Тумакка Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэннэ

Тумакка Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэннэ

Бэҕэһээ, ыам ыйын 15 күнүгэр, Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнүн бэлиэтээтибит. Бу бэлиэ күн сүрүн сыала-соруга — дьиэ кэргэн сыаннастарыгар, ону бөҕөргөтүүгэ уопсастыбаннас болҕомтотун тардыы.

Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн Аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүгэр аналлаах С.Н. Дьяконов аатынан «Түмсүү» култуура дьиэтигэр араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытылыннылар.

Бастакытынан «Мин – дьиэ кэргэмминэн ыллыыбын» онлайн ырыа күрэҕэ ыытылынна. Кыттааччылар ырыаларын дьиэ кэргэнинэн олус истиҥник толорон ыыттылар.

Иккиһинэн  «Кинигэ — дьиэ кэргэн доҕоро» литературнай ааҕыы олохтоох бибилэтиэкэҕэ ыытылынна. Ийэлэр оҕолорунаан кэлэн араас остуоруйалары, хоһооннору аахтылар.

Үсүһүнэн «Мин дьиэ кэргэммин таптыыбын» уруһуйга күөн күрэс ыытылынна. Манна Тумат орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар. Түмүккэ дьиэ кэргэнинэн «Спасти Панду» кэмиэдьийэ киинэ көрдүлэр.

Бары күөн күрэс кыттааччыларыгар Туоһу суруктар, минньигэс бэлэхтэр туттарылыннылар.

Киһи олоҕор баар саамай күндү баайа — дьиэ кэргэнэ, чугас дьонуҥ олох араас ыарахаттарыгар өйөбүл, дурда-хахха буолаллар, үөрүүгүн-хомолтоҕун тэҥҥэ үллэстэллэр, мунчаарар-муунтуйар кэмҥэр сэргэхситэн, күүскэр күүһү эбэллэр. Манна саҥа олох үөскүүр, ийэ-аҕа ууһун үтүө үгэстэрэ салҕанар. Дьиэ кэргэҥҥитин харыстааҥ уонна сыаналааҥ!

Елизавета Горохова 

Читайте дальше