Улуу Кыайыы күнэ Тумакка

Улуу Кыайыы күнэ Тумакка

Улуу Кыайыы 79 сылын өрөгейдөөхтүк бэлиэтиир, Аҕа дойдуну көмүскүүр кырыктаах сэрии кыттыылаахтарын – фронт уонна тыыл бэтэрээннэрин албан ааттарын үйэтитэр, кинилэр хорсун быһыыларын, эр санааларын, төрөөбүт дойдуга тапталларын кэнчээри ыччаттарбытыгар тиэрдэр – биһиги ытык иэспит. Ыам ыйын 9 күнэ — эмиэ да үөрүүлээх, эмиэ да харах уулаах бүтүн норуот сомоҕолоһуутун күнэ буолар.

Улуу Кыайыы күнэ Тумакка

Улуу Кыайыы 79 сылын көрсөр тэрээһин Тумат нэһилиэгэр сарсыарда 11 чаастан үөрүүлээх чааһа саҕаланна. Ол курдук бырааһынньыктыы киэргэммит “Түмсүү” култуура дьиэтин тиэргэнигэр ыытааччы Мичил Томскай бырааһынньыкУлуу Кыайыы күнэ Тумакка суолтатын тоһоҕолоон билиһиннэрбитин кэнниттэн олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Лариса Ивановна Тоскина уонна тэрилтэ салайааччылара мустубут дьону эҕэрдэлээтилэр.  Ырыалар дьиэрэйдилэр, хоһооннор ааҕылыннылар. Ол кэннэ оскуола улахан кылааһын үөрэнээччилэрэ, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын: Туматтан соҕотох буойун Иван Константинович Томскайга уонна манна олорбут, үлэлээбит Николай Филиппович Кладкиҥҥа аналлаах пааматынньыкка венок уурдулар.

Онтон киэһэ иккис төгүлүн көрөөччүлэр сайаапкаларынан – былырыын көрдөрүллэн дьон кутун туппут, биһирэммит Николай Лугинов сэһэнинэн “Нуоралдьыма чараҥар” театрализованнай көрдөрүү туруорулунна.

Улуу Кыайыы күнэ Тумакка

Манна сорох кыттааччылар барбыт кэмнэрэ буолан саҥа дьон кыттыыны ыллылар. Туруорааччы режиссер – култуура дьиэтин уус-уран салайааччыта Мичил Томскай. Оруолларга: ийэ уонна эбээ – Людмила Горохова, уолаттара: Криштиан Ефимов, Игнат Слепцов, Дамир Сыроватскай, Алексей Горохов, Богдан Горохов, Уйбаан – Дима Ребров, Сэмэнчик – Александр Томскай, сиэн уол Ньукуус – Эдвард Болтунов, Даайыс – Сулусчаана Томская, Тыал – Туяра Бубякина, почтальонка –Ларита Иванова, сырдык уонна хараҥа күүстэр – Васса Томская, Ларита Иванова, хамыһаар уонна биригэдьиир – Андриян Горохов, отчут дьахталлар – Галина Томская, Елизавета Горохова, Ульяна Суздалова. Ырыаҕа, оһуохайга кыттыста Яромир Горохов, гармошкаҕа доҕуһуоллаата Алексей Горохов, Кыайыы оһуохайын эттэ Ульяна Суздалова. Ааптар текстин аахта Елизавета Горохова.

Улуу Кыайыы күнэ Тумакка

Ол кэннэ кэлбит дьон бары Бүтүн Арассыыйатааҕы “Свеча памяти” акцияҕа кыттыһан чүмэчи уурдубут.

Эйэ ыраас күнүн уота сири чэлгитэн, бүтүн Аан дойду ньуурун өрүү сыламнаттын! Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат.

                                                                         Елизавета Горохова, Тумат нэһ.

 

Читайте дальше