьоммор махталбын тиэрдэбин.
Тумаппыт туруу үлэһит дьоммутунан киэн туттабыт, кэпсээҥҥэ тиһэбит. Удьуор утума салҕанар.
Елизавета Горохова, Тумат