Тумат нэһилиэгэр Өрөспүүбүлүкэ Күнүн бэлиэтээтибит

Тумат нэһилиэгэр Өрөспүүбүлүкэ Күнүн бэлиэтээтибит

Саха Өрөспүүбүлүкэтин биир дьоһуннаах бырааһынньыгынан муус устар 27 күнэ — Саха  сирин  историятыгар  биир  улахан  суолталаах күнүнэн  буолар.

Ол курдук 1922 сыл муус устар 27 күнүгэр Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Аржаков уонна кинилэр соратниктарын дьаныардаах, дьулуурдаах туруорсууларынан Саха Автономнай Советскай Социалистическай Өрөспүүбүлүкэни тэрийии туһунан Ыйааҕы ылыныы ситиһиллибитэ.  Ол түмүгэр аҕа көлүөнэ эрэллээх патриоттарын үтүө ситиһиилэринэн өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторо билиҥҥи  кэмҥэ  сүүһүнэн ахсааннаах Россия атын омуктарын кытары бииргэ сайдар, үүнэр.

Виул Ребров директордаах Тумат орто оскуолатын үөрэнээччилэрин, учууталларын, техүлэһиттэрин коллектива бу күнү көрсө үөрүүлээх линейканы тэрийэн  ыытан бэлиэтээтилэр. Оскуола директора Виул Николаевич үөрүүлээх линейкаҕа оҕолорго анаан эттэ: “Төрөөбүт төрүт өрөспүүбүлүкэбит өссө сайдарын туһугар  үчүгэйдик үөрэниэхтээхпит, үлэлиэхтээхпит, аҕа көлүөнэбит үтүө холобурун салгыы сайыннарыахтаахпыт”.

Итини таһынан ааспыт нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэ туһунан  араас викториналар,  бэһис  кылаастан  уон  биирис  кылааска  диэри  оҕолор  диктант  уонна  кроссворд  суруйдулар,  таайдылар,  ону  таһынан  хас  биирдии   кылаастарга   өрөспүүбүлүкэ  туһунан  аналлаах  кылаас  чаастара  ыытыллыбыттара.

Киэһээ өттүгэр Өрөспүүбүлүкэ Күнүн көрсө киэҥ программалаах “Сааскы бэлэх”  эҕэрдэ кэнсиэри көрдүбүт.

Кэнсиэр иннинэ «Түмсүү» култуура дьиэтин солбуллубат директора Андриян Горохов Тумат нэһилиэгин олохтоохторун  Өрөспүүбүлүкэ Күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтэ уонна түгэнинэн туһанан «Түмсүү»  култуура дьиэтин биир саамай көхтөөх кыттааччытыгар Горохов Алексей Ивановичка  улуустааҕы култуура отделын Бочуотунай грамотатынан наҕараадалаабыттарын бырааһынньыктыы үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.

Тумат   нэһилиэгэ  былыр-былыргыттан  араас  көрдөөх-нардаах  тэрээһиннэри,  кэнсиэрдэри  тэрийиигэ  көхтөөх  дьон  буолалларын   бу  да  сырыыга   үтүө  өттүнэн  көрдөрдүлэр.  Өрөспүүбүлүкэ  Күнүн  бэлиэтиир  кэнсиэр  программата  киэҥ,  ис  хоһооно  дириҥ.  Холобур,  Файрушина  мелодиятыгар  «Сахам  сирэ»  ырыаны  Тумакка  саҥа  тэриллибит   «Чэлгийэ»  ансаамбыл,  салайааччы   Мичил  Томскай,   олус  үчүгэйдик  толорон   көрөөччүлэр   биһирэбиллэрин   ылыан  ылла.  Өссө  биир  талааннаах  ырыаһытынан  Тумат  орто  оскуолатын  11  кылааһын  үөрэнээччитэ  Настя  Санникова  Умсуура  репортуарыттан   «Мохсоҕоллор»  диэн  ырыата  көрөөччүлэр  сэҥээриилэрин  ылыан  ылла.

«Көр-нар»  уопсастыба  көрдөөх-нардаах  сценкаларынан  көрөөччүлэр  биһирэбиллэрин  үгүстүк  ылан  астыннылар.

Сценаҕа  саҥа  тахсыбыт  ырыаһыт  Дмитрий  Лебедев  репертуарыттан  «Һээдьэ»   Павел  Винокуров   толоруута  көрөөччүлэри  бэрткэ  сэргэхситтэ. Кэнсиэри  «Түмсүү»  култуура  дьиэтин  иһинэн  тэриллибит үҥкүүһүттэр  бөлөхтөрө,  салайааччы Галина Томская, имигэс   үҥкүүлэринэн   киэргэттилэр.

Өрөспүүбүлүкэ  Күнүн  бэлиэтээһин  кэнниттэн  иккис  күнүгэр  Тумат  нэһилиэгин  администрациятын  иннигэр  бырааһынньыктыы  киэргэтиллибит  тэлгэһэҕэ  нэһилиэнньэ  мунньустан  күүлэйдээһини  тэрийэн  ыыттылар. Манна  араас  тэрилтэлэринэн   хаһаайкалар   минньигэс  астаах  остуолларын  нэлэччи  тартылар.

«Алгыс»,  «Дюндэ»,   «Тугутчаан» түһүлгэлэр   араас  аһы  астаан   аҕалан   нэһилиэнньэни  барытын  күндүлээтилэр. Бу  тэрээһин уратытынан  астаабыт  астарын  барытын   буор-босхо  түҥэтии  буолла.  Манна  бааллара: астаммыт  балык  арааһа,   куобах,  курупааскы   уонна  да  атын  аһылык.

Тиһэҕэр  икки  хамаандаҕа   арахсан,  «көрдөөх  стартар»  диэн  ааттаан  көрү-нары  көҕүлүттэн  туттулар.  Хамаандалар икки  ардыларыгар  куулу  кэтэн  баран  сүүрүү,  бэйэ-бэйэни  сүгэн  баран  сүүрүү,   кэннилэринэн  сүүрүү,  салааскаҕа  киһини  олордон  баран   соһон   сүүрүү, канаты тардыһыы.  Бу  көрдөөх   күрэхтэһиигэ   иккис  хамаанда   кыайыылааҕынан   буолла.

Тумакка – «Веселые старты»

Күндү доҕоттоор! Эһигини Өрөспүүбүлүкэбит өрөгөйдөөх Күнүнэн эҕэрдэлиибит!  Өрөспүүбүлүкэбит  барҕара  сайдарын  туһугар  үрдүктэн  үрдүк  ситиһиилэри,  сарсыҥҥыга  бигэ  эрэллээх  олоҕу  баҕарабыт!   Үүнэ—сайда тур,  Сахам сирэ!

                                                  Николай  Легусин,  Тумат  олохтооҕо

 

https://youtu.be/WSxUaEhFWJ8

 

https://youtu.be/qNS_vF4txMc

 

 

 

Читайте дальше