Тумакка Аартыка күнүн бэлиэтээтилэр

Тумакка Аартыка күнүн бэлиэтээтилэр

Өрөспүүбүлүкэбит үһүс Ил Дархана Егор Борисов ыйааҕынан Аартыка улуустарын сайыннарар уонна өйүүр инниттэн Сахабыт сиригэр Аартыка күнэ олохтоммута. Уһук Хоту тыйыс усулуобуйалаах дойдуга тулуурдаах, хорсун санаалаах уонна дэгиттэр талааннаах дьоннор олороллор. Киирбэт күннээх сайыннаах, дьүкээбил уоттара сарыаллаах ураты кэрэ  айылҕалаах дойду буолар.

Хараҥа тымныы кыһын ааһан, күн тахсыытын, сандал саас кэлиитин үөрүүтүн үллэстэн Аартыка күнүн бэлиэтээн  «Мэнду, Нюлтан!» диэн тэрээһини Тумаппытыгар аан маҥнай үрдүк хабааннаахтык тэрийэн С.Н. Дьяконов аатынан култуура киинигэр ыыттыбыт.

Ол курдук күнүс 4 чаастан хотугу норуоттар оонньуулара  ыытылынна. Манна: “Үрүҥ ойуун», “Балыксыттар”, “Быаны ыстаныы”, “Хейро” (Күн), “Дорообо, ситэн ыл!” курдук аҕыйах ахсааннаах норуоттар сонун тэтимнээх оонньуулара ыытылыннылар.

Кыттыыны ылбыт дьонтон саамай сымсалара, түргэннэрэ Жанна Горохова муҥутуур кыайыылааҕынан таҕыста. Бары кыттааччылар минньигэс сэмэй бэлэх тутан үөрдүлэр-көттүлэр.

Ону тэҥэ “Хотугу кыраайым” илиинэн тигии уонна оҥоһуктар баай быыстапкалара туруорулунна. Манна Лариса  Тоскина — быысапканан оҥорбут ураты хартыыналара; Яна Томская — уустаан-ураннаан тирии, тыс лоскуйдарынан тикпит көбүөрдэрэ, кыбытык көбүөрдэрэ, сарыы соннор, үтүлүктэр; Римма Томская оҕуруонан чочуйан тикпит сардааналаах, кыталыктаах киэргэллэрэ; Марфа Слепцова “Үс кут” харысхала; Марфа Абрамова дойдубут нарын-намчы талаҕыттан өрбүт «Чүмэчи иһитэ”, “Корзината” уонна “Кытыйата”; Ульяна Слепцова кылтан өрбүт суумката, сэлээппэтэ; Маркел Слепцов мастан кытыйата; Анфиса Голикова  сарыы суумката, табалардаах көбүөрдэрэ; Людмила Емельянова оҕо унтуулара туран кэлбит дьон сэргии-хайгыы көрдүлэр, кыттыылаахтартан сүбэ-ама иһиттилэр.

Араас кыыллар: эһэ, үүс, сиэгэн, саһыл уонна кырса, таба тириилэрдээх, булчут ыттаах, тордохтоох, былыргы иһиттэрдээх «Эвелдэн» хаартыскаҕа түһүүгэ аналлаах муннукка өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түһүү эмиэ сонун көстүү буолан дьон-сэргэ тоҕуоруйа муһунна, фотосессияҕа уочарат буолла.

Мантан киэһэ эмиэ биир ураты хатыламмат “Мэнду, Нюлтан!” сахалыы уонна Аартыкаҕа олорор араас норуоттар ырыалаах, үҥкүүлээх дьоро, баай ис хоһоонноох  киэһэбит саҕаланна.

Ыытааччы – уус-уран салайааччы Мичил Томскай бырааһынньыгы арыйан билиһиннэрдэ, олохтоохтору уонна ыалдьыттары эҕэрдэлээтэ. Кэнсиэрбитин “Эсчимэчэк” эбээннии ырыанан Туяра Бубякина үҥкүүһүт кыргыттарыныын арыйда, өссө кини эбээҥкилии “Гудее Дуннэ» ырыаны бэлэх уунна. Бииртэн биир сонун ырыалар, үҥкүүлэр кэлбит ыалдьыттары сэргэхситтилэр. Кэнсиэртэрбит репертуардара кэҥээн, сахалыы эрэ буолбакка араас хотугу норуот ырыаларын толорууну кыттааччылар баһылаан эрэллэрэ харахха быраҕыллар. Оскуола  оҕолоро: Коля Емельянов «Һээдьэ”, Юнона Слепцова эбээннии  “Нэмсиду” уонна юкагирдыы “Чаҕадаан” ырыалары, Христина Бубякина эбээннии «Аяҥнам”, Мичил Томскай эбээннии “Оһикат” уонна “Хонон ааһый, хоноһо!” ырыаларын бэлэх уунна.

Кэнсиэрбит “арыйыытынан” Павел Винокуров эбээннии “Һээдьэ” ырыата уонна эбээннии “Һээдьэтэ” буолла. Бүтэһиккэ бу «Һээдьэҕэ “ кыттааччылар бары тахсан һээдьэни үҥкүүлээтибит.

Ону сэргэ дьахталлар ансаамбылларын толоруутугар «Маннык сытыы хорсун кыыстыын” уонна “Чэлгийэ” дьахталлар ансаамбылларын толоруутугар “Дьүкээбил” ырыа ылланна, ытыс тыаһа уҕараабата.

Удьуор табаһыт, сыана бэтэрээнэ Маркел Слепцов “Оленегорск һээдьэтин”, ырыаһыт уолбут Алексей Горохов “Тус хоту” ырыалары бар дьонноругар анаатылар. Гульнара Никифорова “Туундара” ырыанан эҕэрдэлээтэ. “Тугутчаан” уһуйаан үҥкүүһүттэрин бөлөҕө эбэҥкилии “Дялан дя”, оттон кыргыттар бөлөхтөрө “Эбээннии” үҥкүүлэри туруоран бэлэхтээтилэр.

Эҕэрдэ тыллары Култуура дьиэтин дириэктэрэ Андриян Горохов уонна улуустааҕы 6 ыҥырыылаах депутаттар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Артем Милютин эттилэр. А. Милютин 11 ыстаада биригэдьииригэр Ким Болтуновка Российскай Федерация тыа хаһаайыстыбатын миниистириттэн Д.Н. Патрушевтан Бочуотунай Грамота уонна Бэлиэни туттарда.

Бу тэрээһиммитигэр күүс-көмө буолбут күндү дьоммутугар, чуолаан  Маркел Слепцовка, Михаил Гороховка, Александра Гороховаҕа, Марфа Слепцоваҕа, Лариса Тоскинаҕа, Рустам Гороховка, Оля Томскаяҕа махтал бастыҥын аныыбыт уонна бары кыттыыны ылбыт дьоммутугар ситиһиилэри, доруобуйаны баҕарабыт. Бары биир сомоҕо буолан түмсүүлээхпитин өссө төгүл көрдөрдүбүт.

Култуура дьиэтэ өссө саҥаттан-саҥа тэрээһиннэри, кэнсиэртэри тэрийэн дьонун-сэргэтин түбүктээх үлэлэрин кэнниттэн сынньатыа-сэргэхситиэ, инникигэ сайдыыга кынаттыа турдаҕа.

Елизавета Горохова, Тумат н.

 

Читайте дальше