Сайыҥҥы сынньалаҥ кэнниттэн ырыа куттаах Тумат олохтоохторо “Түмсүү” култуура дьиэтигэр Сахабыт сирин ийэлэрин күнүн алтынньы 16 күнүгэр өрө көтөҕүллэн туран бэлиэтээтибит. Ол курдук “Күн- күбэй ийэбэр ”кэнсиэр буолан дьон-киһи үөрэ-көтө саалаҕа муһунна. Манна кыра кылаас оҕолоруттан аҕам саастаахтарыгар диэри кытыннылар. Ылбаҕай ырыалар ылланнылар, имигэс үҥкүүлэр туруорулуннулар.
Онтон 29 чыыһылаҕа дойдубут устуоруйатын ахтан-санаан Комсомол тэриллибитэ 106 сылыгар аналлаах “Аалай уоттаах сулуһум!” сынньалаҥ киэһэтэ буолан ааста. Бу киэһэ үс: “Дьулуур”, “Доҕордоһуу» уонна “Чолбон” хамаандалар тэриллэннэр квест оонньуу ыытылынна, кыттааччылар биэс тургутуктары ааһан, оонньуу бэрт сэргэхтик ааста. Бары кыттыылаахтарга Туоһу суруктар туттарылыннылар. Бэлиэтээн эттэххэ, дьоро киэһэбитигэр урукку хомсомуоллары кытта бөһүөлэкпит эдэр ыччаттара устуоруйаны сэргээн-кэрэхсээн кэлэн кыттыыны ыллылар. Өссө Комсомол саҕанааҕы фотозона оҥоһуллан, кэлбит дьон “комсомолканы, пионеры уонна октябреногы “ кытта өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүлэр. Ону тэҥэ “Эдэр сааһым- Комсомол!” урукку эдэр эрчимнээх Комсомоллар олохторун кэпсиир хаартысканан истиэндэ көрдөрүүгэ туран саалаҕа кэлбит дьоннор сүргэлэрэ көтөҕүллэн туран көрдүлэр, ол саҕанааҕы күүрээннээх, үлэҕэ-үөрэххэ сирдиир ырыалар ылланнылар.
Алтынньы 30 күнүгэр Арассыыйа билиилээх хирура, чөл олоҕу тарҕатааччы Федор Григорьевич Углов төрөөбүтэ 120 сылыгар аналлаах “Угловские чтения” ыытылынна. Бу күн оҕолорго Ф.Г. Углов туһунан ааҕыы, “Опасное погружение” видеоролик көрдөрүллэн кэлбит о5олор саҥаны билэн- сэргээн аастылар, хамсаныылаах оонньууларга кыттыһан оонньоотулар.
Сонун, кэрэ киэһэлэр салҕаналлар.
Елизавета Горохова, н. Тумат