Тумакка үөрүүлээх тэрээһин

Саҕаламмыт 2024 сылы дойдубут президенэ Владимир Путин Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ. Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев үүммүт сылы «Хас биирдии оҕо дьоллоох оҕо сааска, сылааска уонна тапталга улаатыахтаах, хас биирдии оҕо сайдарыгар, талаанын арыйарыгар, кыаҕын туһанарыгар усулуобуйа баар буолуохтаах, хас биирдии оҕо куттала суох эйгэҕэ улаатыахтаах» диэн туран Саха сиригэр Оҕо саас сылын биллэрбитэ. Онтон тапталлаах Усуйаанабытыгар үүммүт 2024 сыл Аҕа сылынан буолар.

Ааспыт субуотаҕа, олунньу 17 күнүгэр, Тумат нэһилиэгэр 2024 сылы – Дьиэ кэргэн, Оҕо саас, Аҕа сылын –үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдыбыт. Бү умнуллубат түгэнинэн Тумат муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччы Л.И. Тоскина олохтоох нэһилиэнньэни эҕэрдэлээтэ уонна 2023 сыллаахха дьиэ кэргэн буолан олорбуттара 50 сыллаах, кыһыл көмүс кэрэ-бэлиэ күннэринэн, убаастабыллаах күндү дьоммутугар: Анна Васильевна, Владимир Гаврильевич Слепцовтарга махтал сурук уонна бэлэх туттарда. Ону тэҥэ Тумат орто оскуолатын директорын иитэр үлэҕэ солбуйааччы Л.М. Слепцова, участковай балыыһа фельдшера О.А. Слепцова, «Тугутчаан» уһуйаан сэбиэдиссэйэ Е.Н. Протодьяконова, «Түмсүү» культура дьиэтин директора А.Х. Горохов бар дьонноругар туһаайан эҕэрдэ тыллары эттилэр.

Ол кэнниттэн оҕолуун, улаханныын кыттан бэртээхэй улахан эҕэрдэ концерт буолла. Манна ылланнылар араас саҥа ырыалар, үҥкүүлэр. Концерка бүтүн дьиэ кэргэнинэн кыттыыны ылбыттара олус кэрэхсэбиллээх.

«Оҕо саас» кыра саастаах үҥкүүһүттэр бөлөхтөрүн толоруута, «Дуолан» орто саастаах уолаттар ансаамбылларын ырыалара, эдьиийдии-балыс Сима, Христина уонна ийэлэрэ Туяра Бубякина толорбут сольнай ырыалара, Альберта Рожина сольнай үҥкүүтэ, Юнона Слепцова, Ларита Иванова, Ульяна Суздалова, Мичил Томскай, Алексей Горохов, Маркел Слепцов ырыалара киэҥ биһирэбили ыллылар. Ону таһынан үҥкүүһүттэр бөлөхтөрүн (салайааччы Галина Томская) толоруутугар соһуччу эриэккэс нүөмэрдэрдээх үҥкүүлэр кэрэхсэбили ыллылар.

Бу тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыт дьоммутугар барҕа махтал буоллун, өссө даҕаны культура дьиэтигэр ырыа-тойук, үҥкүү-битии дьиэрэйэ туруо. Дьиэ кэргэн бары араҥаларын хабар сыл культурнай да өттүнэн, спортивнай да өттүнэн, араас хабааннаах тэрээһиннэр биһиги культурабыт дьиэтигэр, нэһилиэкпитигэр буола туруохтара.

Дьиэ кэргэн, Оҕо саас, Аҕа сыла барыбытыгар ситиһиини тосхойдун, бука бары чөл туруктаах, байылыат олохтоох, дьоллоох буолуҥ, Ийэ дойдубутугар эйэлээх олох тосхойдун.

Андриян Горохов

Читайте дальше