Тумакка табаһыттар Сквердара аһылынна

Тумакка табаһыттар Сквердара аһылынна

Ыам ыйын 7 күнүгэр күнүс 12 чааска “ҮЛЭ—ЧИЭС, АЛБАН ААТ”, “УДЬУОР УТУМА” уонна  “УДЬУОР  СИТИМЭ” диэн  ааттаан Усуйаана улууһун Тумат нэһилиэгэр төрүт уус удьуор табаһыттарга аналлаах Скверы үрдүк үөрүүлээх  быһыыга-майгыга  Тумат нэһилиэгин олохтоохторо үөрэн-көтөн арыйдылар.

Үөрүүлээх түгэни  Тумат нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччыта  Лариса Тоскина, чуолаан, табаһыттарга аналлаах Скверы тэрийээччини,  үбүлээччини, өйөөччүнү – Российскай Федерация уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин Сергей Филипповка  эдэр ыччаты таба иитиитин курдук уустук, ыарахан үлэҕэ ыҥырар, угуйар Сквер буоларын бэлиэтээтэ уонна  Сквер оҥоруутугар үлэлээбит дьоҥҥо  барҕа  махталын анаата.

Туматтар бу үөрүүлээх түгэни куруутун буоларын курдук, ырыанан-тойугунан  бэлиэтээтилэр. Култуура үлэһитэ Туяра Бубякина табаһыттар туһунан ырыата мустан турар дьону сэргэхситтэ. Онтон оскуола үлэһитэ Павел Винокуров эбээннии «Һээдьэтэ” дьиҥ хотугулуу тыыны санатта. Онтон бэйэбит уолбут, «Түмсүү» култуура дьиэтин методиһа Мичил Томский «Хоноһо» диэн  ырыата  туматтарга киэн туттууну, астыныы, үөрүү-көтүү туругун уһугуннарда диэхпин баҕарабын.

Усуйаана улууһун Тумат нэһилиэгэр  былыр-былыргыттан таба иитиитинэн  анаан-минээн  дьарыктаналлара.  Ол  курдук,  Усуйаана  улууһун  биир  биллэр  суруйааччыта  Николай  Слепцов-Чондон  суруйааччы  бэлиэтээбитинэн,  Тумат  нэһилиэгин  киэҥ  нэлэмэн  туундаратыгар  Сэбиэскэй  былаас  иннинэ  Тумат  нэһилиэгин  биир  биллэр  баайа  Кылдьыкыын  табаны  олус  элбэҕи  ииппитин  туһунан  кэпсээн  бу  биһиги  билиҥҥи  олохпутугар  тиийэ  кэлбитэ  биллэр.

Тумакка табаһыттар Сквердара аһылынна

Ол  курдук  аатырбыт  баай  Кылдьыкыын  табатын  ахсаанын  бэйэтэ  да  чуолкайын  билбэтэ эбитэ  үһү. Халыҥ  үөрдээх  дьиэ  табата  хас  да  көстөөх  сиринэн  тайаан  халҕаһалыы  уста  сылдьара диэн кэпсииллэрэ. Олохсуйбут сирдэринэн үс көс усталаах, икки көс туоралаах Улахан диэн байҕалга тэҥнээх улуу күөл эйгэтэ эбит.

Манна табалар дьыл уларыйыытын батыһан  бэйэлэрэ билэллэринэн кыстыыр, сааһыыр, сайылыыр уонна күһүүр сирдэригэр тиийэллэрэ. Табаһыттар суома (ол аата ыстаада) кэнниттэн батыһа сылдьан  ойдубут, быстыбыт табалары хомуйан суомаҕа холбууллара. Ити үлүгэр үс көс  усталаах, икки  көс туоралаах Улахан күөлү табалар кыһын ортотунан орохтоон туоруулларыгар бастакы таба уҥуоргу кытылга тахсыытыгар халыҥ үөрдээх таба аҥаара күөл мууһугар өссө да киирэ илик буолара үһү. Ахсааны билэр дьон ааҕыыларынан, суома табатын ахсаана уонча тыһыынчаҕа чугаһыыра буолуо дииллэрэ.

Ити курдук Усуйаана улууһун Тумат нэһилиэгин киэҥ нэлэмэн туундаратыгар дьиэ  табатын  иитии  былыр-былыргыттан  ыытыллан,  төрөөбүт төрүт буорбут  төрүт идэтэ буоларын өссө төгүл  көрдөрөр.

Тыа хаһаайыстыбатын ханнык баҕарар салаатыгар  нэһилиэктэргэ  барыларыгар  баһылыыр-көһүлүүр  аҕа  уустара  баар  буолаллар. Ол курдук таба  иитиитигэр Тумат нэһилиэгэр баһылыыр-көһүлүүр оруолу Филипповтар дьиэ кэргэттэрэ ылаллар диэн эттэхпинэ сыыһа  буолуо суоҕа.

Филипповтар  дьиэ кэргэттэрин аҕа баһылыга К.Н. Филиппов сааһыран билигин эмтээх-томтоох сиргэ Дьокуускай куоракка олорор. Улахан уола Сергей Кимович табаҕа үлэлээбитэ, биригэдьиирдээбитэ биэс уонча сыл буолан эрэр. Иккис уола Геннадий Кимович эмиэ табаҕа үлэлээбитэ түөрт уонча сыл буолла. Үс сиэн: Александр Сергеевич, Семен Геннадьевич уонна Ким Алексеевич — ыстаадалар биригэдьиирдэрэ.

Онон удьуор ситимэ салҕанан бара турар.

Николай Легусин, Тумат олохтооҕо

Читайте дальше