Ыһыах диэн сахаларга, айыы дьонугар, айылҕа оҕолоругар, биир сүдү итэҕэл, сиэр-туом буолар. Оҕолорго кыра эрдэхтэриттэн өбүгэлэрбит үгэстэринэн, саха омук өйүн-санаатын билиһиннэрээһин, самаан сайын салаллан кэлбитин бэлиэтээһин, ыһыахха дьон-сэргэ мунньустан үөрэрин-көтөрүн, ыллыырын-туойарын, көрү-нары көҕүлүттэн тутарын туһунан өйдөбүлү биэрии сыалыттан от ыйын 18 күнүгэр ытык кырдьаҕас Усуйаана нэһилиэгэр Арассыыйаҕа — Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр — Оҕо саас, Усуйаана улууһугар — Аҕа сылларын чэрчитинэн, Бүтүн Арассыыйатааҕы Норуот тылынан уус-уран айымньытын биир кэлим күнүгэр анаан, “Кэскил” култуура дьиэтин үлэһиттэрэ Оҕо ыһыаҕын үөрэ-көтө тэрийдилэр.
Оҕо ыһыаҕын иилээн-саҕалаан ыыттылар Юрико уонна Александра Дохунаевалар. Күн кэриэтэ күндү көмүс оҕолорго, кэлбит ыалдьыттарга бэйэтин эҕэрдэ тылын эттэ нэһилиэк баһылыга София Олесова.
Манна даҕатан суруйдахха, эҕэрдэ нүөмэрдэргэ араас сахалыы ырыаларга сиэттэрэн хомуска Санаайа Туостаан, Милена Ефимова, Карина Борисова, Анфиса Пчельникова доҕуһуоллаатылар, салайааччы Туйаара Колодинская — Усуйаанатааҕы библиотека үлэһитэ.
Нэһилиэкпит оҕолоро туох баар мааны сахалыы таҥастарын таҥнан-симэнэн кэлбиттэрэ ордук кэрэхсэбиллээх буолла. Хас биирдии ыалдьыт Култуурабыт дьиэтин иһигэр киириэхтэрин иннинэ таҥас кырадаһаныттан ылан, тардыллыбыт ситиигэ баайдылар, күн төгүрүк алгыстаах алаадьынан уруйдаан-айхаллаан күндүлээтибит.
Саастарынан арааран араас күрэстэр ыытыллыннылар. Уһуйаан уонна оскуола алын кылаастарыгар анаан хамаанданан сүүрүүлээх-көтүүлээх оонньуулар буоллулар. Оҕолорго биирдиилээн толорууга «Сайын кэллэ» диэн хоһоон, ырыа күрэһин түмүгүнэн, ырыаҕа 1 миэстэни ылла Алгыстаана Горохова, хоһооҥҥо 1 м. — Карина Борисова, 2 м. — Айсиэна Сыроватская, 3 м. — Санаайа Туостаан.
«Уһун суһуох — кыыс киэргэлэ» диэн күрэскэ кэрэчээн нарын куо кыргыттарыгар оскуола оҕолоругар 1 м. — Милена Ефимова, 2 м. — Ева Слепцова, 3 м. — Анна Эльгистирова, уһуйаан оҕолоругар 1 м. — Алгыстаана Горохова, 2 м. — Диляра Нерлова тигистилэр.
Оскуола хорсун хоодуот уоланнарыгар «Өбүгэ төрүт оонньуулара» диэн ааттаах олус бэртээхэй, интэриэһинэй күрэх ааста, тоҕус уолан кытынна. Ол түмүгүнэн 1 миэстэҕэ таҕыстылар — Ник Ефимов, Харысхал Горохов, Артемий Сыроватский, 2 миэстэни ыллылар — Эрэл Слепцов, Толя Березкин, Вадим Цыпандин, 3 м. — Ефим Мярин, Замир Борисов, Данил Мярин.
Күрэстэр барыта түмүктэммиттэрин кэннэ бары төгүрүччү мааны остуолу тардан баран мустан олорон аһааһын буолла.
Бука бары Усуйаанабыт нэһилиэгин дьонугар-сэргэтигэр, ыалдьыттарыгар, кэлэр кэнчээри ыччаттарбытыгар баҕарыа этибит туох баар санаалара сатанарыгар, дьолу-соргуну, или-эйэни, өйдөһүүнү-өйөһүүнү! Барҕа махтал буоллун бырааһынньыкпытын кэлэн киэргэппит көрөөччүлэрбитигэр, дьону-сэргэни сэргэхсиппит бары кыттыылаахтарбытыгар.
Александра Дохунаева