Атырдьах ыйа маҥнайгы күнэрэ быйыл Саха дьонугар күүппэтэх өттүбүтүттэн ыарахан кутурҕаннаах сонуну аҕалта — Саха Республикатын маҥнайгы Президенэ, саҥа олоххо сайдыыбытын түстүүргэ ананан кэлбит чулуу киһибит Михаил Ефимович Николаев күн сириттэн барбытын туһунан… Бу сонуну маҥнай утаа итэҕэйиэх санаабыт суох этэ. Михаил Ефимович биһиги олохпут быстыбат сорҕото, бу өтөргө дылы телевизорга сүбэлии-амалыы, үөрэтэ, кэпсии олороро өйбүтүгэр-санаабытыгар субу баара. Биир үксүн кини мин киһи буолан үлэлээбит олоҕум устата олох чугастык да буолбатар билэр, хаста эмэ көрсүбүт, илии тутуһан дорооболоспут, кини сүбэтин-аматын ылбыт киһи буоламмын улаханнык убаастыыр, Саха дьолугар үрдүкү салайар дуоһунаска үлэлээбит киһинэн ааҕарым.
1968 сыллаахха Ыччат Бүтүн Союзтааҕы Ленинскэй Коммунистическай Союһа тэриллибитэ 50-н сыллаах юбилейын бэлиэтиир Саха Республикатын ыччаттарын фестивалыгар Дьокуускайга Усуйаана оройуонун ыччаттарын делегациятын салайан 50 киһини аҕалтым. Оччолорго комсомол обкомун секретара Соломов Н.И. этэ. Бу республиканскай тэрээһиҥҥэ Комсомол райкомун секретардара бэйэ-бэйэбитин кытта билсэн, фестиваль, сүбэ мунньахтар, үлэбит- харабыт туһунан сүбэлэспиппит. Онно мин аан бастаан Михаил Ефимабыһы кытта көрсүбүтүм. Ыраах Усуйаана оройуонун уола, куоракка кэлэн улахан түмсүүгэ аан маҥнай кытта кэлэн көрдөхпүнэ делегация салайааччылара бары дуоспуруннаах баҕайы, миэхэ тэҥэ суох саастаах дьон курдуктара. Биир түгэҥҥэ Соломовы кытта көрсүһүү кэнниттэн көрүдүөргэ Булун оройуонун делегациятын салайааччы Артур Чилингаровы кытта хонор сирбитигэр — 5-с оскуолаҕа барар автобус туһунан кэпсэтэ турдахпытына, Дьокуускай куорат комсомольскай тэрилтэтин секретарэ Михаил Николаев кэлэн дорооболосто. Оччолортон сүрдээх дуоспурунаах, нууччалыы дьүһүннээх (мин олох да нуучча уола дии санаабытым) бастаан Чилингарабы кытта Булуннар туһунан ыйыталаста, онтон уу сахалыы саҥаран миигиттэн Усуйаана оройуона төһө ыраах баарын, ыччаттарбыт эҥин туһунан кэпсэттибит. Оччолорго Усуйаана оройуона саҥа тэриллибит, сорох дьон истибэтэх да оройуоннара этэ. Михаил Ефимович киһи биирдэ көрүстэҕинэ, кэпсэттэҕинэ умнубакка өйдөөн хаалар киһитэ эбит этэ. Бу кэнниттэн Советскай Союз силигирии сайдыбыт, социализм өрөгөйдөөн турар кэмэ этэ. Усуйаана улууһа промышленность, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар Республикаҕа биир бастыҥ оройуоннар ахсааннарыгар киирэн, 1980 сыллар бүтүүлэригэр 4 Социалистическай үлэ Геройдаах улууһу Саха Республикатын хайа баҕарар муннугар билэр буолбуттара. Михаил Ефимович тыа хаһаайыстыбатын министиринэн үлэлии сылдьан Усуйаана улууһугар кэлэ сылдьыбыта. Ол кэмҥэ Усуйаана совхоз директорынан Владимир Афанасьевич Григорьев совхоз директорынан үлэлиирэ. Манна Усуйаана совхоз бу 80-с сылларга үлэтин-хамнаһын ахтан ааһар тоҕоостоох. Оччолорго төһө да хоту сир айылҕата, ардаҕа, хаара мэһэйдээтэр, туундара хойуу ото инчэҕэй, уулаах сыһыыларга үүнэр да буоллар, син саха сирин хайа баҕарар улууһугар курдук сылын аайы оттооһун ыытыллан, совхоз түөрт отделениятыгар 130 ынах сүөһү, 120 сылгы иитиллэн турара. Совхоз кэмигэр дьиэ табатын ахсаана 20 тыһыынчаҕа тиийэ сылдьыбыта. Ол гынан баран промышленность күн-түүн таба аһылыга баар сирдэрин улам үтүрүйэн иһэрин учуоттаан, совхоз хамнаабат табатын ахсаанын сылын аайы 15 тыһыынчанан тохсунньу маҥнайгы күнүгэр хаалларан иитэр буолбута. Совхоз дьиэ табатын этин сылга ортотунан 325 тоннаны, үүтү 80 тн туттарара. Маны таһынан 400-чэ тонна дьиикэй кыыл таба этин, сылын аайы 350-400 тонна балык, 2000 үрүҥ кырса бултанан государствоҕа туттарыллар этэ. Маннык балаһыанньалаах үлэлии-хамныы олорор совхозка Михаил Ефимович билсэ кэлтэ мээнэҕэ буолбатаҕа чахчы. Манна мин Михаил Ефимович кэлиитигэр көрсүһүү биир түбэлтэтин ахтан ааһыахпын баҕарабын. Директорбыт В.А.Григорьев машинанан командировкаҕа баран турар кэмэ этэ. Биһиги- специалистар Михаил Ефимович биһиэхэ иһэрин истэн баран зимнигинэн машина тиийэн кэлэрин кэтэһэн директор кабинетыгар мустан олорон, киэһэ уон чааска диэри кэтэстибит. Мин оччолорго Усуйаана совхоз киин отделениятын управляющайа этим. Ол иһин буолуо, көрсүһүүнү тэрийии, совхоз директэрэ кэлиэр диэри специалистара билсиһиннэрии, үлэ-хамнас туһунан кэпсэтиини ыыта турааһын соруктаах этим.
Специалистэр күнү быһа үлэлээбит буолан, уонна ол министр кэллэҕинэ төһө өр буолаллара биллибэт буолан дьиэҕэ баран чаас аҥаара аһаан кэлиэххэ диэн тарҕаспыттара. Мин соҕотоҕун хаалан телефону маныы олордохпуна, Михаил Ефимовичтаах тиийэн кэлбиттэрэ.
Михаил Ефимович киирэн дорооболоһон, билсэн баран миигиттэн ыйытта: «Хайа доҕор, специалистарыҥ ханналарый?» — диэн. Мин көнөтүнэн дьиэлэригэр аһыы барбыттара, сибилигин бары мустуохтара диэн быһаардым. Онуоха Михаил Ефимович бэрт холку куолаһынан: «Оттон доҕор, табаһыттаргыт хас чаас үлэлииллэрий?» — диэн соһутта.
Бу боппуруос биирдэ кэлбит миниистэргитин тоҕо көрсүбэккэ тарҕастылар, аҕыйах чааһы тулуйбатылар диэн өйдөөтүм. Итинник Михаил Ефимович кэмигэр элбэх тыла суох ис санаатын киһиэхэ тиийэр, өйдөнөр гына, туох да кыыһырыыта, быһаара сатааһына суох тиэрдэр эбит этэ. Сотору специалистар мустубуттара, саҥа специалистары кытта билсэн сэһэргэһэн эрдэхпитинэ, директорбыт машинанан тиийэн кэлбитэ. Бу иннинэ биһиги совхозпутугар табаһыттар үлэлэрин, олохторун-дьаһахтарын көннөрөр сыалтан директорбыт Григорьев совхозка «Табаһыт сыла» диэн биллэрэн тыа хаһаайыстыбатын специалистэрэ сыал-сорук туруорунан үлэлии-хамныы сылдьаллара.
Михаил Ефимович дирекция, управляющайдар, главнай зоотехник, ветврач, таба иитиитинэн дьарыктанар отдел үлэһиттэрин үлэлэрин, табаһыт сылыгар туһаайыллыбыт былааннарын, дьаһалларын кытта билсибитэ.
Бу Усуйаана совхозка сылдьан баран Тыа хаһаайыстыбатын министерствотыгар тиийэн баран Республика үрдүнэн Табаһыт сылын биллэрбитэ уонна онно сөптөөх дьаһаллар ылыллыбыттара. Уопсайынан Михаил Ефимович инники өтө көрөр дьоҕурун сөҕөбүт. Кини Саха республикатын маҥнайгы президенинэн быыбарданыаҕыттан Арктика дьонун олоҕун улахан болҕомтоҕо ылта.
Михаил Ефимович биһиги Сахабыт сирин инники сайдыыта Арктика регионыгар ыытыллар Россия уонна аан дойду Арктическай государстволарын сыһыаннарыттан улахан тутулуктааҕын ыйбыта. 1993 сыллаахха буолуталаабыт хоту норуоттар Конгресстарыгар уонна норуоттар аан дойдутааҕы Хотугу форум делегацияларын баһылыктара көрсүһүүлэригэр Николаев Хоту сир дьонун олохторугар туһаайан этиилэригэр сибилигин Россияҕа В.В.Путин Арктика бопуруостарыгар ылыммыт уураахтарыгар сөп түбэһэллэр. Хотугу муора суола сайдыыта билигин аан дойдуга улахан суолталаах. Михаил Ефимович бу боппуруоһу олоҕун устата бэйэтин хараҕын далыттан ыһыктыбатаҕа. Кини ыстатыйаларыгар, элбэх аан дойдуга таһымнаах көрсүһүүлэргэ Арктикаҕа болҕомто ууруу боппуруоһа ахтыллара. Арктика олохтоохторун өйүүр, кинилэр олорор үлэлиир сирдэрин суолтатын өйдөтөр сыалтан Саха сиригэр Николаев президенниир кэмигэр «Дни Арктики» диэн республиканскай мунньахтар, көрсүһүүлэр ыытыллар буолтара. Манна табаһыттар, хоту булчуттар, уонна да атын хоту ыарахан усулуобуйаҕа олорор, үлэлиир дьон Дьокуускайга мустан олох-дьаһах, үлэ-хамнас туһунан санааларын атастаһан, сэргэхсийэн бараллара. Үлэ киһитигэр кыра да болҕомто наада. Хоту дьон куоракка кэлэн президеннэрин кытта көрсөн, бэйэлэрин кыһалҕаларын, ситиһиилэрин кэпсээн, кини ыллыктаах этиилэрин истэн, санаалара көтөҕүллэн тиийэн дьонноругар, сэргэлэригэр кэпсээн оҥостоллоро. Көрсүһүүлэргэ табаһыттар, булчуттар наҕараада тутан, булт саатын Президент дьаһалынан ылан үөрэн-көтөн тарҕаһан турардаахтар. Эмиэ бу мустууга Тумат совхоз биллиилээх табаһыта К.Н.Филипповка Таба иитиитигэр Государственнай бириэмийэ лауреатын үрдүк аата иҥэриллибитэ, кэлин кини Саха Республикатын бочуоттаах олохтооҕо аакка тиксибитэ. Бу иннинэ хоту олохтоохтор Михаил Ефимовичка хаһан да умнуллубат махталлара 90-нус ыарахан сылларга таба иитиитигэр, бултка государство өттүттэн хамнас да, атын көмө да суох бириэмэтигэр президент дьаһалынан хоту табаһыттарга, булчуттарга ыйга 5000 солкуобай сууммалаах талон босхо бэриллэн, хоту дьон олохторугар улахан көмө буолбута. Маны таһынан Президент, Саха республикатын правительствотын дьаһалынан хас биирдии общинаҕа кыыл табаны бултуурга лицензия заявка быһыытынан сылын ахсын горючай миэстэтигэр тиэрдиллэн биэрэрэ хааччыллыбыта. Ити курдук саамай ыарахан кэмҥэ үлэлииргэ усулуобуйа оҥоһуллар этэ. Михаил Ефимович Саха норуота саамай ыарахан 90-с сылларыгар, Россияҕа 1917 сыллар кэннилэриттэн Саха норуотун чулуу уолаттара М.К.Аммосов, П.А.Ойунускай. И.Барахов уо.д.а.курдук, Саха норуотун дьолугар Аар айыылартан ананан кэлбит киһи диэххэ сөп.
Семен Слепцов-Тумат Уола, Усуйаана улууһа Атырдьах ыйа, 2023 с.