Олунньу 23 күнэ Тумат эр бэртэригэр икки бүк үөрүүлээх, өрө көтөҕүллүүлээх күнүнэн буолла. Дойдубутугар суолталаах бырааһынньыкпыт үөрүүлээх арыллыытын устуоруйатын билиһиннэрии кэнниттэн С.Н. Дьяконов аатынан “Түмсүү”култуура дьиэтигэр киэһэ 5 чаастан бэлэмнэммит саалаҕа олохтоох дьаһалта баһылыгын Василий Лебедев Кубогар иккис сылын өрө көтөҕүүлээхтик “Өбүгэ оонньуулара” ыытылынна.
Аҕыс түһүмэхтээх оонньууга уопсайа 7 эр бэртэрэ күөн көрүстүлэр, күрэс былдьастылар. Ол курдук Арассыыйа аармыйатыгар ытык иэстэрин төлөөн сулууспалаабыт эдэр эрчимнээх ыччаттарбыт: олоҕу-дьаһаҕы итиинэн хааччыйар тэрилтэ үлэһиттэрэ Иннокентий Аввакумов, Гаврил Миронов, уотунан хааччыйар тэрилтэ үлэһитэ Антон Слепцов, оскуола эбии үөрэхтээһин учуутала Егор Северьянов, 3 нүөмэрдээх ыстаада үлэһитэ Валерий Протодьяконов, эдэр ыччат түмсүүттэн кыттыыны ыллылар Руслан Томскай, Петр Томскай.
Түһүмэхтэрбитигэр: ойбонтон уулааһын, мүһэ былдьаһыы, бэһирик сүүрдүү, кириэс тэбии, илии аннынан тутум маһынан тахсыы, мээчик быраҕыы, өһөс торбос уонна наарта ыстаныы киирбиттэрэ. Өрө күүрүүлээх тыҥааһыннаах күрэхтэһии кэнниттэн иккис төгүлүн муҥутуур кыайыылааҕынан Гаврил Миронов, 2 миэстэҕэ Иннокентий Аввакумов, 3-кэ Антон Слепцов буоллулар.
Судьуйааннан история, общество учуутала Савва Захаров, олохтоох дьаһалта специалиһа Владимир Барабанскай, арбитрынан физкультуура учуутала Василий Легусин үлэлээтилэр. Миэстэлэспиттэргэ Добун сурук, сыаналаах бириистэр, оттон кыттыыны ылбыттарга Туоһу суруктар, күүс-көмө буолбут дьоммутугар Махтал суруктар туттарылыннылар.
Тохтобул кэмигэр Юнона Слепцова, Туяра Бубякина, Настя Санникова эҕэрдэ ырыалары бэлэх ууннулар.
Күүстэрин холоһон күрэххэ кыттыбыт уоланнарбытыгар олоххо дьулууру, үрдүк ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны баҕарабыт.
Мичил Томскай