ВЭФ-2023: Быйылгы бырайыактар хайысхалара киэҥ

ВЭФ-2023: Быйылгы бырайыактар хайысхалара киэҥ

Владивостокка ахсыс Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум ыытылынна. Саха сирин бырабыыталыстыбата үс күн иһигэр 100 млрд солк. суумалаах 30-ча инвестиционнай бырайыакка илии баттастылар. Быйыл бырайыактар хайысхалара киэҥ – норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлэһииттэн саҕалаан бырамыысыланнай эбийиэктэргэ, тырааныспарга, сибээскэ, олорор дьиэни тутууга тиийэ. Ол курдук, бастакы күҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев уонна «Роснедра» салайааччыта Евгений Петров көрсөн бырамыысыланнас боппуруостарын ырыттылар, сүрүннээн геологическэй чинчийиини өрөспүүбүлүкэҕэ сайыннарыы туһунан кэпсэттилэр.

«Саамай бастакы уонна тутаах сорукпут Саха сиригэр геологическэй чинчийии сайдыытын былаанын оҥорон таһаарыы буолар. Бу улахан боппуруоһу өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев Арассыыйа Бэрэсидьиэнигэр суруйбут суругар киллэрбитэ», – диэн СӨ бырамыысыланнаска уонна геологияҕа миниистирэ Максим Терещенко иһитиннэрдэ. Кини бэлиэтээбитинэн, көрсүһүүгэ ону таһынан бырамыысыланнас салаатыгар сыыппараны (цифровизация) киллэрии туһунан кэпсэттилэр.

«Билигин биһиги чопчу эбийиэктэри, үлэ болдьоҕун уонна көдьүүһүн туһунан кэпсэттибит. Бу үлэ түмүгэр өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтигэр 2 трлн тахса солк. көрүллүөҕэ. Ону таһынан, геологическэй чинчийии чөлүгэр түһүөҕэ, саҥа каадырдар тахсыахтара, оройуоннарбытыгар, ол иһигэр хоту уонна ыраах сытар, бырамыысыланнас сайдыаҕа», – диэтэ миниистир. Итиэннэ “Күчүс” бырамыысыланнас кластерын бырайыактарын олоххо киллэриитигэр бииргэ үлэлэһии туһунан түөрт өрүттээх сөбүлэһии ылылынна. Докумуоҥҥа РФ Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын министиэристибэтэ, Саха сирин бырабыыталыстыбата, «Росатом» уонна «Селигдар» хампаанньалар илии баттаатылар.

Кластер биир сүрүн эбийиэгинэн Усуйаана оройуонугар сир үрдүнээҕи кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйа буолуоҕа. Соторутааҕыта ыстаансыйа бастакы эбийиэгин – тутааччылар олорор сирдэрин арыйбыттара. Бу эбийиэк үлэҕэ киирдэҕинэ, “Күчүс” кластеры эрэ буолбакка, чугас сытар Усуйаана уонна Дьааҥы оройуоннарын сэлиэнньэлэрин эниэргийэнэн хааччыйыаҕа. Эбийиэк үлэҕэ 2028 сылга киирэрэ былааннанар.

«Бу ыстаансыйа тутулуннаҕына, Саха сирин Арктикатын оройуоннара күүскэ сайдыахтара. Кини бырамыысыланнас эбийиэктэрин үлэтин хааччыйыаҕа, ону таһынан билигин үлэлии турар дизельнай уот ыстаансыйаларын солбуйуоҕа. Итиэннэ чугас­тыы сытар нэһилэнньэлээх пууннар социальнай уонна логистическэй инфраструктуралара сайдыаҕа, олох хаачыс­тыбата тупсуоҕа», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Айаал Аргунов, «Саха сирэ»

Читайте дальше