Кулун тутар ыйга учууталларым миэхэ «Москубаҕа бараҕын», — диэн эппиттэригэр олус диэн үөрбүтүм. Ол күнтэн ыла мин барар күммүн наhаа күүппүтүм.
Дьокуускай куоракка кылааhым салайааччыта Ольга Андреевна көрсөн «Россия – моя история» түмэлгэ «Рюриковичи» быыстапканы, Ю.А. Гагарин аатынан култуура киинигэр АГИКИ устудьуоннара толорууларыгар «Нөлтэк» диэн хотугу үhүйээҥҥэ олоҕурбут испиктээкили көрбүппүт.
Муус устар 6 күнүгэр Усуйаана улууhуттан 15 оҕо 2 салайааччылаах Москуба куоракка Аан дойдутааҕы «Россия» выставка-форумҥа баран элбэх интэриэhинэйи билэн-көрөн, сэргээн кэллибит. Москубаҕа «Измайлово» диэн гостиницаҕа олорбуппут. ВДНХ-ҕа, Кыhыл болуоссакка, Третьяковскай галереяҕа, Москва-Сити смотровой площадкаҕа сылдьыбыппыт.
ВДНХ-ҕа ВК, №75 саамай улахан аныгылыы выставочнай плошадкаҕа, №21 «Движение первых» павильоннарга сылдьыбыппыт уонна 1954 сыллаахха ВДНХ аhыллыытыгар тутуллубут «Дружба народов» кылаабынай фонтааны көрбүппүт, хаартыскаламмыппыт. ВДНХ-ҕа араас кэрэхсэбиллээх экспонаттары Роборука, Сбер компания автопилотнай массыынатын, Камчатка туhунан видеофильм, онтон да атыттары көрбүппүт.
Третьяковскай галереяҕа биллиилээх худуоhунньуктар Левитан, Шишкин, Айвазовскай о.д.а. хартыыналарын уонна араас элбэх скульптуралары сөҕө-махтайа көрбүппүт. Кыhыл болуоссакка Кремль, Мавзолей дьиэлэрин көрбүппүт, күүлэйдээбиппит. Москва-Ситига 89 этээскэ баар смотровай площадкаттан Москва куораты үөhэттэн көрөр үчүгэйиэн! Виртуальнай ролигынан куорат тутуллуутун, үүнүүтүн-сайдыытын, мороженай уонна шоколад оҥорор фабрикалар үлэлэрин кытта билсибиппит. Панорамычы — үрүҥ эhэни көрсүбүппүт уонна босхо мороженайынан күндүлээбиттэрэ.
Мин Усуйаана улууhун үөрэҕириитин управлениетын коллективыгар, начальнигар Акулина Романовна Дьячковскаяҕа, группа салайааччыларыгар Жанна Николаевнаҕа, Татьяна Васильевнаҕа Москуба курдук улахан куоракка Аан дойдутааҕы выставка-форумҥа сылдьан кэлбиппиттэн олус диэн үөрэбин уонна улахан махталбын тиэрдэбин.
Александр Григорьев, 6 кылаас үөрэнээччитэ, Уйаандьы оскуолата