Тумакка спорт күннэрэ

Тумакка спорт күннэрэ

Муус устар 12-14 күннэригэр Тумат нэһилиэгэр өтөрүнэн буолбатах үөрүүлээх түгэн буолан ааста. Ол курдук, улуустааҕы спорткомитет быһаарыытынан бу этиллибит күннэргэ Тумат нэһилиэгэр аан бастаан улуустааҕы 9-с Спартакиада  ыытыллар буолла.

Спартакиаданы ыытарга улуустааҕы комиссия 10 нэһилиэк баһылыктара уонна улууспут сүрүн тэрилтэлэрин салайааччылара, ол иһигэр Тумат национальнай тэриллии аҕа баһылыга Лебедев В.А., «Түмсүү» культура дьиэтин директора Горохов А.Х., Тумат орто оскуолатын директора Ребров В.Н. комиссия членинэн анаммыттара.

Балаһыанньа ирдэбилинэн, спартакиада сыала – соруга: спортка уонна физическай культураҕа олохтоох нэһилиэнньэни өрө тардыы, өбүгэ оонньууларын сайыннарыы; эдэр ыччаты спортка көҕүлээһин; улууска кыахтаах ыччаты спортка сайыннарыы; чөл олоҕу тутуһуу.

Спартакиада буолуон аҕыйах күн иннинэ олохтоох нэһилиэнньэ, оҕолордуун-кырдьаҕастыын биир киһи курдук турунан, икки күн спортплощадка хаарын ыраастааһыҥҥа көхтөөхтүк субботникка тахсыбыттара.

Муус устар 11 күнүгэр, эбиэт кэнниттэн Хаһааччыйа, Усуйаана хамаандалара «буран» снегоходтарынан айаннаабыттара иһиллибитэ. Киэһэ биэс диэки дьиэ икки арда көстүбэт буурҕата түстэ. Киэһэ 8 чаас диэки Тумат олохтоохторуттан оперативнай бөлөх хомуллан түөрт «буран» утары айаннаабыттара.

Кэнники айаннаабыт Хаһааччыйа сорох спортсменнара үс көлө этэҥҥэ айаннаан кэлбиттэрэ, инники айаннаабыт дьону көрсүбэтэхтэр. Усуйаана спортсменнара төннүбүттэр диэн буолла. Онтон аара хаалбыт дьону Туматтан барбыт биригээдэ булаталаан, түүн түөрт чааска, эчэйбэккэ, үлүйбэккэ, өссө да тохтуу илик буурҕаны бүрүммүтүнэн кэлбиттэрэ.

Сарсыарда буурҕа түспэтэҕин курдук ып-ыраас халлаан, Усуйаана бөһүөлэгин спортсменнара Казачьеттан айаннаабыттарын истэн кэтэстибит. Эбиэт кэнниттэн Казачье, Усуйаана уонна Тумат хамаандаларын  икки ардыларыгар дьахталларга уонна эр дьоҥҥо волейболга табаарыстыы күөн көрсүһүү буолла.

Уопсай түмүгүнэн Казачье бастакы миэстэ, Тумат-1 иккис миэстэ, Тумат-2 үһүс миэстэ уонна Усуйаана хамаандата төрдүс миэстэҕэ таҕыстылар. Бу күн манан түмүктэннэ.

Сарсыарда 10 чаастан бильярдка (культура дьиэтигэр) уонна дьахталларга остуол тенниһигэр (оскуолаҕа) бастакы  күрэхтэр саҕаланнылар. Остуол тенниһигэр дьахталларга бастакы очкону Казачье хамаандата сурунна, иккиһи — Усуйаана хамаандата, үсүһү —  Тумат хамаандата ылла. Бильярд бастакы эргиирэ эбиэккэ диэри буолла. Манна парнайга икки киһи, одиночнайга биирдии киһи кыттыыны ылла.

Күнүс 2 чаастан 9-с төгүлүн ыытыллар улуустааҕы Спартакиаданы үөрүүлээхтик арыйыы церемонията буолла. Сыанаҕа ыҥырылыннылар Тумат муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччы Тоскина Л.И., Спартакиада сүрүн судьуйата Готовцев В.В., Спартакиада сүрүн тэрийээччитэ Горохов А.Х., Спартакиада сүрүн судьуйатын солбуйааччылара: Ребров В.Н., Барабанскай В.Н., Легусин В.Н.

Хамаандалар марш тиэмпэтинэн залга парадтаан киирэн анал миэстэлэригэр, бастакы — Хотугу муустаах муора кытылыттан Дьукээгир хамаандата; иккис — Үлэ дьоруойдаах, күндүбэй балыгынан аатырар улуус аатын сүгэр Усуйаана хамаандата; үсүһүнэн — Дьааҥы өрүһүнэн аатырар, ытык кырдьаҕас хайҕаллаах Хаһааччыйа хамаандата; төрдүһүнэн — улууска бастакы үлэ дьоруойдаах, чулуу удьуор табаһыттардаах Тумат хамаандата парады түмүктээбиттэрин кэннэ, сүрүн судьуйа солбуйааччыта Легусин В.Н. хамаандалар 9-с төгүлүн ыытыллар улуустааҕы Спартакиада кыттыылаахтарын күрэххэ бэлэмнэрин туһунан сүрүн судьуйаҕа рапорт биэрдэ. Ол кэнниттэн диктор — Томский М.Е. ыҥырыытынан  спортсменнар уонна көрөөччүлэр, ыалдьааччылар Российскай Федерация уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Өрөгөйүн ырыатын долгуйан туран иһиттилэр.

Улуустааҕы 9-с төгүлүн ыытыллар Спартакиада былааҕын оннугар Усуйаана улууһун уонна Тумат нэһилиэгин былаахтарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга көтөҕөргө ыҥырылыннылар хамаандалар капитаннара: Дьүкээгир нэһилиэгиттэн – Геннадий Горохов; Усуйаана нэһилиэгиттэн – Владимир Слепцов; Хаһааччыйа нэһилиэгиттэн – Николай Дмитриев; Тумат нэһилиэгиттэн – Геннадий Филиппов.

Былаахтар көтөҕүллүбүттэрин кэннэ, Тумат нэһилиэгин муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччы Тоскина Л.И. тыл эттэ: «Убаастабыллаах күрэх кыттааччылара уонна ыалдьыттар, бүгүн улуус ааттаахтарын, успуорду таптааччыларын күөн көрсүһэн, аат былдьаһан 9-с төгүлүн Тумат нэһилиэгэр ыытыллар улуустааҕы Спартакиаданы арыллыбытынан ааҕабын». Онтон Тумат нэһилиэгин ыччат исписсэлииһэ Горохова Ж.О., Дьүкээгир нэһилиэгин хамаандатын аатыттан  Слепцова К.С., Спартакиада сүрүн тэрийээччитэ Горохов А.Х. эҕэрдэлэрин эттилэр. “Бу күрэххэ ким дьарыктаах, дьоҕурдаах, кыахтаах — ол кыайдын”, — диэн этэн туран күүстээх күрэхпитин саҕалаатыбыт. Спартакиада үөрүүлээх арыллыытын церемонията түмүктэннэ.

Онтон салгыы культура дьиэтигэр масрестлинг күрэҕэ, оскуолаҕа мини-футбол уонна эр дьоҥҥо остуол тенниһигэр күрэхтэр ыытылыннылар.

Онтон киэһэ “Түмсүү” культура дьиэтигэр “Айар дорҕоон-2024” Гран – При хаһаайыттара, республикаҕа вокальнай-инструментальнай күрэх хас да төгүллээх кыайыылаахтара “Тумат” вокальнай-инструментальнай бөлөх: Алекс Томскай — “Бастыҥ соло гитарист”, Любомир Северьянов – “Бастыҥ барабанщик”, Иван Горохов – “Бастыҥ бас-гитарист”, Настя Санникова – “Бастыҥ вокал”, Николай Слепцов – “Бастыҥ салайааччы” анал аат хаһаайыттарын  концертарыгар дьон тоҕуоруһа муһуннулар.

Бу концертка кыттыыны ыллылар: Хаһааччыйа нэһилиэгиттэн Николай Дмитриев, Алексей Филиппов, Иннокентий Горохов, олохтоох ырыаһыттарбыт: Виул Ребров, Мичил Томскай, Туяра Бубякина фонограмма, тыыннаах дорҕоон доҕуһуолунан араас ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр. Онтон киэһэ араас оонньуулардаах, уоттаах-күөстээх дискотека түүн оройугар диэри ньиргийдэ.

Түмүктүүр күммүт тиийэн кэллэ. Сарсыардаттан культура дьиэтигэр бильярд күрэҕэр финал саҕаланна. Оскуолаҕа “хабылык”, “хаамыска” күрэҕэ ыытылынна. “Күүттэр күүт диэбиккэ диэри” куораттан айаннаабыт массыынабытынан Спартакиада бириистэрэ кэлиэхтээхтэрин суолга тутуллан сонон биллибэтэ. Дьолго, “Таба-Яна” ТХСПК тэрилтэтиттэн спонсорство баар буолан хапсаҕайга абсолютнай күрэх тэрийии буолла.

Манна Хаһааччыйаттан үс киһи, Дьүкээгиртэн икки киһи, Туматтан алта киһи суруттарбытыттан муҥутуур кыайыылааҕынан таҕыста Хаһааччыйаттан сылдьар ыалдьыппыт Николай Дмитриев. Киниэхэ “Таба-Яна” тэрилтэтиттэн биир тыыннаах таба уонна 30 000 солк. уу харчынан бириэмийэ туттарылынна.

Онтон киэһэ масрестлиҥҥа абсолютнай дьахталларга уонна эр дьоҥҥо буолар буолла.  Спонсорынан Семен Дьяконов аатынан культура дьиэтэ буолла. Эр дьоҥҥо 10 киһиттэн муҥутуур кыайыылааҕынан Руслан Гарипов таҕыста. Дьахталларга Ольга Горохова кыайыылаах буолла. Уопсай хамаанданан түмүк көрдөрүүтүнэн: бастакы миэстэ — Хаһааччыйа хамаандата ылла,  иккис миэстэ — Тумат хамаандата, үһүс миэстэҕэ тигистэ Усуйаана хамаандата, төрдүс миэстэҕэ — Дьүкээгир хамаандата таҕыстылар.

Ыалдьыттарбыт үлэлэригэр, оҕолоругар — урууларыгар тиэтэйэн айанныырга күһэлиннилэр, сорохтор түмүк тылы истиэхпит диэн хааллылар.

Күүтүүлээх бириистэрбит Хаһааччыйаттан айаннаан кэлэн, салгыы бураҥҥа тиэллэн түүн 1 чааска Тумакка кэллэ. Тэрийэр комиссия быһаарыытынан, сарсыарда 10 чааска Спартакиада үөрүүлээх сабыллыыта буолар буолла.

Сарсыардаттан тэрийэр комиссия грамота, бириис, мэтээл бэлэмнээһинигэр түбүгүрэн, күнүс 12 чааска 9-с төгүлүн ыытыллар улуустааҕы Спартакиада үөрүүлээх сабыллыытыгар хамаандалар анал миэстэлэригэр турбуттарын кэннэ,  Тумат нэһилиэгин муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччыта Тоскина Л.И. кэлбит ыалдьыттарга, олохтоохторго Спартакиада үрдүк таһымнаахтык барбытынан эҕэрдэтин тиэртэ. Спартакиада сүрүн судьуйатын солбуйааччы Ребров В.Н. ыраахтан кэлбит ыалдьыттарга махтал тылларын эттэ. Спартакиада сүрүн тэрийээччитэ Горохов А.Х. кыайыылаах спортсменнарга анал мэтээллэри, бириистэри, грамоталары туттартаата. Улуустааҕы 9-с төгүлүн ыытыллар Спартакиада былааҕын үөрүүлээх быһыыга-майгыга түһэрэргэ  ыҥырылыннылар хамаанда капитаннара. Ол кэнниттэн уопсай хаартыскаҕа түһүү, бэйэ-бэйэни эҕэрдэлэһии, уруйдаһыы буолла.

Бу спорт бырааһынньыгар спонсордаабыт  “Таба- Яна” ТХСПК салайааччытыгар  П.Е.Томскайга, 11-с таба иитэр ыстаада биригэдьииригэр К.А. Болтуновка, спорт уонна социальнай политика комитетын салайааччытыгар А.К. Васильевка, Тумат муниципальнай тэриллии баһылыгар В.А. Лебедевка уонна баһылык солбуйааччыта Л.И. Тоскинаҕа, бырааһынньыгы иилээн-саҕалаан ыыппыт дьоммутугар: В.Н. Ребровка, В.Н. Легусиҥҥа, В.Н. Барабанскайга, Ж.О. Гороховаҕа, О.И. Гороховаҕа, М.Г. Гороховаҕа уонна нэһилиэкпит ыалдьытымсах дьонугар бука барыгытыгар тэрийэр хамыыһыйа аатыттан махталбытын тиэрдэбит. Улахан махталбытын тиэрдэбит үүнэн — сайдан иһэр кэнчээри ыччаттарбытыгар, инники сайдыылаах ВИА “Тумат” бөлөҕөр, салайааччы Н.И. Слепцовка. Өссө да биһиги нэһилиэкпитигэр маннык улахан таһымнаах бырааһынньыктар буола турдуннар.

Андриян Горохов

Читайте дальше