«Тиэтэйбит» испиктээк Тумат сыанатыгар

«Тиэтэйбит» испиктээк Тумат сыанатыгар

Сэтинньи 18 күнүгэр С.Н. Дьяконов аатынан “Түмсүү” култуура дьиэтигэр кэрэни кэрэхсиир, саха суруйааччыларын айымньыларын сэргээччи көрөөччүлэр саала толору муһуннулар. Сахалартан бастакы кэмиэдьийэ суруйааччы Николай Денисович Неустроев “Тиэтэйбит” айымньытынан икки көстүүлээх кэмиэдьийэтин уус-уран самодеятельность кыттыылаахтара ый устата үлэ-үөрэх быыһынан бэлэмнэнэн, итэҕэтиилээхтик көрдөрдүлэр-толордулар.

Сүрүн оруолларга саҥа талааннар: Савва Захаров — Омуннаах Уйбаан, Аллаах Алааппыйа -Ульяна Суздалова оонньоон көрдөрдүлэр. Күөс Бүөтүр оруолун — Андриян Горохов, Марыына эмээхсини — Валентина Томская, Огдооччуйаны — Людмила Горохова, Дьукаах дьахтары — Светлана Горохова, Аргыс киһини — Алексей Горохов; оттон оскуола оҕолоро: Хааҕынай Сэмэни — Александр Томскай, Кыра уолу — Эдвард Болтунов, Маарыйаны — Уйгууна Колемова толордулар. Ан. Горохов, В. Томская, Л. Горохова, С. Горохова, А. Горохов “ Көр-нар уопсастыба” драмкуруһуок чилиэннэрэ буолаллар.

Сыананы Андриян Горохов, Галина Томская, Алексей Горохов, Туяра Бубякина киэргэттилэр. Таҥаһы-сабы, малы-иһити Елизавета Горохова, Людмила Горохова, Валентина Томская бэлэмнээтилэр. Артыыстар гримнэрин Ая Горохова, Юлия Горохова оҥордулар. Е. Горохова, У.Суздалова суфлердаатылар. Испиктээҕи уус-уран салайааччы Мичил Томскай туруорда. Манна санатар буоллахха, бу кини иккис туруоруута буолар. Саас, Кыайыы күнүгэр, Николай Лугинов “Нуоралдьыма чараҥа” айымньыта туруоруллубута, көрөөччү биһирэбилин ылбыта.

“Тиэтэйбит“ испиктээк Тумат сыанатыгар аан бастаан туруоруллан көрөөччүлэр күлэн-үөрэн сэҥээрэн, астына-дуоһуйа тарҕастылар, урукку кэмҥэ талааннаах туматтар көрдөрөр, туруорар пьесаларын, сыаҥкаларын санаан ыллылар.

 «Тиэтэйбит» испиктээк Тумат сыанатыгар

Инникитин даҕаны өссө үчүгэй көрдөрүүлэри кэтэһэллэрин биллэрдилэр, махтаннылар. Бары кыттыбыт артыыстарбытыгар инникитин даҕаны талааҥҥыт арыллан, көрөөччүнү сэҥээрдэр, угуйар үлэлэр тахсан истиннэр диэн туран алҕыыбыт. Кинилэргэ уонна күүс-көмө буолбут бары нэһилиэкпит олохтоохторугар махталбытын биллэрэбит.

Тумат култууратын дьиэтигэр өссө даҕаны кэрэхсэнэр, хойутун да кэпсээҥҥэ киирэр айымньылар туруоруллан-көрдөрүллэн иһиэхтэрэ турдаҕа.

                                         Елизавета Горохова, Тумат нэһ.

Читайте дальше