«Сааскы бэлэх» Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр

Муус устар 27 күнэ — тапталлаах Өрөспүүбүлүкэбит күнэ биһиги Тумаппытыгар хаһан да буоларын курдук өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста. Ол курдук киэһэ 7 чаастан “Сааскы бэлэх” улахан эҕэрдэ кэнсиэргэ олохтоохтор уонна ыалдьыттар “Түмсүү” култуура дьиэтигэр саала толору муһуннулар.

Кэнсиэрбит сүрүнэ, кулун тутар 24-30 күннэригэр улуус устун гастролунан көрдөрүллүбүт, улуус олохтоохторун биһирэммит нүөмэрдэртэн көрдөрүлүннэ (Тумат көрөөччүлэрэ бу гастролга турбут кэнсиэри, талыллыбыт нүөмэрдэри саҥа көрдүлэр). Истиҥ дьоро киэһэҕэ саҥа талааннары, «арыйыылары» көрөн муусука алыбар ыллардылар, дуоһуйа күллүлэр.

Санатар буоллахха, маннык “Сааскы бэлэх” диэн улахан кэнсиэртэр улууспут киинигэр Депутатскайга, Хаһааччыйа уонна Усуйаана нэһилиэктэригэр туруоруллан дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыттара.

15 киһиттэн састааптаах гастрольнай тур кэнсиэригэр Тумаппыт талааннаах дьоно, эдэр ыччата — уус-уран самодеятельность кыттыылаахтара уонна “Көр-нар уопсастыба” мини-театр артыыстара кыттыыны ылбыттара.

Хас нэһилиэк аайы саала толору сэргэх, «тыыннаах» көрөөччүлэрдээх ааспыта. Манна улууспут дьаһалтатын баһылыга Валерий Сидорин, улуус баһылыгын солбуйааччылара Сергей Игнатьев, Нюргуяна Босикова  быһаччы кыттыыны ылан өйөбүллэрэ улахан. Кыттааччылар Ми-8 бөртөлүөтүнэн көтөн, вахтовканан айаннаан улуус олохтоохторугар умнуллубат кэнсиэри көрдөрөн, кэрэ түгэннэр буолан аастылар.

Кэнсиэр репертуарын эрдэттэн бэлэмнээн, кыттааччылары сөпкө сүүмэрдээн, сыанаҕа туттууну уонна таҥастарыгар тиийэ учуоттаан, иилээн — салайан ыыппыта култуура дьиэтин уус-уран салайааччыта Мичил Томскай. Талааннаах оҕолорбут, дьоммут ылбаҕай ырыаларынан, имигэс үҥкүүлэринэн көрөөччү кутун-сүрүн туппуттара, оттон “Көр-нар уопсастыба” артыыстара (салайааччы Андриян Горохов)  көрүдьүөс, сэргэх, сонун сыаҥкаларынан, пародияларынан көрөөччү махтал истиҥ тылларын туппуттара, быара суох күллэрбиттэрэ. Хас биирдии нэһилиэккэ култуура үлэһиттэрэ алаадьылаах, итии чээйдээх сандалы остуол тэрийэн айан дьонугар күүс-көмө, өйөбүл буолбуттара.

Ону таһынан кэнсиэрбит иннинээҕи күнүгэр улуустааҕы киин бибилэтиэкэ иһинэн тэриллибит кыраайы үөрэтэр Түмэлгэ гастрол кыттыылаахтара улууспутун уонна улууспут киинэ Депутатскай бастакы күннэрин кэпсиир олус интэриэһинэй, сэдэх хаартыскалары, экспонаттары көрөн-билэн аастыбыт, элбэҕи биллибит. Маннык кэрэ-бэлиэ тэрилтэ баара наһаа кэрэхсэбиллээх.

Түмэлгэ сырытыннарбыт, умсугутуулаахтык кэпсээбит бибилэтиэкэ үлэһиттэригэр: Матрена Кардашевскаяҕа, Снежана Егороваҕа уонна бары коллегаларбытыгар махталбытын тиэрдэбит, өссө да  сайда туруҥ, үлэҕит таһаарыылаах буоллун диэн алҕыыбыт. Депутатскайга кэнсиэрбит биир күн иннинэ инбэлииттэр интэринээт дьиэлэригэр ыалдьыттаан кэнсиэр көрдөрөн сэргэхситэн аастыбыт, махтал тылларын иһиттибит.

Улуус устун гастролбутугар күүс-көмө буолбут дьоммутугар барыларыгар, биир идэлээхтэрбитигэр, истиҥ — иһирэх көрөөччүлэрбитигэр — «сүгүрүйээччилэрбитигэр», транспорынан хааччыйбыт Сарыал Егоровка, бары кыттыыны ылбыт талааннаах дьоммутугар, актыбыыстарбытыгар махтал тылларын аныыбыт.

Кэрэни кэрэхсээҥ, ырыа-тойук аргыстаах чөл олохтонуҥ, чэгиэн сылдьыҥ. Сааскы сылаас күннэр мэлдьи үчүгэйи эрэ түстээтиннэр, кэрэ түгэннэри бэлэхтээтиннэр.

                                                    Елизавета Горохова, Тумат н.

 

Читайте дальше