Тапталлаах мин Туматым!

Тапталлаах мин Туматым!

Ахсынньы 9 күнүгэр “Алгыс” кулууп дьиэтигэр биир эмиэ бэлиэ түгэни ахтар-саныыр дьоро киэһэ буолан ааста. Ол курдук Тумаппыт биир талааннаах ыччата, хоһооннор автордара, мелодист, тарбаҕар талааннаах баянист Тимур Михайлович Слепцов төрөөбүтэ 65 сылын бэлиэтээтибит.

Тимур 1958 сыллаахха Евдокия Гаврильевна уонна Михаил Спиридонович Слепцовтар дьиэ кэргэттэригэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Кини кыра сааһыттан ис-иһиттэн ырыаны сөбүлүүрэ, үчүгэй мелодияны умсугуйан туран истэрэ. Ол иһин Тумат, онтон Хаһааччыйа оскуолаларыгар үөрэнэр сылларыгар биир да кэнсиэр кинитэ суох ааспат буолара.

Кини көннөрү эйэҕэһинэн, сэмэй быһыытынан бииргэ үөрэнэр оҕолоругар, учууталларыгар  сөбүлэтэрэ. Оскуола кэнниттэн дойдутун иннигэр ытык иэһин толорон аармыйаҕа сулууспалаан кэлэн, баҕа санаатын ситиһээри, айылҕаттан бэриллибит музыкальнай дьоҕурун сайыннараары Өктөмнөөҕү баянистар куурустарыгар үөрэммитэ.

Кини баяҥҥа оонньооһун, мелодияны айыы кистэлэҥнэригэр оччолорго Саха сирин мелодистарын Ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ Калининскайга уонна Неустроевтар курдук биллиилээх преподавателлэргэ үөрэммитэ быйыл үбүлүөйдээх сыллара буолар. Ол кэмҥэ «Эркээни» үҥкүү ансаамбылыгар кыттан, Саха сирин араас оройуоннарыгар сылдьыталаабыта. Абсолютнай музыкальнай дьоҕурдаах Тимуру учууталлара идэтин сайыннарарыгар салгыы үөрэнэригэр сүбэлээбиттэрэ.

Ол эрээри дьонун, киэҥ туундаратын ахтара бэрдиттэн төрөөбүт Туматыгар кэлбитэ уонна таптыыр идэтинэн үлэлээн, уус-уран самодеятельноһы салайбытынан барбыта. Ити курдук Тимур нэһилиэгин солбуллубат музыканынан буолан дьонугар-сэргэтигэр сөбүлэппитэ.

Үөрэҕин бүтэриэҕиттэн ааспыт сыллар усталарыгар нэһилиэккэ, улууска ыытыллар куонкурустарга, бэстибээллэргэ барыларыгар кыттыбыта. Көннөрү кыттыыны ыларын ааһан, сырыы аайы лауреат, дипломант аатын ылаттыыра. Ол кэмнэргэ маннык талааннаах баянистаах буолан Тумат дьоно-сэргэтэ куруук бастакы, иккис миэстэлэргэ тиксэн,”Туматтар дуо?» диэн аатырдахтара.

Тапталлаах мин Туматым!

Ону таһынан кини дэгиттэр талааннааҕа: хомустуура, сээдьэлиирэ, үҥкүүлүүрэ, сыаҥкаларга оонньуура.Тимур Михайлович үлэлиир сылларыгар талаанын өссө биир өрүтэ арыллыбыта — кини ырыа умсугутуулаах эйгэтигэр бүтүннүү ылларан, аны ырыа, хоһоон айыыннан дьарыктанар буолбута. Ол курдук айар дьоҕурун сайыннаран биир дойдулаахтарын ортотугар мелодист быһыытынан  биллэн барбыта.

Бастаан олохтоох автордар: Слепцов Спиридон тылларыгар “Туматым кыысчаана” уонна бэйэтин тылларыгар “Тапталлаах Туматым” диэн ырыалар мелодияларын айбыта. Ол кэнниттэн Семен Ребров “Дорообо, оскуолам!”, Ульяна Слепцова “Саҥа дьыл” хоһооннорун мелодиялаан дьон таптыыр-сөбүлүүр ырыаларын айбыта. Сорох ырыаларын, хоһооннорун бэйэтэ суруйан, дьоҕурун эбии сайыннарбыта. Ордук «Оҕо сааһым ахтылҕана» диэн ырыата табыллыбыт. Кини ити ырыатын оскуоланы бүтэрбиттэрэ 20 сыла туолуутугар анаан суруйбутун, ол көрсүһүүгэ бэлэх гынан ыллаабытын бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрэ олус сэргии, астына истибиттэрэ.

Ахтыы киэһэтэ кини олоҕун туһунан сырдатыыттан саҕаланна. Манна бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрэ, культура туйгуннара: Марфа Григорьевна Слецова: “Тимур Михайловиһы мин кулууп сэбиэдиссэйинэн үлэлиир кэммэр үлэҕэ ылбытым, элбэх араас тэрээһин көхтөөхтүк бараллара; Севернэйинэн, Нижнеянскайынан, Хаһааччыйаннан гастролларга, оройуон бэстибээллэригэр куруук миэстэлэһэн кэлэрбит”, — диэн ахтар, оттон Мирон Николаевич Константинов: “кини дэгиттэр талааннаах, айылҕаттан слухтаах этэ, саҥа ырыалары урукку магнитофоннарга, радиоҕа иһиттэ да, тутатына баяҥҥа оонньуура, булка сылдьан асчыт бэрдэ этэ”, — диэн аҕынна; мүччүргэннээх, көрүдьүөс да түгэннэри кэпсээтэ.

Эдьиийэ Ольга Спиридоновна маннык түгэни өйдөөн хаалбытын кэпсээтэ: “Хаһааччыйаттан кэлбиппэр, аҕата Михаил Спиридонович Тимур талаанын таба көрөн баян атыылаһан аҕалбытын кэпсээтэ уонна аҕыс саастаах Тимуру олоппоско олордон баран баянын туттарда, оҕото олордоҕуна харахтара эрэ көстөн олорон оонньообутунан барда, ол курдук кыракый сааһыттан талаана биллибитэ”.

Бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрэ Александра, Даниил кэлэн оҕо саастарын, көрсүһүүлэри ахтан-санаан аастылар, бииргэ төрөөбүт балтыта — «Тугутчаан» уһуйааҥҥа өр сылларга үлэлээбит Раиса Михайловна: “Тимур эйэҕэс майгылаах убаай этэ, кини ханна да үлэлээтин (ЖКХ-ҕа, кулуупка, оскуолаҕа) куруук эппиэтинэстээх буолара” диэн, оттон тастыҥ балта — оскуола учуутала Людмила Николаевна: «Тимур Михайлович ырыа учууталынан оскуолаҕа үлэлээбит кэмнэригэр оҕо барыта ыллыыр буолбута” — диэн санаан-ахтан аастылар.

Нэһилиэкпит биир эмиэ талааннаах дьоно, үлэ бэтэрээннэрэ: Ульяна Егоровна Слепцова кэргэнин — тыа хаһаайыстыбатын уонна сыана бэтэрээннэрэ Маркел Ивановичтыын кэлэн ыалдьыттаатылар. Олохтоох хоһоон айааччы, мэдиссиинэ бэтэрээнэ Ульяна Егоровна маннык ахтан-санаан ааста: “25 сыллааҕыта Саҥа дьыл иннинэ, Саҥа дьылга анаан хоһоон сакаастаата уонна түргэн баҕайытык ырыа гынан ыллаата, оннук түргэн-тарҕан, талааннаах этэ” — диэн.

Тапталлаах мин Туматым!

Бу киэһэ кини куруук ылланар ырыалара ылланнылар, сылаас истиҥ тыллар этилиннилэр, бары кэлбит дьон истиҥник санаан-ахтан аастылар. Ону тэҥэ эдэр кэнчээри ыччаттарбыт — оскуолабыт улахан кылааһын оҕолоро кэлэн кыттан, нэһилиэкпит биллэр-көстөр дьонун туһунан саҥаны истэн, билэн-көрөн бардылар.

Онно эбии аймахтарын кытта киниэхэ аналлаах олоҕун, үлэтин уонна дьиэ кэргэнин сырдатар хаартысканан истиэндэ оҥордубут. Ахтан-санаан кэлбит дьоммут истиэндэ көрөн, ирэ-хоро кэпсэтэн  аастылар, инники тэрээһиҥҥэ бэлэмнэниини торумнаатыбыт. Итии-сылаас дьиэҕэ ирэ-хоро кэпсэтэн, Тимур Слепцов талааныгар сүгүрүйээччилэр, ырыа-хоһоон сэргээччилэр истиҥ Ахтыы киэһэтигэр кэлэн кэпсэтэн, ол саҕанааҕы кэмнэри санаан аастыбыт. Инникитин даҕаны маннык дьоро истиҥ киэһэлэр, көрсүһүүлэр салҕана туруохтара.

Тумаппыт талааннаах ыччата, киэн туттар киһибит амарах аҕа, тапталлаах  кэргэн этэ. Иккис кэргэнэ — үөрэҕирии туйгуна Валентина Иннокентьевналыын саҥа дьиэ туттан, 15 сыл эйэ-дэмнээхтик олорон ааспыттара. Кини олоҕун салҕыыр үс кыыстаах; үс уол уонна биэс кыыс сиэннэрдээх. Билигин бары тарҕанан Иркутскайынан, Москванан, Дьокуускайынан олороллор. Чаҕылхай талаанын батан хоһоон-ырыа да суруйар, ыллыыр талааннаах оҕолордоох, сиэннэрдээх.

Ахтыы киэһэтигэр кэлэн кыттыыны ылбыт оҕолорбутугар, бар дьоммутугар махтанан туран ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны, элбэх үөрүүлээх күннэри баҕарабын.

Тимур Михайлович Слепцов айан хаалларбыт ырыалара тыыннаахтар, уостан түспэккэ ыллана тураллара биир дойдулаахтарын харыс үрдэтэр, дойдуга тапталга ыҥырар. Ыстатыйаны кини «Тапталлаах мин Туматым!” хоһоонун тылларынан түмүктүүбүн.

Оо, Тумат — мин дойдум!

Оо, Тумат — мин дьолум!

Тапталлаах мин Туматым!

Сайдар- үүнэр кэскиллээх!…

Елизавета Горохова

Читайте дальше