Уйгу-быйаҥ сайыммыт ортолоон турар кэмигэр, от ыйын 11 күнүгэр «Түмсүү» култуура дьиэтигэр Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Сахабыт сиригэр Оҕо саас, улууспутугар Аҕа сылынан уонна Арассыыйаҕа Балыксыт күнүгэр аналлаах Күөгүһүттэр күөн күрэһэ ыытылынна.
Манна кыттыыны ыллылар кырачаан балыксыттар — оскуолаҕа саҥа киирэр уонна үөрэнэр оҕолор. Ону тэҥэ Люда Горохова, Сардаана Томская, Коля Емельянов уонна Саян Томскай көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Оттон «Саамай улахан балыгы» — сордоҥу Алекс Томскай аҕатынаан Юрийдыын тутан уонна «Саамай бастакынан балык туппут» Георгий Протодьяконов үөрүүлэрэ үксээтэ, бириискэ тигистилэр.
1-кы миэстэни ылан кыайыылаах таҕыста Георгий Протодьяконов,2-с кэ Коля Легусин, 3-кэ -уолаттартан хаалсыбат Катя Горохова.
Бары айылҕалыын алтыһан, дуоһуйа сынньанан, балык тутан үөрэ-көтө тарҕастылар. Миэстэлэспиттэргэ Добун суруктар уонна бириистэр туттарылыннылар.
Бары кыттыбыт оҕолорбутугар дьоллоох оҕо сааһы, доруобуйаны,ситиһиилэри уонна туһалаах сайыҥҥы сынньалаҥы баҕарабыт.
Мичил Томскай