Тумакка “Айар үлэ умсулҕана” Ирина Абрамова үбүлүөйдээх киэһэтэ буолан ааста

Муус устар 9 күнүгэр «Түмсүү» култуура дьиэтигэр эмиэ биир дьоро киэһэ, тэрээһин буолан ааста. Ол курдук Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин мелодистарын Сойууһун чилиэнэ, “Үлэҕэ килбиэнин иһин” мэтээл хаһаайына, Усуйаана улууһун уонна Тумат нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, “Усуйаана улууһун култууратын бочуоттаах үлэһитэ”, биир дойдулаахпыт, Дьокуускай куораттан ыалдьыппыт, салайар-көҕүлүүр дьоҕурдаах, усуйааналар киэн туттар күндү киһибит Ирина Абрамова75 сааһын төрөөбүт Туматын сиригэр бэлиэтиир өрөгөйдөөх үбүлүөйүн уонна култуура эйгэтигэр үлэлээбитэ 50 сылын ис сүрэхтэн үөрэн туран бэлиэтээтибит. Кини Саха Өрөспүүбүлүкэтин Министиэристибэтин үбүлүөйүнэй уонна Туймаада ыһыаҕын 25 сыллаах үбүлүөйүнэй мэтээллэрин, Дьокуускай куорат 390 сыллаах үбүлүөйүнэй уонна Ытык сүбэ Бэлиэлэр хаһаайыннара буолар.

Ирина Васильевна Тумат нэһилиэгиттэн төрүттээх бастакы анал үөрэхтээх үҥкүүһүт буолар. Кини Култуурнай-сырдатар училищены 1972 сыллаахха ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Онтон ыла үҥкүүтүн бырахпакка  күн бүгүҥҥүгэ диэри дьарык оҥостон үлэлээн кэллэ.

Ирина Васильевна араас сылларга Мэҥэ-Хаҥаласка култуура дьиэтин дириэктэринэн, үҥкүү ансаамбылын салайааччытынан уонна Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар 35 сыл педагог-организаторынан  ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.

Тумакка “Айар үлэ умсулҕана” Ирина Абрамова үбүлүөйдээх киэһэтэ буолан ааста

Кини сүбэтинэн элбэх оҕо Усуйаана улууһуттан бу техникумҥа үөрэнэн олохторун суолун булбуттара, оҕолоро ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан олуһун диэн үөрэр. Ону тэҥэ Усуйаанабыт улууһун землячествотын 27 сыл иилээн-саҕалаан салайа сылдьар.

Кини төрөөбүт Туматын, Усуйаанабыт биир тарбахха баттанар дэгиттэр талааннаах, төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх патриот киһибит буолар. Ол курдук төрөөбүт дойдутугар куруук кэлэн бэйэтэ айбыт ырыаларын ыллаан, кэнсиэртээн сэргэхситэн барар, араас тэрээһиннэри тэрийэн ыытар, күүс-көмө буолар.

Култуурунай тэрээһиннэргэ наадалаах матырыйааллары, култуура дьиэтигэр, оскуолаҕа үҥкүүһүт оҕолор таҥастарын тигэн куруутун ыытар, дойдутун туһунан билсэ-истэ олорор. Билигин Дьокуускайга “Арчы” духуобунай култуура дьиэтигэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Оһуохай» түмсүүнү салайан үлэлии-хамсыы сылдьар.

Ирина Васильевна улахан кыыһа Оксана Абрамова ийэтин туйаҕын хатаран, Новосибирскайдааҕы хореографическай училищены бүтэрбитэ.

Ирина Васильевна «Айар үлэ умсулҕана» үбүлүөйдээх дьоро киэһэтин үөрүүлээх чааһа үҥкүүһүттэр бөлөхтөрүн “ Хотугулуу” үҥкүүлэринэн арылынна. Ыытааччы — уус-уран салайааччы Мичил Томскай дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллатан, дьоро киэһэбит “буруйдааҕын” сыанаҕа ыҥырда. Манна кинини бииргэ төрөөбүт эдьиийин кырачаан хос сиэнчээнэ Лена уонна кини ийэтэ Ларита Ивановалар ылбаҕай ырыаларынан эҕэрдэлээтилэр. Итиэннэ “Чэлгийэ” дьахталлар ансаамбыллара уонна Мичил Томскай истиҥ ырыаларынан, ону тэҥэ Ирина Васильевна бэйэтэ айбыт: сахабыт дьонун маанылаах аһа — алаадьы туһунан “Күн төгүрүк алаадыта” уонна хотугу кыраай көмүс хатырыктаах чыыр балыгын туһунан “Чыыр балык” ырыаларын кинилиин бииргэ ыллаһан эҕэрдэлээтибит.

Олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Лариса Тоскина истиҥник эҕэрдэлээтэ, сертификат туттарда. Култуура дьиэтин дириэктэрэ Андриян Горохов эҕэрдэ тыллара трио толоруутугар “Култуурабыт үлэһитэ” ырыанан доҕуһуолланна.

75 хаарыгар үктэнэ сылдьар биир дойдулаахпыт, эдьиийбит бэйэтэ ыҥырыылаах ыалдьыттарыгар анаан, сэгэлдьийэ хамсанан “Субуллар суһуох” үҥкүүтүн уонна  дүөгэлэринээн бэйэтин “Оҕо сааһым биһигэ — Туматым” ырыатын бар дьонугар бэлэх уунна.

Тумакка “Айар үлэ умсулҕана” Ирина Абрамова үбүлүөйдээх киэһэтэ буолан ааста

Ыытааччылыын бииргэ сүүрэ сылдьан ыалдьыттарын сырдатан-билиһиннэрэн, көрдөөх оонньуулары оонньотон, култуура эйгэтигэр үлэлээбит уоппутун атастаһан кэпсээн, сынньалаҥҥа ыалдьыттар үҥкүүлээн-битийэн дьоһун-мааны дьоро киэһэ буолла.

Ыҥырыллыбыт ыалдьыттар: аймахтара, тэрилтэ үлэһиттэрэ, үөлээннээхтэрэ, бииргэ алтыһар дьоно кэлэн эҕэрдэ бастыҥын анаатылар, “чэгиэн, доруобай сырыт, өссө даҕаны кэлэн сонун саҥа ырыаларгынан үөрдэргэр, эйиэхэ айымньылаах үлэни баҕарабыт” — диэн алгыс тылларын этэн туран Махтал тылларын биллэрдилэр.

Үбүлүөйдээх киһибитигэр Ирина Васильевнаҕа: «Дьоһун олоххутунан, үтүө санааҕытынан, айымньылаах үлэҕитинэн, биир дойдулаахтаргытыгар сүбэҕит-амаҕыт, өйөбүлгүт иһин махталбыт муҥура суох. Алгыстаах тылларынан арчыланан, сүргэҥ көтөҕүллэн, санааҥ кынаттанан өссө да уһун сылларга дьоҥҥун-сэргэҕин саҥа ырыаларгынан, үрдүк ситиһиилэргинэн үрдүктэн-үрдүккэ дайан үөрдэ-көтүтэ сылдьаргытыгар баҕарабыт. Биһиги эйиигинэн киэн туттабыт, холобур оҥостобут. Эйиэхэ чэгиэн доруобуйаны, айымньылаах үлэҕэр ситиһиилэри, үгүс үөрүүлээх күннэри, өссө да уһун сылларга бу тэтимҥин ыһыктыбакка бар дьонуҥ тапталынан угуттанан үөрэ-көтө сырыт» — диэн айхаллаан туран алгыспытын тиэрдэбит.

  Елизавета Горохова, Тумат н.

 

 

Читайте дальше