Атырдьах ыйын 22 күнэ Арассыыйа Федерациятын былааҕын күнэ бэлиэтэнэр. Бу суолталаах күҥҥэ Тумат нэһилиэгэр бэрт сонун тэрээһин буолан ааста. Ол курдук, С.Н. Дьяконов аатынан «Түмсүү» култуура дьиэтин директорын Андриян Горохов көҕүлээһининэн Тумат орто оскуолатын оҕолоругар «Күөх боллох бэлэҕэ» күрэх олус тэрээһиннээхтик, көхтөөхтүк ыытылынна.
Күрэххэ тоҕус оҕо: Болтунова Айхалыына, Томская Сардана, Горохов Ян, Дарбасов Алеша, Легусин Коля 7 кылаас; Протодьяконов Горик 6 кылаас; Томскай Дьулусхан 5 кылаас; Горохова Катя 4 кылаас уонна Емельянов Коля 3 кылаас оҕолоро кыттыыны ыллылар.
Оҕолор күрэх ыытыллар күөлүгэр Арассыыйа былааҕын сэргэ Саха сирэ, Усуйаана улууһун уонна Тумат нэһилиэгин былаахтарын күөрэччи туппутунан хааман тиийдилэр. Айылҕаҕа бултуох иннинэ сиэр-туом толорор булгуччулаах. Аал уоту оттон, арыылаах алаадьынан күндүлээн баран, күрэхпит саҕаламмыта.
Култуура дьиэтин специалиһа Алексей Горохов күөл кытыытыгар спиннины сөпкө туттарга сэрэхтээх буолууга инструктаж ыытта. Дьэ, ол кэннэ оҕолор олус көхтөөхтүк, бэһиэлэйдик, үөрэ-көтө «улахан балык хаптарабын» диэн утуу-субуу спинниннарын быраҕаттаабытынан бардылар.
Күрэхпит түмүгүнэн саамай элбэх уонна улахан сордоҥу хаптаран Коля Легусин муҥутуур кыайыылаах аатын ылла. Хас биирдии күрэх кыттааччыларыгар Андриян Христофорович сэмэй бириистэри, минньигэс кэмпиэттэри туттартаата. Сынньалаҥ кэмигэр Галина Сидоровна, култуура специалиһа, отуу уотугар оргуппут амтаннаах чэйин, минньигэс борщтаах миинин иһэн оҕолор күүс-сэниэ ылыннылар. Хас биирдии күрэх кыттыылааҕа балык хаптаран, олус астыннылар, дуоһуйдулар.
Тэрээһин салгыытынан Чондон үрэххэ киирэн, оҕолорго уһаарбанан балыктааһын ньыматын кытта билиһиннэрии буолла. Манна оҕолор эмиэ үөрэ-көтө бары кыттыыны ыллылар. Балыктыыр саҥа ньыманы олус интэриэһиргээтилэр. Күүстээх, тулуурдаах киһи балыксыт буоларын өссө биирдэ бигэргэттилэр. Баай байанай биир балык, биир суокур уонна биэс күстэҕи оҕолорго бэлэх уунна.
Ити курдук, оҕолор бэлиэ күнү олус кэрэхсэбиллээхтик, бэһиэлэйдик атаардылар. Инникитин сылын аайы Арассыыйа былаакын күнүгэр маннык ураты тэрээһиннэри салгыы ыытарга быһаарыныы ылыннылар.
Л. Горохова, Тумат орто оскуолатын эбии үөрэхтээһин педагога
Төрөппүттэр суруйаллар
*Оҕолор барахсаттарга кыра да наада. Наһаа үчүгэйдик сынньанан, сүүрэн-көтөн, салгыҥҥа сылдьан кэллилэр. Оҕолорбутугар куруук эйэлээх күөх халлаан баар буоллун. Кытаанах доруобуйаны, үчүгэй ситиһиилээх уөрэҕи.
*Оҕолору илдьэн оонньотон, күөгүлэтэн, уһаарбалатан, шашлыктатан, умнуллубат түгэн бэлэхтээбиккитигэр культура үлэһиттэригэр уонна учууталбытыгар барҕа махтал. Оҕом дэлби үөрэн, элбэҕи билэн кэллэ.
*Бары тэрийээччилэргэ, Андриян Христофоровичка, Людмила Николаевнаҕа оҕолорго умнуллубат үөрүүлээх күнү бэлэхтээбиккитигэр барҕа махтал!
*Олус бэрткэ оҕолору кытта айылҕаҕа тахсан, күөгүлээн, блесналаан, шашлык сиэн, итии борщ миинин, отуу чэйин иһэн, дуоһуйа сибиэһэй салгыҥҥа сынньанан кэллибит. Мотористарга, үүтээн хаһаайыттарыгар, Андриян Христофоровичка, Алексей Андрияновичка, минньигэс ас астааччыбытыгар Галина Сидоровнаҕа барҕа махталбытын тиэрдэбит. Бары үтүөнү баҕарабыт.